Герой ийэ, Ытык аҕа Яковлевтар

Төрөөбүт Ньурбам оройуонуттан араас биричиинэннэн Дьокуускай куоракка олохсуйан, дьиэ уот тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн олорор ытык ыаллар тустарынан суруйуубун салгыым.

Мин суруйар дьонум төрөөбүт-үөскээбит Ньурбаларын сайдыытыгар бэйэлэрин сыралаах үлэлэрин, тус кылааттарын киллэрэн сынньалаҥҥа тахсан баран аны оҕолоругар, сиэннэригэр көмө ньыма буолаары куоракка кэлэн олохсуйбуттара. Саха Сирин хайа баҕар муннугуттан итинник кэлбит ыаллар элбэхтэр. Саха омук биир уратыбытынан төһө да сааһырдарбыт, кэнчээри ыччаттарбыт тустарыгар диэн наар көмөлөһө, өйүү сылдьар уратылаахпыт. Өссө оҕолорун батыһан соҕуруу куораттарга, омук да дойдуларыгар баран олохсуйбут сахалар аҕыйаҕа суохтар.

Бүгүн  мин илиибэр Ньурба оройуонун үөрэҕириитин салаатыгар айамньылаахтык үлэлии сылдьар В.П. Васильева, А.Д. Донская 2023 сыллаахха айар кинигэ кыһатыгар хомуйан таһаартарбыт «Герой ийэлэр – билии аартыгын арыйааччылар» диэн кинигэлэрин тутан олоробун.

Кинигэ «Ийэ – дьиэ кэргэн киинэ» диэн төбөлөөх аан тылыгар бу курдук суруйбуттар: «Кинигэҕэ Акана, Антоновка, Маар, Маалыкай оскуолаларын алын кылаастарын учууталлара Герой ийэлэр киирдилэр. Кинилэр тапталлаах кэргэн, истиҥ ийэ, улахан дьиэ кэргэн тутаар киһитэ уонна учуутал түмүктээх үлэтин дьүөрэлээн үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара кэпсэнэр».

Кинигэҕэ киирбит алта Герой ийэлэри көрөн да, истэн да билэр буоллахпына, кинилэртэн Мария Константиновна Елизарованы уонна Дария Федоровна Яковлеваны кытта бииргэ үлэлээн ааспытым.

Мин Маарга 1977 сыллаахха орто оскуола аһыллан онно көһөн улэлиир кэммитигэр нэһилиэк ытыктабыллаах ыаллара педагогическай үлэ ветераннара, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, Иван Иевлевич, Мария Константиновна үтүө сүбэлэрэ, ыллыктаах тыллара миэхэ уонна пед коллектив үлэтигэр улаханнык көмөлөспүттэрин бэлиэтээн ааһар тоҕостоох. Бу улаханнык убаастыыр дьонум туһунан бэрт элбэҕи кэпсиэххэ сөп. Мин билигин Дьокуускай куоракка олорор Дария Федоровна Яковлева дьиэ кэргэнин, оҕолорун туһунан бу кэпсиир кинигэм материалларыгар уонна бу ыалы кытта балай эмэ алтыһан кэлбиппинэн дьон сэргэ билиитигэр тиэрдэргэ быйыл дьиэ кэргэн, оҕо сыла биллэриллибитинэн холонон көрүүм.

1898 сыллаахха Хаҥалас нэьилиэгиттэн арахсан, туспа II Хаҥалас онтон 1958 сыллаахха аата уларыйбыт Түмүк нэһилиэгэр оскуола аһыллыбыта кэлэр 2025 сылга 95 сыла туолар. Бу сыллар тухары хас да көлүөнэ учууталлар элбэх оҕону үөрэтэн, иитэн олох киэҥ аартыгар үктэннэрдэхтэрэ. Бастаан сүрүннээн кэлии, өссө соҕурууттан кытта кэлэн, учууталлар үлэлээн ааспыт буоллахтарына оскуолаҕа 1960 сыллартан сыыйа-баайа бэйэтин выпускниктара үлэлээн барбыттара.

