Ахсынньы ортото Маарга Зоя Николаевна Горохова кэлэн дьону көрсөн, эмтээн барда. Кинини билбэт киһи аҕыйах буолуохтаах. Онон даҕаны буолуо, кэлэр сураҕын истэн уочаракка 200 тахса киһи суруйтарбыт этэ. Муус доруобай киһи, арааһа, бу дойдуга аҕыйаҕа буолуо. Тыйыс тымныылаах Саха сиригэр олорор дьон үксүн сүһүөх, тымыр, тымныйыынан ыалдьаллара үгүс.
Миигин бэйэтинэн кэлэр киһиэхэ сылдьан көрдөр диэн ийэм сүбэлээбитэ. Сотору-сотору төбөм ыалдьарын иһин бэйэм даҕаны сахалыы эмтэтиэхпин санаталыы сылдьыбытым. Түгэн тосхойбутугар сэрэдэ киэһэ Маарга тахсан хоммутум, сарсыныгар бастакынан эрдэ тиийэн Зоя Николаевналыын көрсүбүтүм.
Бэрт сайаҕас киһи буолан биэрдэ, өссө даҕаны уһуннук кэпсэтиэхпитин болдьоспут дьоно кэлэн чаас аҥаара курдук буоллубут. Бу күһүн Сата хайатыгар кэлэ сылдьыбытын кэпсээтэ, ураты айылҕалаах, күүстээх сир, сотору суон сураҕырыа диир. Кинини кытары сылдьыбыт дьон кэпсээниттэн быһа тардан сэһэргиим.
Бөлөххө 30-ча киһи баар эбит. Кинилэри кытары Дьокуускайтан кэргэнниилэр кэлсибиттэр. Эрэ улахан саҥата суох, хара ачыкылаах, ойоҕо батыһыннара сылдьар, аһыахха, барыахха, олоруохха диэн ыйан-кэрдэн биэрэр эбит, кэргэнэ дук курдук батыһа сылдьар этэ дииллэр. Улаханнык дьон болҕомтото хатаммат ыаллара. Зоя Николаевна ол киһиэхэ чугаһаатахпына улахан баҕайы тыас иһиллэр, киниэхэ көмөлөһүөхпүн наада диэн уолу туспа дьиэҕэ илдьэ киирэн көрбүт-истибит. Ол кэнниттэн, арай, киһилэрэ сарсыныгар отой атын киһи буолан турбут, саҥарбат бэйэтэ айаҕа хам буолбат, Зоя Николаевнаҕа махталым диэн эбэттэн балыктаан, бөлөх дьонун барытын күндүлээн, анекдот кэпсээн сирэйдиин сырдаан барбыт.
Ис дьиҥэ бу курдук эбит. Уол СВО кыттыылааҕа, дойдутугар медхамыыһыйанан сыыйыллан кэлбит. Байыаннай дьайыы кэмигэр бомбалааһыҥҥа түбэспиттэр. 30-ча киһилээх взводтан өлүктэр анныларыгар баттанан соҕотох тыыннаах ордубут. Доҕотторун өлүктэрин быыһыттан сыылан тахсан чааһыгар тиийбит. Эчэйиини ылбатах эрээри, кими даҕаны билбэт буолбут, биир да тылы саҥарбат эбит, ол иһин дойдутугар төттөрү ыыппыттар. Дьиэтигэр кэлэн кэргэнин, оҕолорун даҕаны билбэтэх, киһи диэҕи хаҕа эрэ буолаахтаабыт. Кэргэнэ ыксаан Сата хайатыгар илдьэ кэлбит. Салгыы Зоя Николаевна кэпсээниттэн: «Сахалар итини кута көппүт дииллэр. Сүрэҕэ айаҕар тахсан тэбэ сылдьар этэ. Киһи аһара куттаннаҕына эбэтэр улахан охсуу ыллаҕына кута көтөн, хаҕа эрэ хаалар. Сүрэҕин миэстэтигэр түһэрэн биэрбитим”, — диэн буолуохтааҕын курдук кэпсиир. Бу кэпсээни истэн баран СВО сылдьыбыт дьону Зоя Николаевнаҕа илдьэ сылдьыахха сөп эбит дии санаатым. Өйдөрүн-санааларын сааһыланалларыгар, психологическай өттүнэн улаханнык көмөлөһүө эбит.
