Эдэр учуутал саҥа дьиэ күлүүһүн тутта

Саҥа дьиэ күлүүһүн туппут Нарыйа Васильева, алын сүһүөх кылаас учуутала: «Былырыын үөрэхпин бүтэрэн кэлэн Сүлэ оскуолатыгар үлэлии сылдьабын. Кэргэним ОДьКХ үлэлиир, балтараалаах кыыстахпыт. Бу биһиги бастакы дьиэбит буолар, олус үөрэбит уонна долгуйабыт. Үөрэхпин бүтэрээт, дьоммуттан чугас буолаары төрөөбүт улууспар үлэлии кэлбитим.

Улууспут салалтатыгар эдэр үлэһиттэри бу курдук өйүүллэригэр улахан махталбытын тириэрдэбит»,- диэн үөрүүлээх сонунун үллэһиннэ.

«Ньурба» хаһыат