Ол курдук 1972 сыллаахха 1971с. Бүлүү педучилещетын бүтэрэн Сунтаар оройуонугар Хадан оскуолатыгар үлэлээбит Дария Федоровна дойдутугар Маарга учууталлыы кэлбитэ. Дьэ онтон ыла үөрэммит оскуолатыгар алын сүһүөх кылаас учууталынан 35 сыл ситиһиилээхтик үлэлээн сынньалаҥҥа тахсыбыта. Бу сыллар тухары төһөлөөх оҕону билии сырдык аартыгынан сирдээн илдьибитэ буолуой, кэлин үөрэппит оҕолоро үөрэнэн, тапталлаах учууталларын кытта бииргэ үлэлээбиттэрэ. Дария Федоровна өр сыллах айымньылаах үлэтэ бэлиэтэнэн киниэхэ 1995 сыллаахха «старшай учуутал», 1999 сыл «СӨ үөрэҕириитин туйгуна», 2004 сыл «СӨ үтүөлээх учуутала» үрдүк ааттар иҥэриллибиттэрэ.

Дария Федоровна өссө улахан билиниини, наҕарааданы элбэх оҕолоох Герой ийэ быһыытынан ылбыта. Кини түөһүн ийэ буолуу I, II степеннээх мэтээллэрэ, «ийэ албан аата» I, II, III степеннээх уордьаннара, «Герой ийэ» уордьана, «Ийэҕэ үрдүкү махтал» бэлиэ, «Дьиэ кэргэн бэлиитикэтин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ киэргэтэллэр. 1971 сыллааха Бүлүү педучилищетыгар бииргэ үөрэммит Улахан Күөлтэн төрүттээх уолунаан Дмитрий Николаевич Яколвлевтыын студенческай сыбаайба оҥоруохтарыттан илии илиилэриттэн сиэттиһэн, олох суолун бииргэ тэлэн 10 оҕону төрөтөн, улаатыннаран, иитэн, үөрэттэрэн олох киэҥ суолугар бигэтик үктэннэрдилэр. Бу адьас соторутааҕыта Өрөспүүбүлукэ Баһылыгын 2024 сыл муус устар 23 күнүн ыйааҕынан «Ытык аҕа» анал бэлиэннэн наҕараадаламмыт ыал аҕалаатар аҕата Дмитрий Николаевич 1971 сыллаахха Бүлүү педучилищетын физкультураҕа салаатын бүтэриэҕиттэн олоҕун 33 сылын ыччаты үөрэтиигэ анаата, ол иһигэр 18 сыл Маардааҕы үһүс нүөмэрдээх СПТУга производственнай үөрэхтээһин маастарынан, 14 сыл Маар оскуолатыгар алын сүһүөх кылаастарга физкультура учууталынан үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Кини үлэтэ «РФ профтех үөрэхтээһинин бэтэрээнэ», «СӨ үөрэҕириитин туйгуна» бэлиэлэринэн сыаналаммыта.

Яковлевтар иккиэн Түмүк нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторо, 2024 сылга Ньурба улууһун үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһиттэрэ аатын ылбыттара. Дьэ бу учуутал курдук түбүктээх, бириэмэни аахсыбат үлэлээх ыал хайдах бу элбэх оҕону көрөн истэн Өрөспүүбүлукэҕэ биллэр дьон оҥортоон таһаардылар диэн ким баҕарар интэриэһиргиир буолуохтаан диэн саныыбын. Манна хас да төрүөттэри этэн ааһыахха сөп. Бастатан туран, кинилэр бэйэлэрэ иккиэн элбэх оҕолоох ыалларга төрөөн, иитиллэн тахсыбыттара. Ол курдук Дария Федоровна 13, Дмитрий Николаевич 9 оҕолоох ыалга улааппыттара.

Иккиһинэн, мин кэргэмминээн эмиэ иккиэн учуутал буолан, биэс оҕону төрөтөн улаатыннарарбытыгар эһэбит, эдьиийбит көмөлөрө тугунан да кээмэйдэммэт. Ол да иһин Дария Федоровна кинигэҕэ бу курдук суруйбут: «Мин дьоллоох киһибин. Оҕо да эрдэххэ, эдэр да сааска, баараҕыдыйар да кэмҥэ, кырдьан сорсуйар да сахха, ийэ барахсан баара, кэккэлэһэ сылдьара улуу дьол»… Дьэ кырдьык Яковлевтар дьоллоругар аҕалара Маар төрүт олохтооҕо, колхоз, совхоз үлэтэ бөҕөнү көдүрүйбүт Федор Данилович Григорьев, ийэлэрэ, сиэннэрин көрө олорон, таһыттан ыалдьыт киирдэ, күлэн үөрэн кэпсэппитинэн чаанньык үрдүгэр түһэр, Маарыйа оҕолорун дьоллоругар уһун үйэлэнэн сиэннэрин көрсубуттэрэ, батыһыннара сылдьан олох мыыдарастарыгар үөрэппиттэрэ. Ол да иһин кинигэҕэ оҕолор төрүппүттэрин сэргэ эһэлээх эбээлэрин истиҥ тылынан ахтан аастахтара.

