Алтынньы 18 күнүгэр А.Ф. Алексеев аатынан Чуукаар орто оскуолатын кэлэктиибэ церковно-приходской оскуола арыллыбыта 110 сылынан урукку Чуукаар киинигэр Кубалаахха бастакы оскуола тэриллибит сиригэр өйдөбүнньүк бэлиэни туруордулар.
Чуукаар дириҥ, баай историялардаах, ытык-кэрэ сирдэрдээх, ураты айылҕалаах дойду. Бу дойдуга биллэринэн 19 норуот ырыаһыта, олоҥхоһута, дэгиттэр талааннааҕа, айылҕа маанылаабыт учууталлара, учуонайдара төрөөн-үөскээн ааспыттара, олороллор, үөскүүллэр. Урут бөдөҥсүтүү буола илигинэ Чуукаарга култуурунай, сырдатар үлэ Кубалаахтан саҕаламмыта. Кубалаах үөрэҕирии уонна култуура киинэ этэ. Манна Иннокентьевскай церковь дьиэтэ, балыыһа, маҕаһыын, онтон да атын социальнай суолталаах тэрилтэлэр бааллара.
1914 сыллаахха Алексей Никифоров “Иннокентьевскай церковь” старостата 12 үөрэнээччилээх бэйэтин дьиэтигэр оскуола арыйар. Онтон бу сылга меценат Алексей Давыдов оскуола тутуутун саҕалыыр, 1915 сылга туспа дьиэни (оскуоланы) үлэҕэ общественность көмөтүнэн олоххо киллэртэрэр. Дьэ, бу күнтэн ылата Чуукаарга үөрэх эйгэтэ сайдан киирэн барар. 110 сыл устатыгар түһүү да тахсыы да балачча буолуо, ол эрэн оскуола учууталлара ис сүрэхтэриттэн кыһаллан туран ыччаттары хайа да түгэҥҥэ сырдыкка-кэрэҕэ сирдииллэр.
Чуукаарга үөрэҕирии эйгэтэ арыллыаҕыттан хас эмэ учуонайдар, араас эйгэ туйгуннара, бас-көс дьон үөскээбит. Норуот тылыгар-өһүгэр, санаатыгар-оноотугар олоххо 3 идэ баар дииллэр, олортон биирдэстэрэ Учуутал буолар.
Алтынньы 18 күнүгэр дириэктэр Июлия Илларионовна Федорова салайааччылаах, бэтэрээн үлэһиттэри кытары 13 буолан Церковно-приходской оскуола 110 сылынан бүтүн кэлэктиип биир санаатынан оҥоһуллубут өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэни туруордубут. Бастаан утаа тоҥ сири хаһан туруоруох иннигэр төрүт түөлбэ иччилэриттэн, ытык сиртэн көрдөһүү туомун оҥордубут, туому Андрей Сивцев – Сэргэн Лэкээрин толордо.
Көҥүл ылбыт кэннэ ытык бэлиэ турар сирэ бэлэмнэниэр диэри нэһилиэкпит аҕа баһылыга, Чуукаар оскуолатын выпускнига Артур Юрьевич Федоров бэйэтин тылын-өһүн, махталын тириэртэ, ытык учууталларбыт Аркадий Прокопьевич Николаев, Виктор Алексеевич Алексеев Кубалаах уонна оскуола тэриллиитин историятын кэпсээтилэр, бэйэлэрин санааларын этиннилэр, саҥа өйүк (идея) уктулар. Маны таһынан, өр кэмҥэ дириэктэринэн үлэлээбит, Чуукаар оскуолатын сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрсибит, “100 сыл үөрэх сырдык аартыгынан. Алексей Федорович Алексеев аатынан Чуукаар орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата” кинигэ ааптара, хомуйан оҥорооччута Марина Филипповна Анисимова бэйэтин баҕа санаатын тириэртэ.
Мэҥэ бэлиэни туруоруу кэннэ “Кут Дабаан” духуобунас сайдарын туһугар үлэлиир инновационнай былаһааккабыт чэрчитинэн Кубалаахха баар баҕа санааны толорор ытык түбэҕэ ыалдьыттаатыбыт, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.
Чуукаарга үөрэхтээһин кэрдиис кэмнэрэ:
1914 — 1915 сс — церковно-приходской оскуола үлэтин саҕалыыр; 1915-1920 сс. – церковно-приходской оскуола туспа дьиэлэнэр-уоттанар; 1923-1950 сс. – начаалынай оскуола; 1950-1952 сс. – ситэтэ суох сэттэ кылаастаах оскуола; 1952-1961 сс. – сэттэ кылаастаах оскуола; 1953 сс. – Андайбыт уонна Чуукаар оскуолаларын холбоһуута; 1961-1965 сс. – аҕыс кылаастаах оскуола; 1965 с. – орто оскуола.
Билигин төһө да эргэ оскуолабыт сабыллыбытын иһин, төһө да Е.М. Поликарпов аатынан “Эйгэ” норуот айымньытын киинигэр көһөн тиийэн үлэлии сырыттарбыт сайдыы суолуттан оҕолорбутун хаалларбакка, толору билиини биэрэрдии, толору дьолу утары уунан 40 үлэһит үлэлиир, олортон 20 учуутал.
Оҕолорбут айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдарынан араас спортивнай күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар, спорт маастардара бааллар, араас эйгэҕэ үөрэнэр устудьуоннардаахпыт, үрдүкү сололоох үлэһиттэр, учуонайдар күн бүгүҥҥэ диэри үөскүү тураллар, тахса тураллар бу барыта УЧУУТАЛ үлэтэ!
Махтал буоллун эһиэхэ, Чуукаар оскуолатын учууталларыгар, бары баар үлэһиттэригэр, үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ! Эһиги Дьоруойдуу майгыгытыгар, үлэҕитигэр бэриниилээххит иһин!
Эрэнэ күүтэбит уонна аҕалабыт сайдыыны, балысханнык сайдыахпыт оскуолабыт тутулуннаҕына, спортивнай саалабыт үлэлээтэҕинэ. Улууспут баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев 2026 сылга оскуола үлэҕэ киириэ диэн эрэннэрбит эрэбилэ биһиэхэ күн курдук, ый курдук суолбутун сырдатар. Сахабыт сирин бырабыыталыстыбата тыа сирин тэбэр сүрэҕэ оскуола үлэҕэ киирэригэр быһаччы кыттыыны ылар диэн үөрэбит-көтөбүт, бигэ эрэллээхпит!
Сэргэн Лэкээрин