Дьаарханнааҕы үүт собуотун бородууксуйата улуус дьонугар-сэргэтигэр биллибитэ балачча буолла. Билигин үлэлии олорор улуус тэриллиилээх хаһаайыстыбаларыттан бастакынан 2000 с. переработка сыаҕын аһан үлэлиэхтэриттэн элбэх сыллар-күннэр аастылар. Бүгүҥҥү хаһыаппыт нүөмэрин дьоруойунан 44 сыл үлэ ыстаастаах Никифорова Наталья Гаврильевна буолар. Бу уһун кэм устатыгар үлэлээбит тэрилтэлэрэ сайдарын, дьон күннээҕи остуолугар хаачыстыбалаах үүт аһылык тиийэрин туһугар олоҕун үтүө сылларын анаан, элбэх күүһүн-сыратын ууран кэллэ.
«Мин 1979 с. Ньурбатааҕы мясокомбинакка оробуочайынан үлэлии киирбитим, — диэн кэпсээнин саҕалыыр кини. — Ол күһүнүгэр Дьокуускайга маастардар уонна лабораннар оскуолаларыгар 1 сыллаах үөрэххэ ыыппыттара. Кэлэн Ньурба собуотугар быраактыкаламмытым, онтон Күндээдэҕэ үлэлэтэ ыыппыттара. Эһиилигэр «эдэр киһи Маалыкайга үлэлии бар» диэбиттэрэ. Онно үүт собуотугар 6 сыл үлэлээбитим. Онно кэргэннэммитим, улахан кыыһым Маалыкайга төрөөбүтэ. Дьаархаҥҥа аҕам соҕотоҕун хаалбытыгар, дойдубар көһөн кэлбитим. Ити сыл иккис оҕобун төрөөбүтүм кэннэ, «үлэлиир киһи суох, тахсан үлэлээ» диэн үлэбэр ыҥырбыттара. Инньэ гынан 1986 сылтан билиҥҥэ диэри дойдубар Дьаархаҥҥа үүт собуотугар үлэлии сылдьабын.
— Наталья Гаврильевна, үлэ мындырыгар такайбыт настаабынньыккынан кими ааттыыгын?
— Маалыкайга үлэлээбиппин олус истиҥник саныыбын. Улахан кэлэктиип этэ, наһаа үчүгэйдик үлэлээбиппит. Үүт-ас даҕаны элбэҕэ. Настаабынньыгым баай уопуттаах Лазарева Дария Николаевна этэ. Эдэр киһини миигин кини үлэ мындырдарыгар үөрэппитэ-такайбыта, киһиэхэ үөрэнэммин үлэбин сөбүлүүр буолбутум.
— Үлэҥ туһунан.
— Сопхуос саҕана элбэх үүт киирэрэ. Дьаархаҥҥа сайыҥҥы кэмҥэ күннээҕи үүппүт 3 т тахса этэ. Барыта сопхуос эрэ үүтэ буолара, кэтэх хаһаайыстыбалар туттарбаттар этэ. Дьон даҕаны оччолорго олус баҕаран туран үлэлиирэ. Молоковоз чопчу кэмигэр кэлэрэ-барара, үлэ тэрээһинэ отой чуолкай этэ. Киирбит үүтү соҕотоҕун эрийэн сүөгэйдиирим, миэхэ оробуочайдарым көмөлөһөллөрө. Ол сүөгэйбитин Ньурбаҕа собуокка арыылата киллэрэллэрэ. Онон улахан тосту уларый ыылардаах 90-с сылларга коллективнай предприятие иһинэн үлэлээбиппит.
2000 с. Н.И.Андреев иилээн-саҕалаан «Дьулуур» потребительскэй кэпэрэтиип буолбуппут. Ньурба улууһугар бастакы переработка этибит. 3-4 буолан ас арааһын оҥорорбут: суорат, йогурт, творог, үүт, арыы. Николай Ивановиһы кытта бииргэ үлэлээбиппиттэн улаханнык астынабын, кинини улаханнык убаастыыбын. Элбэх саҥа оборудование ылыллыбыта. Светлана Борисовна Андреева Москваҕа баран үүт бакыаттыыр тэрили бэйэтэ тиэйэн аҕалбыта. Оннук үлэлиир баҕа баһаама. Тэрилтэбит улууска киэҥник биллибитэ, үүппүт «Саха сирин 100 бастыҥ табаара» диэҥҥэ киирэн дипломунан бэлиэтэммитэ. Үчүгэй баҕайы дьиэлээх этибит. Хомойуох иһин, дьиэбит уонна оборудованиебыт барыта 2011 с. баһаарга умайан хаалбыта.