Мин эбээбин олус күндүтүк саныыбын. Кыра эрдэхпититтэн эбээбит куруук аттыбытыгар баара. Улаатан да баран эбээтэ суох сатаммаппыт. Оннооҕор бу билигин, икки оҕо аҕата буолан да баран, эбээҕэ наадыйабын. Төһө да ыраах сырыттарбын, аныгы сибээс көмөтүн нөҥүө эбээбиттэн сүбэ-ама ылабын. Кыайбатахпытын кыайар, сатаабатахпытын салайар, сыыһабытын булар, мэникпитин кыйдыыр, ыарыыбытын эмтиир киһибит – биһиги муударай эбээбит.

Ол курдук кыра оҕо саастарбытын ахтан-санаан ааһар буоллахха, биирдэ бырааттарбыныын Артемнаах Гошалыын чох таһа сырыттыбыт. Үлэбит быыһыгар тохтуу түһэн хаарынан тамнаһа оонньоон бардыбыт. Арай ол бырахса сылдьан тугу туппуппутунан бырахпытым – таас чох буолан биэрдэ. Быраатым Артем төбөтүн хайа быраҕан кэбистим. Киһим ытыы-ытыы утары хааман кэллэ. Бэргэһэтин устан көрбүтүм хаан бөҕө кэлбит. Ыксаатым. Тугу гыныахпытын билбэппит. Ол туран эбээм хаан кэллэбинэ хайдах тохтоторун санаан кэллим. Быраатым Гоша кэтэ сылдьар ханас бэрчээккэтин сулбу тардан ыллым, ииктэттим. Артемум төбөтүн бааһыгар саба бырахтым. Бэргэһэтин кэтэрдэн кэбистим. «Эбээҕэ этиэн да, сэрэн!» (ийэлээх аҕабытыгар буолбакка) – диэн баран сутурукпун көрдөрөн кэбистим.

Ити курдук биһиги эбээбит сүбэтин-аматын, үөрэтиитин, ыйыытын-кэрдиитин куруутун ылынабыт, бэйэбит онорбут буруйбутун, алҕаспытын сыаналыыбыт, түмүк оностобут, олоххо туһанабыт.

Биир түгэни ахтан ааһыахха. Оскуолаҕа үлэлии сылдьан биир саҥа дьылга сүрдээх тымныы түһэн турдаҕына оскуола педколлективын уонна үлэһиттэрин оҕолоругар бэлиэ бырааһынньыгы бэлэхтиэххэ диэн сүбэлэстибит. Онон оскуола ГАЗ-53 массыынатынан ыаллары кэрийэн оҕолору эҕэрдэлиэххэ диэн буолла. Дьоммутун сэрэтэн сарсыардаттан дэриэбинэ биир уһугуттан саҕалаан баран киэһэ биирдэ түмүктээтибит. Аны Дед Моруоспут, Снегурочкабыт көстүүмүн уларса сылдьабыт, киэһэ училещаҕа буолар Саҥа дьылга төннөрүөхтээхпит. Онно Дария Федоровналаахха киирбиппит, эһээлэрэ, эбээлэрэ сиэннэрин кытта кэтэспиттэр аҕай быһыылаах, үөрүү-көтүү бөҕө буолла. Оҕонньор: «Бу тоҕо үчүгэйэй» — дии дии сиэннэрин, Моруос оҕонньору, Снегурочканы кытта дьиэтээҕи елкаларын тула хоровод бөҕөтө буолбутун олох умнубаппын. Оннук оройуоҥҥа аан бастаан буолбут оҕолору дьиэлэринэн кэрийэ сылдьан эҕэрдэлээһин кэмин атын нэһилиэктэр эмиэ үтүктэн барбыттаахтар. Ытык кырдьаҕас Сүөдэр 95, эбээлэрэ Саарыйа 97 саастарыгар диэри сүһүөхтэрин үрдүгэр сылдьан оҕолоругар, сиэннэригэр сырдык өйдөбүлү хаалларсан орто дойдуттан барбыттара.

