«Ньурба оройуона: үйэттэн үйэҕэ» нэһилиэктэр быыстапкаларын түһүмэҕин чэрчитинэн ыытыллар бырайыакка өҥ буордаах Өҥөлдьө сирэ 18 нэһилиэгинэн дьон-сэргэ көрдүүтүгэр быыстапкатын туруорда! Кэлэр нэдиэлэҕэ Ньурба куорат олоҕун, устуоруйатын кэрэһэлиир быыстапката туруоҕа. Ол кэнниттэн, уопсай түмүктүүр быыстапка Ем.Ярославскай аатынан Саха түмэлигэр Дьокуускай куоракка Ньурба улууһун күннэрин чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэр кэккэлэригэр ахсынньы 15 к. «Ньурба оройуона: үйэттэн үйэҕэ» быыстапка арыллыаҕа.

Өҥөлдьө быыстапкатын туһунан сиһилии олохтоохтор суруйууларыгар ааҕыҥ.

Сэтинньи 27 күнүгэр, Ньурбатааҕы К.Д.Уткин аатынан Норуоттар доҕордоһуулара түмэлгэ Марха (Ньурба) улууһа төрүттэммитэ 200 сылыгар аналлаах «Ньурба оройуона: үйэттэн үйэҕэ» бырайыак чэрчитинэн Өҥөлдьө сэлиэнньэтин быыстапкатын арыллыытын дьоhун тускулаах түһүлгэтэ төрүттэннэ!

Күн оонньоон көччүйбүт көлүкэлээх,

Кыталык үҥкүүлүүр кырдаллаах,

Кыыс намчы Сэргэлээх үрэхтээх,

Күөх сирэм симэхтээрдээх

Өҥ буордаах Өҥөлдьө быыстапката арыллан үлэтин саҕалаата.

Бу дьоллоох түгэҥҥэ түмэл быыстапкалыыр саалатыгар мустубут дьоһун-мааны ыалдьыттарбытын, туох-ханнык иннинэ, сиэрин ситэрэн, туомун толорон, арыылаах алаадьыннан, кымыһынан айах тутан күн эргииринэн кэритэн күндүлээтибит.

Үөрүүлээх тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта Джулустан Семенов, арыллыытыгар Маргарита Николаева уонна Александра Григорьева норуот ырыатын толордулар.

“Ньурба оройуона” МТ дьаһалтатын аатыттан Афанасьева Ольга Ивановна, К.Д. Уткин аатынан Норуоттар доҕордоһуулара түмэлин дириэктэрэ Туманова Анна Андреевна, “Ньурба куорат” МТ салалтатын аатыттан Семенова Изамира Федосьевна, култуура департаменыттан Бурнашева Дора Илларионовна эҕэрдэ тылларын эттилэр. Туманова Анна Андреевна ийэтин туһунан Фатима Яковлевна Туманова (Винокурова) Марха  нэһилиэгэр үлэлээбит кэмнэриттэн ахтыытын кэпсээтэ.

“Марха нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыгын солбуйааччыта Иванов Мирослав Николаевич нэһилиэк олоҕун, үлэтин сырдатта уонна үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Ньурба оройуона: үйэттэн үйэҕэ» быыстапка тэриллибитинэн эҕэрдэлээн туран Түмэл кэллэктиибигэр махтал сурук туттарда.

Салгыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, култуура бэтэрээнэ Иванова Валентина Васильевна Өҥөлдьө дириҥ устуоруйатын, олоҕун-дьаһаҕын саас-сааһынан арааран кэпсээтэ.

Социалистическай Үлэ Дьоруойа М.Ф. Алексеев аатынан “Сэргэ” норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Григорьева Александра Владимировна быыстапка устун сэргэх экскурсия ыытта. Уопсайа 120 экспонат, маны таһынан истиэндэлэр, кинигэлэр уонна хаартыскалар хомуллан киирбитин бэлиэтээтэ.

Быыстапка көрдөрөр ис хоһооно:
Өҥөлдьө сэлиэнньэтин сайдыытын устуоруйата, үтүө-мааны дьонун үлэтин-хамнаһын кэпсиир истиэндэлэр, олорон ааспыт мындыр, хорсун, ааттаах-суоллаах дьон олохторун көрдөрөр экспонаттар, урукку кэм хаартыскалара, ааспыт үйэлэрдээҕи өбүгэ мала-сала, талба талааннаахтар уус-уран оҥоһуктара, нэһилиэк олохтоохторун ситиһиилэрэ.

Тэрээһин түмүгэр ыалдьыттарга анаан нэһилиэк олохтоохторо бэйэлэрин илиилэринэн Өҥөлдьөбүт туойунан оҥоһуллубут «Өҥ туой» арома кулоннарын бэлэх ууннубут.

Бу бүгүҥҥү күҥҥэ анаан нэһилиэкпит устуоруйатын сэгэтэр араас кэмнэр туоһулара: нэһилиэкпит уус дьоно оҥорбут маллара, өбүгэлэрбититтэн хаалбыт иһиттэр уонна да араас хайысхалаах историческай сыаннастаах экспонаттар хомуллалларыгар бары күүс-көмө буолбут, материаллары ситиспит, туруорсубут дьоммутугар барҕа мааны махталбытын тиэрдэбит!

Ньурба куорат олохтоохторун, күндү биир дойдулаахтарбытын Өҥөлдьө быыстапкатыгар сылдьаргытыгар ыҥырабыт!

Ахсынньы 3 күнүгэр диэри дьон-сэргэ көрдөрүүтүгэр туруоҕа. Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэргээҥ!

Тэрийэр бөлөх

       Н.Н. Филиппов хаартыскаҕа түһэриилэрэ