— Онтон аҕыйах сыллааҕыта ТХМ бырагырааматынан нэһилиэк салалтата саҥа диэ туттаран, онно киирэн ньиргиччи үлэлээн испиккит дии.
— Улахан саҥа дьиэҕэ үлэлиир — мин саамай улахан баҕам этэ. Нэһилиэкпитигэр «ВилМар» диэн соҕотуопка тэрилтэтин тэрийбиттэрэ, «онно үлэлиигит» диэтилэр. Ээ, биһиги үөрүүнэн үлэлээн буоллаҕа. Саҥа үүт собуота тутуллубута. Бастаан киирэргэ сырдыга, улахана астык этэ. Астынным-үөрдүм аҕай: элбэх саҥа оборудование, туох барыта ситэри-хотору. Бары да дьулуйан туран үлэлээбиппит. Сыры кытта оҥорор этибит. Онтон 2020 сылтан дьиэбит туруга мөлтөөн барбыта, киһи үлэлиир да настарыанньата түһэрэ. Ол үрдүнэн төһө кыалларынан үлэлээн бөҕө буоллахпыт дии. Дьиэбит аварийнай туруктанан сууллаары гынна диэн ыксаан, «Дьулуур» кэпэрэтиип дьиэтигэр 1 сыл арендалаан олорбуппут. Онтон быйылгыттан «Дьулуур» переработка буолла. Аны ити дьиэбит өрөмүөннэниэхтээх диэн кэтэһиннэрэллэр да, кыайан быһаарыллан испэт. Инньэ гынан бу кыараҕас баҕайы дьиэҕэ үлэлии олоробут.
— Эн үлэҥ күнэ хайдах ааһарый, эбээһинэстэргэр туох киирэрий?
— Сарсыарда 6 ч. 30 м. дьиэбититтэн тахсан, манна кэлэн сынньана түһэн баран 7-тэн ньиргиэрдээх үлэ саҕаланар, бородууксуйабытын бэлэмниибит. Массыынабыт 8 ч. кэлэн барар, онтон дьэ үүттэрбитин тутабыт, эрийэбит, астыыбыт. Биһиэхэ барыта электричество күүһүнэн үлэлиир буолбатах, онон эбиэт диэкки бүтэбит, ардыгар күнүс 2 чааска. Өрөбүлгэ массыына Ньурбаҕа киирбэт буолан, субуотаҕа үүтү эрийэбит эрэ, онон ити күн эрэ эрдэ бүтэбит.
Мин эбээһинэспэр барыта киирэр курдук. Биһиги туһунан хаһаайыстыба курдук үлэлии олоробут, туох эмэ алдьаннаҕына чааһын бэйэбит булунабыт. Сапчааһы куораттан оҕолорбунан ылларан ыыттарабын. Хата, Ярослав Иванович Конощук абырыыр, сээкэйбитин барытын оҥорон биэрэр. Быйыл уоппутугар сатаммакка, холодильниктарбыт эҥин умайдылар. Онон уокка саахал тахсыыта биһиэхэ элбэх кыһалҕаны үөскэтэр.
— Эн салайар буунуҥ хас үлэһиттээҕий?.
— Бастайааннай үлэһиттэр 5-пит: мин, лаборант, оробуочай, бэрэдэбиэс уонна харабынай. Сайыҥҥы кэмҥэ оҕолору ылан үлэлэтэбит. Устудьуоннар үлэлээн абырыыллар. Билигин Христина Терентьева уонна Василий Софронов үөрэхтэригэр бардахтарына эмиэ үһүөйэҕин эрэ хаалабыт. Лаборант Терентьева Альбина Григорьевна үлэлээбитэ 20-чэ сыл буолла, бу иннинэ оробуочайдыы сылдьыбыта, онон саҕаланыаҕыттан үүккэ үлэлээн кэллэ. Иванов Кэнчээри Николаевич эмиэ олохтоох уол, көрө сылдьан кыра алдьаныы буоллаҕына оҥорон кэбиһэр. Оробуочай эҥин диэн хайдыспаппыт, барытын бииргэ көмөлөөн үлэлиибит. Оннук эрэ үлэлээтэхпитинэ сатанар.
— Дьон үүтүн төһө туттарарый? Тугу уонна төһөнү астаан таһаараҕытый?