Яковлевтар улэлэриттэн, дьиэлэриттэн-уоттарыттан ордорон бириэмэ булан нэһилиэк, оройуон общественнай олоҕор көхтөөхтүк кытталлара, билигин да кытталлар. Федор Данилович оҕолоругар айылҕа талааны көбүччү анаабыта. Ол курдук үгүстэрэ норуокка биллэр тойуксуттар, оһуохайдьыттар, чабырҕахсыттар, хомусчуттар. Кэнчээри ыччаттарыгар ол эмиэ бэриллибит. Дария Федоровна, Дмитрий Николаевич дьиэ кэргэннэрэ 1990 сылтан саҕалаан оройуон, республика таһымнаах элбэх конкурстар, фестиваллар, форумнар, конференциялар кыттыылаахтара, кыайыылаахтара, делегаттара. Ыал ийэтэ 2002 с. Москуба куоракка ыытыллыбыт I Бүтүн Россиятааҕы ийэлэр форумнарын кыттыылааҕа, онно тыл этэн ийэ оҕоҕо ылар пособиетын урдэтэри туруорсубута. 2005 с. Россия ийэтин күнүгэр анаммыт үөрүүлээх приемҥа кыттан эҕэрдэ тылын эппитэ.

2011 сылтан Дария Федоровна кинигэ суруйуутунан дьарыктанар. Бастакы кинигэтэ тапталлаах ийэтигэр анаммыта. Кинигэлэрин ааттара: “Иьирэх ийэ, эйэҕэс эбээ”. 2011, “Ийэлэр – аанньаларбыт”. 2014, “БПУ – барыбытын тумэр куус”. 2016, “Хотун Бүлуу хонноҕуттан”. 2016, “Удьуору ууһаппыттар, кэкили кэҥэппиттэр”. 2018, “Тумустан силис тардан”. 2021. Билигин да республика радиотыгар, телевидениетыгар иккиэн чаастатык ыалдьыттаан үөрэхтээһин, оҕо иитиитин, дьиэ кэргэн боппуруостарыгар санааларын үллэстэллэр.

Ыал аҕата Дмитрий Николаевич оҕолорун батыһыннара сылдьан сүөһү, сылгы көрүүтүн, оттооһун-мастааһын, тутуу уо.д.а. улэ мыыдарастарыгар үөрэппитэ. Аар тайҕатыгар таҕыстаҕына сорсуннаах булчут буолан уолаттар бары да булт диэн баран муннукка ытаабыт дьоннор.

Бу дьоллоох ыал оҕолоро туох ханнык үлэһит дьон буоллулар диэн тохтоон билсэн ааһыаҕыҥ.

Ыал бастакы оҕото Николай Дмитриевич Саха государственнай университетын бутэрэн «Якутстрой» тэрилтэҕэ үлэлээбитэ. Байыаннай пенсионер, 25 сылтан ордук байыаннай сулууспалаах. Билигин «Якутгеология» АУо солбуйааччы директора.

Иккис уол Федор Дмитриевич эмиэ убайын курдук үрдүк үөрэхтээх тутуу инженера. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр «Сэттэ» диэн тутуу тэрилтэтин директора. Дьокуускай куорат бочуоттаах тутааччыта, Саха Сирин үтүөлээх тутааччыта.

Ыал улахан кыыьа Валентина Дмитриевна СГУ-н физик идэлээх бүтэрбитэ. АГАТУ-преподавателэ, биологическай наука кандидата.

Дмитрий Дмитриевич СГУ-н бүтэрэн геолог идэтин баһылаабыта. 25 сыл «Алроса» хампаанньатыгар Мирнэй-Ньурба хайа байытар кэмбинээтигэр геологынан үлэлээбитэ, «Алроса» бэтэрээнэ.

Владимир Дмитриевич эмиэ олохтоох университеты бүтэрбитэ. Билигин «Алроса» АК Мирнэй-Ньурба хайаны байытар кэмбинээтигэр сыаналаах таастары хонтуруоллааччы.

Елена Дмитриевна Маркованы театры, саха киинэтин таптааччылар үчүгэйдик билэр буолуохтаахтар. Кини М.С. Щепкин аатынан Москватааҕы театральнай институту  бүтэрэн билигин Саха театрын артыыһа. СӨ культуратын туйгуна.

