Дойду да, республика да сир кодекстарын статьяларыгар олоҕуран үстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэргэ сир участога көрүллэр. Маннык ыалларга Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтата күүтүүлээх, үөрүүлээх, ону ааһан долгутуулаах сир туҥэтиитин жеребьевкатын бэс ыйыгар ыыппыта, Атахха 106 участок тыырыллыбыта. Баһылык Семен Александрович Корякин көрүүтүнэн саҥа уулуссаларга спорт эйгэтигэр ааттаах-суоллаах дьоммут ааттарын биэрэн инникитин спортивнай, олимпийскай микрорайон буолара былааннанар. От ыйыттан суолугар, уотугар туруорсуу, үбүгэр киирсии үлэтэ ыытыллан ааспыт нэдиэлэҕэ республика бюджетыгар 50 мөлүйүөннээх заявка баран турар.
Антоновкаҕа сир ылыытыгар 2015-тэн бу сылга диэри 112 ыал реестрга турбута. Сокуон быһыытынан улууска биэстэн элбэх сыл олорбут буоллаххына ханнык баҕарар муниципальнай тэриллиигэ заявкалыаххын сөп. Манна бааллар олохтоохтор даҕаны, атын да нэһилиэктэртэн. Эмиэ да тыа сирэ, эмиэ да кииҥҥэ чугас буоламмыт Антоновкаҕа элбэх киһи талаһар. Тыырыллыбыт участок межеванията оҥоһуллан, докумуона барыта бэлэм. Нэһилиэктэн тахсыыга трасса уҥа өттүттэн Атах ойуур диэкитин устун көнө, кураанах участоктар. Дьиэ бөҕөтө дьэндэйэн туруо диэн киһи билигин хараҕар ойуулаан көрбөт курдук.
Кыталыктааҕы санааҥ. Уруккута эмиэ ырааһыйа, билигин номнуо кэҥээн, улаатан тохсус түөлбэ буолан турар. Манна даҕатан эттэххэ эрдэ түҥэтиллибит участоктар микрорайонугар, Кыталыктаахха, бу күннэргэ ЗЭС уотун тардан бүтэрдэ. Манна эмиэ конкурска киирсэн тутуу министерствотын нөҥүө үп көрүллүбүтэ. Баһылык солбуйааччыта Александра Михайловна Иванова этэринэн «Развитие и освоение территорий в целях жилищного строительства» программаҕа Октябрьскай нэһилиэк куһаҕана суохтук кыттар: «Кыталыктаахха барыта 74 сир түҥэтиллибитэ. Конкурска кыттан икки сылга тыыран уоттанна. Манна бэйэбит харчы көрүнэн 1 мөл. кыттыспыппыт, уопсай сууммата 15 мөл. кэриэтэ. Тутуу министерствотыттан 2020 сылга 20 мөл., 2021-гэ 24 кэриҥэ мөл. кэлбитэ. Быйылгы заявкалаабыт сууммабыт боточчу, улуус өйөбүлэ баар. Конкурс бу да сырыыга ситиһиилээхтик ааһыа, элбэх оҕолоох ыалларбыт сотору кэминэн дьиэ туттан саҕалыахтара диэн эрэнэбит».
Улуустааҕы сир, баай-дуол сыһыаннаһыыларын комитетын Октябрьскай нэһилиэги көрөр инженер-землеустроитель Николай Прокопьевич Тихонов кэпсиир: «Бу тыырыллыбыт участоктар сирин-уотун оҥорон биэриигэ ирдэбил быһыытынан олохтоох тэриллии, улуус уонна республика бюджеттара кыттыһыахтаахтар. Элбэх оҕолоохторго сир номнуо тыырыллан турар буоллаҕына бу дьыала ордук түргэнник хамсыыр, приоритеттаах буолар. Онно эбии сүүстэн тахса участок буолан бэйэтэ туспа микрорайон. Ол иһин заявлениялары мунньан, ити кэмҥэ нэһилиэк бюджетыттан харчы көрүнэн, докумуонун барытын бэлэмнээн үлэ ыытыллар. Участок иэнэ 15 сотай. Сир ылааччылар кадастровай инженер өҥөтүн туһанан участоктарыгар бэлиэ туруоттаран, дьаһалтаҕа бас билиигэ договор баттаһан бүттүлэр». 112 киһиттэн 106-та сир ылаллар, атыттар республика салалтататын уурааҕынан участок оннугар баҕа өттүнэн 200 тыһ. солк. ылары талбыттар. Онтон уотун тардыыга элбэх оҕолоох ыал элбиирин кэрэһэлээн олохтоох дьаһалта 120 участогынан ааҕан заявкалаах. Бу сир бас билии буолан инникитин ким хайдах дьаһанара бэйэтин көҥүлэ. Сүрүнэ диэн элбэх оҕолоох дьоммут-сэргэбит олохторо өссө тупсан, ситимнээн силигилиир, үлэлээн үүнэр-сайдар Октябрьскай нэһилиэкпит кэскилэ кэҥии турдун.
Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтатын пресс-сулууспата.