— «Саһарҕа» ХЭТ уонна 4 бааһынай хаһаайыстыба: Галактион Прокопьев, Алексей Васильев, Спартак Федоров уонна Александр Федоров үүттэрин тута олоробут. Күҥҥэ ардыгар 1 туоннаттан ордук үүт киирэр. Үүт былырыыҥҥытааҕар төһө эмэ элбэх. Бааһынай хаһаайыстыбалар ынахтарын уларытан, атыылаһан хаан уларытыыта баран, үүттэрэ элбэх. Саамай элбэҕи – күҥҥэ 300-тэн тахса кг Галактион Прокопьев туттарар, атыттар киэннэрэ 200-тэн тахса, 300-чэ кг буолар.
Үүтү оргутабыт, сүөгэйдиибит, суораттыыбыт. Йогурт, творог оҥоруохпутун усулуобуйабыт суох. Манна эргэ кыараҕас дьиэҕэ көҥүллэммэт, улахан дьиэбит өрөмүөннэнэн онно тахсарбыт буоллар, уруккубут курдук астыа этибит.
— Эн үлэҕин туоҕун иһин сөбүлүгүнүй?
— Үлэм олус интэриэһинэй. Үүт аһылык хаачыстыбалаахтык астанан, дьоҥҥо күннээҕи остуолугар тиийэр диэн астынабын. Ис дууһабытыттан кыһаллан үлэлиир буоламмыт, аһылыкпыт сатанар. Дьон биһириир. Онон үлэбин сөбүлүүбүн.
Өссө технологтааҕым буоллар, ону-маны сонун аһылыгы айыахпын наһаа баҕарарым. Холобура, сыворотканан творог оҥорорбут саҕана, сыворотканан «Милкис» курдук утах оҥоруохпун баҕарар этим. Технолога суох буоламмыт, оннук оҥорор бырааппыт суох. Онон айыахпын-тутуохпун улаханнык баҕарабын да кыаллыбат.
Сааһырдым, сөбүн үлэлээтим, онон эдэр кэскиллээх кыыс кэллэҕинэ сыл курдук үөрэтэн-такайан баран, эрэллээх илиигэ хаалларан уурайыам этэ диэн толкуйдаахпын. Билигин быраҕан кэбиһэн баран тахсан барыахпын санаам буолбат. Аны биһиэхэ үөрэхтээх эҥин үлэһиттэр кэлбэттэр, тоҕотун билбэтим, үлэһиттэри көрдөһөбүт дииллэр.
— Наталья Гаврильевна, биир идэлээх эдэр дьоҥҥо тугу этиэххин баҕараҕыный?
— Кылаабынайа – идэни таба тайаныахха наада. Киһи талан ылбыт идэтин сөбүлүүр буоллаҕына биирдэ үчүгэйдик үлэлиир диэн өйдөбүллээхпин. Итиэннэ сүрүнэ– үөрэниэххэ наада. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ оҕолорго үөрэх хайаан даҕаны наада. Дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах, үчүгэй үлэһит буолуохтарын баҕарабын.
Итинэн 40-тан тахса сыл ыстаастаах үүт маастара Наталья Никифорованы кытта кэпсэтиим түмүктэннэ. Үйэтин тухары үлэни өрө туппут Наталья Гаврильевна тус олоҕор эмиэ баай: 4 оҕолоох уонна 7 сиэннээх. Оҕолоро бары улаатан, үөрэхтээх-үлэһит дьон буоллулар. Улахан уола Гаврил Никифоров Физкултуурунай институту бүтэрбитэ, билигин МЧС-ка баһаарынай чааска үлэлиир. Улууска биллэр спортсмен, мас тардыһыытыгар Майаҕа буолбут Манчаары Оонньууларын призера. Улахан кыыһа Ньургуйаана бухгалтер үөрэхтээх, Дьокуускайга ДЖО (Дьиэҕэ-уокка сыһыаннаһыыларга департамент) үлэһитэ. Кыра кыыһа, эбэтин аатынан ааттаммыт Ксения иистэнньэҥ идэлээх. Кыра уола Николай идэтинэн сыбаарсык, «ОДьКХ» ГУП филиалыгар үлэлиир. Оҕо сылдьан тустуунан дьарыктаммыта, оҕолорго Арассыыйа күрэхтэһиитин призера. 3 улахаттара бары ыаллар, ыал аҕата, ийэлэрэ.
«Оҕолорум тустарыгар, кинилэр үөрэнэн үлэһит дьону буоллуннар диэн үлэлээн-хамсаан сырыттым. Хата, ол баҕа санаам барыта туолла, онтон мин олус астынабын, үөрэбин», — диэн Наталья Гаврильевна түмүк санаатын үллэстэр.
Геннадий АНТОНОВ.