Юрий Дмитриевич Дьокуускайга тыа хаһаайстыбатын академиятын бүтэрэн үүт бородуксуйатын технологын идэтин ылбыта. Билигин «Бизнес-Вектор» ХЭТ директора.

Айыына Дмитриевна ХИФУ-ы бүтэрэн психиатр-нарколог быраас идэлээх, СӨ наркологическай диспансерыгар үлэлиир.

Артем Дмитриевич ХИФУ автодорожнай факультетын бүтэрэн таһаҕас тиэйии хайысхатынан урбаанньыт.

Ыал кыра оҕото Егор Дмитриевич Дьокуускайга тыа хаһаайстыбатын академиятын бүтэрэн юрист идэлээх. Дьокуускай куоракка Госавтоинспекция управлениетын суол патрульнай сулууспатын отделын начальнигын солбуйааччыта этэ, билигин пенсияҕа тахсан атын улэҕэ улэлиир.

Оҕолор бары үөрэхтээх олоххо миэстэлэрин бигэтик булан, олохторун оҥостон дьиэ-уот тэринэн, кэргэннэнэн, оҕолонон, өссө сиэннэнэн эбээлээх эһээ ханна да олордоллор дьиэлэрэ оҕо саҥатынан толору буолааччы. Биһиги оҕолорбут Маартан ыла доҕордоһоннор онтулара билигин да салҕанан барар. Бу оҕолор үлэлэрэ-хамнастара саха оҕолоро ыраата барбакка Дькуускай куоракка үөрэнэн идэ ылан дьоһун үлэһит, салайааччы буолар кыахтаахтарын үтүө холобура дии саныыбын.

Аны туран бу үтүөкэннээх дьиэ кэргэҥҥэ баар үтүө үгэстэр тустарынан тугу билэрбин билиһиннэриим.

Ханнык баҕарар норуокка кырдьаҕаска үйэлэртэн үйэлэргэ тиийэн кэлбит ытыктабыллаах сыһыан. Саха норуотун тылынан да, айымньытыгар, олоххо даҕаны ол туһунан бэрт элбэх холобуру ааҕыахха, көрүөххэ сөп. Хомойуох иһин, дьиҥнээх олоххо барыта эриэ-дэхси буолбатах. Кырдьар саастарыгар оҕолорун, чугас дьонун, үлэлээбит тэрилтэлэрин көмөлөрүттэн, болҕомтолоруттан маппыттар эмиэ бааллар. Тулаайах хаалан көрөрө-истэрэ суохтар аҕыйаҕа суохтар. Дэлэҕэ кырдьаҕас дьону көрө-истэ ылар ыалларга государство анал босуобуйа олохтуо дуо.

Яковлевтар дьиэ кэргэннэрэ олох эрдэттэн бэйэлэрэ көрөр-истэр кырдьаҕастардаах эрээри ыраах, чугас аймахтарын эбээ Өлөксөөнү, Даайаны, эбээ Балааҕыйаны, эдьиий Өкүлүүнү, эһээ Ньукулайы көрбүттэрэ, истибиттэрэ.

Оҕо сылдьан ийэм ыалтан кэллэҕинэ сиэбиттэн туох эрэ кэһиини хостоон ылан остуолга уурарын кэтэһэрим. Ол кэһиитэ диэн арыылаах лэппиэскэ, буспут эт куһуоччуга, саахар тоорохойо буолара. Миэхэ биэрэриттэн ураты туох эмэ тутуурдаах буолааччы. Ити саха былыргы үгэһинэн алаастарынан тарҕанан олорор ыаллар ыалдьыты, хоноһону күндүлээн-маанылаан, өссө илии тутуурдаан ыытар үтүө үгэстэрэ эбит. Онон Яковлевтарга сылдьыбыт киһи илии тутуура суох тахсыбат үгэһэ бигэтик тутуһуллар.

Кинигэҕэ оҕолор суруйбут ахтыыларыттан бу ыалга өссө ханнык үгэстэр баалларын билиэҕиҥ. Ыал улахан оҕото Коля ахтар: «…ыал олоҕор биир өйдөнөр түгэнинэн кыра оҕо саҥа киһи дьиэҕэ киириитэ буолар. Биһиги дьолбутугар маннык түгэннэр мин дьоммор элбэхтэр.