Маарга күҥҥэ 20-чэлии киһини көрбүт. Сунтаартан, Маалыкайтан, Чуукаартан, Өҥөлдьөттөн, маны таһынан чугас эргин сытар дэриэбинэлэртэн барытыттан кэлбиттэр. Маарга ”Алгыс” эбээлэр түмсүүлэрин салайааччыта Валентина Егорова испииһэк оҥорон, барыларын кэмигэр ыҥыртаан, нэдиэлэ кэриҥэ сынньаммакка үлэлээбит.
Маалыкайга 8 сыл орон-тэллэх киһитэ буолан сыппыт дьахтар имэрийтэрэн баран, киэһэ атаҕар үктэммит, Маарга инсульт кэнниттэн турбакка сыппыт дьахтар туран аҕыйах хардыы оҥорон дьиэлээхтэрин үөрдүбүт, күһүн Сата хайатыгар илиитэ-атаҕа босхоҥ буолбут уолу аҕалан эмтэппиттэр этэ, бу сырыыга Маарга икки атаҕынан хааман кэлэн иккистээн көрсен барбыт этэ. Маны таһынан, Маарга илиитэ тостубут дьахтары сыыһа тутан гиипсэлээбиттэрэ 3 ыйы быһа хамсаппакка сылдьыбытын кэлэн имэрийтэрбит, киэһэ илиитин фиксаторын устубут. Бу уонна мантан да атын элбэх дьикти түбэлтэлэри ол олорон дьон кэпсэтэрин сөҕө-махтайа иһиттим.
Зоя Николаевна билигин Москва куоракка клиникаҕа үлэлиир, күҥҥэ 5 киһини көрөр эбит. Ыҥырыынан сылдьар күндү киһи. «Дойдубар күүс-уох, энергия ыла кэлэбин. Билигин Дьокуускайга 1000 тахса киһи испииһэккэ суруйтаран күүтэ сылдьаллар. Киһини таарыйдахпына информация кэлэр, Москва эмчиттэрэ былыргы кытайдар эмтиир ньымалара дииллэр. Массажтыырга кырата 10 сыл наада, киһи илиитин иминэн билиэхтээх. Эрдэ дойдубар дьон кэлэн имэрийтэрэр этэ, эн илбийбитиҥ кэннэ ыарыыбыт ааста дииллэрэ. Улаханнык баардылаабакка сылдьыбытым. Онтон уолум бөртөлүөт саахалыгар түбэһэн, доруобуйатыгар улахан эчэйиини ылбытыгар дириҥ стресскэ киирбитим. Уолбар көмөлөстөхпүнэ мин эрэ көмөлөһөр кыахтаахпын диэн эр санаа ылынан бэйэм илиим иминэн эмтээбитим. Ол кэннэ суолум арыллан киирэн барбыта, — диэн кэпсиир.
Зоя Николаевна Маарга биир нэдиэлэ үлэлээтэ. Кыһалҕалаах киһи элбэҕинэн сибээстээн ыкса хойукка диэри көрбүт. Ол даҕаны үрдүнэн уочаракка суруйтарбыт дьон барыта эмтэммэтэх. Баардаах дьон бу курдук хас эрэ сылга биирдэ кэлэн бараллар дииллэр. Зоя Николаевна алтыспыт дьонун махталынан арыалланан салгыы үтүөнү түстүү олоҕо бэлэмнээбит суолунан айанныыр.
Лена Петрова