«Gektor» мини-зоопарк үлэтин саҕалаата

Октябрьскай нэһилиэк  олохтоохторо  Дмитрий Егорович Григорьев  кэргэнинээн  Анжела Олеговналыын социальнай контрагынан дьиэ  кыылларыгар, зоопаркаларыгар  анаан 5х6 иэннээх оһоҕунан оттуллар дьиэ туттан үлэҕэ киллэрдилэр.

Григорьевтар дьиэ кэргэннэригэр  ыал ийэтэ Анжела Олеговна оҕо сааһыттан дьиэ кыылларын иитэрин сөбүлүүрүн туһунан ыал аҕата Дмитрий Егорович этэр. Зоопарка аһыахтарын иннинэ дьиэлэригэр бородатай агама күлгэрини  иитэ ылбыттар. Кини аатынан «Gektor мини-зоопарк»» диэн ааттаабыттар.

Саҥа туттубут зоопаркаларыгар: шиншиллалар, бородатай агама күлгэри, хонууга үөскүүр  кыһыл кулгаахтаах черепахалар, харёктар, хоруолуктар, африканскай  уонна улахан кулгаахтаах ёжиктар, кумах кутуйахтара, кырыысалар, корелла попугайдар, кымырдаҕастар  фермалара, холууптар, хомяктар, от күөх баҕа, австралийскай  квакша, эублефар күлгэри, маисовай  ужка майгынныыр австралийскай эриэн үөннэр  бааллар. Дьиэ көтөрдөрүн (кууруссалары, индюктары) сымыыттарынан чоппууска таһааран улаатыннартаан иитэллэр.

-Кыылларбытын күҥҥэ үстэ аһатабыт. Билигин сааҥсыйанан сибээстээн, кыыллар аһылыктарыгар  сыана үрдээн ыйга 15 тыһ. солк. буолла. Холобур, паук, күлгэри аһылыктара  биир устуука таракааны урут 10-15 солкуобайга атыылаһар буоллахпытына, билигин  биир устууканы 250 солкуобайга,  ежикка аналлаах  личинкалары  аҕыйах гыраамы 300 солкуобайга атыылаһаҕын.

Быйыл шиншилланы иитэн эрэбит. Кинилэр кумахтаах  хайалаах сиргэ  Чилигэ, Перуга, Боливия уонна Аргентинаҕа олохсуйан үөскүүллэр.  Оҕо курдук аһыыллар, өрүс кумаҕа барсыбатынан кинилэргэ анаан анал кумах атыылаһабыт. Кинилэри  пааранан иитэр ордук. Зоопаркаҕа кэлбит оҕолор шиншилланы илиилэригэр ылан имэрийэллэрин сөбүлүүллэр.

Ньурба олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар зоопаркабыт аана  аһылынна. Үлэлиир чааһа 11.00-20.00. Нэдиэлэҕэ  биирдэ, бээтинсэҕэ санитарнай күн көрүллэр.

Инники былааммытыгар эбии  сэдэх  кыыллары Москуба курдук ыраах сиртэн аҕалтарар санаалаахпыт.

Салгыы зоопаркаҕа оҕолорунаан, сиэннэринээн сылдыбыт  төрөппүттэр санааларын  ватсап ситим нөҥүө үллэстэллэр: «Наһаа наадалаах  зоопарк тэриммиттэр. Эҕэрдэ, сорохторун  хаһан, ханна  баран көрүөхпүтүй, кылаабынайа  оҕолорбут, сиэннэрбит көрүөхтэрэ буоллаҕа дии».

«Бүгүн оҕолорум олус үөрэн, астынан кэллилэр.Бу уустук кэмҥэ тэриммиттэрэ оҕолорго үөрүүнү, сонуну, Саха сиригэр суох кыыллары  көрдөрөллөрө хайҕабыллаах дьыала. Сыралаах үлэҕит өрө таһаарыылаах буоллун, өссө кэҥээн, тэнийэн сонун дьарыккыт сайыннын.Маладьыастар!»

«Олус наадалаах  мини зоопарка. Оҕо киирэн баран тахсыан баҕарбат, хос-хос хаттаан көрүөн баҕарар.Сайда, чэчирии туруҥ!»

«Сиэннэрбинээн мини зоопарканы көрөн кэллибит. Хата Ньурбаҕа  мини зоопарк тэрийбиккит наһаа үчүгэй. Оҕолор тутан, имэрийэн, хаартыскаҕа түһэрэн үөрэн, астыныы бөҕө буоллулар. Григорьевтарга махтал. Өссө даҕаны үүнэ-сайда туруҥ, маладьыастар!»

«Мини зоопарк баар буолбута олус үчүгэй, интэриэһинэй» «Мин попугайы көрүөхпүн баҕарабын». Улахан махтал бүгүн оҕолорбунаан сылдьан наһаа астынныбыт, оҕолор күн аайы сылдьыахтарын баҕараллар». Илларионова Дора: «Биһиги эмиэ астынан, дуоһуйан, элбэҕи билэн, тутан-хабан, имэрийэн кэллибит. Киһи төһө баҕарар сылдьыан сөп эбит. Кыыллар характердарын, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын көрөр, истэр олус үчүгэй». «Наһаа үчүгэй зоопарк, оҕолор үөрүү бөҕөтө, инникитин  өссө тэнимйэ, сайда тураргытыгар баҕарабын». «Эдэр  ыаллар  итиччэ кыылы иитиэххэ диэтэххэ отой күүстээх баҕа санаа, тулуур, сүрэх наада. Өссө да сайда, кэҥии туруҥ».

Ити курдук истиҥ ис хоһоонноох суруктары киһи үөрэ ааҕар. Кырачаан, оскуола саастаах  оҕолор, улахан да дьон  астынан,  элбэҕи билэн тахсар сирдэринэн буолбут  мини зоопарк  элбэх  араас интэриэһинэй кыылларынан тэнийэн истиннэр диэн тылларынан түмүктүүбүн.

Антонина Семенова.