Оҕо тахсара туспа сиэрдээх-туомнаах: саҥа киһи кэлэригэр эрдэттэн бэлэмнэнэрбит, дьиэ быылын, оҕо таҥаһын сууйуу, ас арааһын бэлэмнээһин эбээбит уонна биһиги, оҕолор, түбүкпүт буолара. Эһээхэй оҕо дьиэҕэ киирээтин кытта ыал кырдьаҕаһа, үксүн эбээбит, сүүһүгэр оһох күлүнэн бэлиэ хаалларара уонна алҕаан биэрэрэ…»

Аны Володя ахтарынан, хас оҕо төрөөтөҕүн ахсын, аҕалара дьыл кэмиттэн тутулуга суох саа тутан, хара тыатын хаһаайыныттан Баай Байанайтан көрдөһөн, мас көтөрдүүр эбит. Онон ийэлэригэр хайаан да куруппааскы, куртуйах, улар бултаан мииннээн иһэрдэр эбит.

Өссө педагогическай практикаҕа сылдьан учуутал оҕолоругар дьиэ кэргэн хаһыатын оҥорторорун сүрдээҕин сөбүлүү, ымсыыра көрбүттэр. Онтон сирдэтэн ыал буолан баран оҕолорун төрөөбүт күнүгэр баҕа санааларын суруйан «Кэнчээри» диэн ааттаах дьиэ кэргэн хаһыатын таһаарар, оҕолор бары онно кыттар буолбуттара. Бастааҥҥы суруйар баҕа санааларын кэлин бары хоһоонунан суруйар буолбуттар. Аны ахсааннара элбээн, үөрэнэн, үлэһит буолан сонуннара элбээн, ыырдара кэҥээн сыл бүтүүтүгэр элбэх хаартыскалаах сыл отчуота курдук альбомнары оҥорор буолбуттар. Оскуола бүтэрээччилэргэ анаан «Кэнчээри» хаһыаттарын иһинэн «Выпускник» диэн хаһыаты таһаарар буолбуттар. Салгыы ыал буолуу үөрүүтүгэр алгыс тыллардаах анал хаьыаттары оҥорон бэлэхтиир үгэс баар буолбут.

Бу ыалга  билиҥҥи олохпутугар олус сөп түбэһэр үгэһи олохтообуттар. Онтубут аата «дьиэ кэргэн кредитэ» диэн. Дьэ ол ис хоһооно бу улахан дьиэ кэргэн хас биирдии ыалга уопсай сөбүлэһиллибит сууманы тута эбэтэр мунньан баран дьоннорун илиилэригэр туттараллар эбит. Бу хомуллубут харчы сыл түмүгүнэн саҥа дьылы көрсүү бырааһынньыгар тустаах киһиэхэ туттарыллан ким сир ыларыгар, ким дьиэ туттарыгар, ким массыына ыларыгар туттуллар.

Уоллара Юра өйүгэр дьиэ кэргэнинэн араас күрэхтэһиилэри тэрийиилэрэ, араас конкурстарга, күрэхтэргэ кытталлара умнуллубат гына хатанан хаалбыт. Ол курдук оттуу сылдьан ким төһө элбэх оту охсорун, ким төһө элбэх бугулу туруорарын, ким төһө тургэнник отууга сүүрэн тиийэргэ куоталаһалларын кытары өйдүүр эбит. «Дьиэ кэргэн-2000» диэн республиканскай күрэххэ үс көлүөнэ Яковлевтар кыттыбыттар.

Кинигэҕэ Дария Федоровна үөрэнээччилэрэ учууталларын туһунан истиҥ ахтыылара баар. Ону барытын ырыта барбакка маннык этиинэн бу ытык-мааны ыал туһунан кэпсээммин түмүктүүм: «Дария Федоровна – түбүктээх, ирдэбиллээх ийэ, сатабыллаах хаһаайка, эрэллээх таптыыр кэргэн, эйэҕэс эбээ, хос эбээ, ытыктанар учуутал».

Дария Федоровна, Дмитрий Николаевич оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин, чугас дьоннорун, үөрэппит оҕолорун тапталларыгар уйдаран өссө да өр сылларга бар дьоҥҥутун үөрдэ сылдьыҥ диэн алгыс тылларбын этэбин.

Иванов Юрий Наумович,  үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Хорула нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо