Саха сирин куонкуруһугар биэрбит «Эһэлэрбит, хос
эһэлэрбит суолларын хайан» ааттаах бырайыакпыт Ильмень күөлгэ 19-с хайыһар

биригээдэтин буойуттарын көрдүүр үлэни тэрийэргэ, Анал байыаннай
эпэрээссийэ бааһырбыт саллааттарын, «Сахаволонтер» Москватааҕы салаатын
үлэтин билсиһии диэн ис хоһоонноох бырайыакпыт Грант ылла.

19-с хайыһар биригээдэтэ Ильмень күөлгэ 1943 сыллаахха олунньу ый 23
күнүһгэр өстөөх эрдэттэн анаан бэлэмнэнэн бөҕөргөтүнэн олорбут, 210
мм улахан буускаларыгар тиийэ сэбилэммит тоһуурдарыгар түбэспитэ.
Эбиитин ньиэмэстэр хоту диэки сэриилэһии туһаайыытыгар сэриилэспит

2-с флоттарын самолеттарын барыларын өрө көтүппүттэрэ. Сөмөлүөттэр солбуһа-солбуһа,

күнү быһа арахпакка, халҕаһанан көтө сылдьан буомбалаан-ытыалаан, биригээдэ

элбэх буойуна ууга тимирбитэ, күөл кытылыгар сылбах курдук тэлгэммиттэрэ.

Биригээдэ буойуттарын 30-40%-на Саха сириттэн ыҥырыллан барбыт дьон этилэр.

Инньэ гынан Саха сирин сүүһүнэн буойуна биир күн иһигэр Ильмень күөл мууһугар,
кытылыгар кыдыйыллыбыттара. Хомолтото баар — кинилэри ньиэмэстэр дьаһайан

буору булларбыттара, күн бүгүҥҥэ диэри ким ханна сытара биллибэт, баччааҥҥа диэри
ким даҕаны көрдөөн булаттыы илик. Үрдүттэн Ильмеҥҥэ өлбүттэр үһү
дэһэбит, ис санаабытыгар ньиэмэстэр бэрээдэк дьон, син харайдылар ини
дии саныыбыт быһыылаах. Ильмень күөл түбэтигэр Ньурба оройуонун 75
киһитэ сэриилэһэргэ анаммыттар, кинилэртэн 33 киһибит онно хаалбыта
билиҥҥи кэмҥэ биллэр.
Ким да көрдөөбөтөҕүн билэн баран, ити буойуттарбытын көрдүүр туһунан
санаа миигин үүйэ-хаайа туппута. Кылааһынньыктарбынаан, военкоматынан,

бэтэрээннэр Сэбиэттэртнэн, Ытык сүбэ киининэн, эдэр ыччат уонна үөрэх
управлениеларынан, «Ньурба эрэллэрэ» диэн оройуон оскуолаларын оҕолорун

араас хайысханан үөрэтиигэ-иитиигэ үлэ ыытар тэрилтэтинэн элбэх
кэпсэтии, сүбэлэһии буолла. Бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэсссэдээтэлэ

Олесова Татьяна Прокопьевна бары боппуруостарбар көх-нам буолла, киниэхэ
махталым улахан. Өйөөччүлэр, көмөлөһөөччүлэр баар буоллулар. Ээл-дээл

сыһыаннаһааччылар, утарылаһааччылар да көстүтэлээтилэр. Ону ол диэбэтибит,
хамсааһын саҕаланна. Улуус баһылыгын солбуйааччыта Петрова Наталия Семеновна

хонтуруолга ылынна. Чурапчы Мындаҕаайытыттан төрүттээх Петров Николай

Ильичтыын саҕалаабыт байыаннай үөрэх саҕана өлбүт дьоннору
көрдүүргэ анаммыт дьаһаныыбытын кэҥэтэргэ К.Д. Уткин аатынан Норуоттар
доҕордоһууларын түмэлин уонна бибилэтиэкэлэр үлэһиттэрин түмэн улууска

«Бершеть» бөлөх тэрилиннэ. Бу үлэҕэ Пральникова Луиза Чингизовна салайааччылаах

Пермь куорат көрдүүр этэрээтэ турунна. Старай Руссаттан көрдүүр үлэҕэ кыттыгаспыт

«Медведь» этэрээт хамандыыра Тума Игорь Григорьевич Подольскай архыыбыгар

үлэлэстэ. Подольскайга аны Луиза Чингизовна сэтинньи-ахсынньы ыйдарга үлэлии

бараары былааннанар.

Көрдөөһүн үлэтигэр биир сүрүн кыһалҕабыт — кэлии-барыы үбүлээһинэ.
Бары хайысханы барытын хайан көрдүбүт. Давыдова Валентина Яковлевна

бырайыак суруйан куонкуруска кыттан грант сүүйүөххэ сөп диэн мэлдьи этэрэ.
«Ньурба эрэллэрэ» түмсүү биир сэминээригэр ыччат управлениетын салайааччыта

Владимирова Валерия Гаврильевна кэлэн бырайыак суруйуутугар Романова

Лена Валентиновна диэн анал үлэһиттээхпит, бырайыагы хайдах суруйарга

сүбэлээн биэрэбит, көмөлөһөбүт диэн кэпсээтэ. Оччону истэн баран, аны
Лена Валентиновна илиитигэр киирдим. Тэрийэ сатыыр үлэҕэр барытыгар,

бырайыак суруйаргар коммерческайа суох тэрилтэтэ суох букатын сатаммаккын
диэн буолла. Куонкурустар болдьохторо бүтэрэ чугаһаата, туттуммахтаа диэтэ.
Эрдэ кылааһынньыктарбын кытта сүбэлэһиигэ итинник тэрилтэтэ тэрин диэн
этэ сылдьыбыттара. Ону бастаан утаа ылбычча кыайтарбата дуу дии санаабытым.

Леналыын кыттыһаммыт «туттуммахтаатыбыт». Өрөбүлү, үлэ чааһын билиммэтибит.

«Кыайар» көмөлөһөөччүлэр көһүннүлэр. Васильева Дайаана Леонидовна сорук-боллур

буолла, кыргыттарбын Наташаны, Варяны ууга-уокка түһэртээтим. Түмүгэр бэрт

суһаллык 2023 с. муус устар ый 20 к. Ньурба Маарыгар кииннэнэн «Саха сирин эдэр

көлүөнэтин патриотическай тыыҥҥа иитии» диэн ааттаах коммерческайа суох

тэрилтэ тэрилиннэ, регистрацияланна. Тэрилтэбит сүрүн сыала — Аҕа дойду Улуу

сэриитигэр суох буолбут 19-с биригээдэ буойуттарын хайа ньыманан, хайдах тэринэн
бараммыт көрдүүбүтүй диэн. Аны бырайыак суруйуута саҕаланна. Эмиэ һуу-һаа
үлүгэринэн, сиирэ-халты чуут ыйыллыбыт болдьохторго сөп түбэсиһэн,

бырайыактарбытын туттартаатыбыт. Ыксала да бэрт буолуо, тэрилтэбит саҥа да

тэриллибит болдьоҕо туорайдаһан, Россияҕа уонна Саха сиригэр 3 суруйбут
бырайыакпыт хотторуу хомолтотун биллилэр. Онтон санаабытын түһэрбэтибит.
Оройуоҥҥа проектнай отдел тэрилиннэ, нэһилиэктэргэ дьону бырайыак суруйан
куонкурустарга кыттарга көҕүлээһин сэминээрдэрэ ыытылыннылар. Ыччат

управлениетын проектнай отделын ити хамсааһыннара түмүктээх буолан үөртүлэр.

Ньурба улууһа куонкурустарга элбэх бырайыагы суруйан Саха сиригэр
холобурга таҕыста. Проектнай отдел үлэһиттэрин көмөлөһүннэрэн, Убайаан

бибилэтиэкэрэ Васильева Юлия Андреевна баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэнэн

куонкурустарга тэрилтэбит аатыттан Россияҕа — 2, Саха сиригэр -1, улууспутугар 2
бырайыактары туттардыбыт. Саха сирин куонкуруһугар биэрбит «Эһэлэрбит, хос
эһэлэрбит суолларын хайан» ааттаах бырайыакпыт Ильмень күөлгэ 19-с хайыһар

биригээдэтин буойуттарын көрдүүр үлэни тэрийэргэ, Анал байыаннай
эпэрээссийэ бааһырбыт саллааттарын, «Сахаволонтер» Москватааҕы салаатын
үлэтин билсиһии диэн ис хоһоонноох бырайыакпыт Грант ылла. Бырайыакпытын

Лена Валентиновна сүбэтинэн Григорьева Снежана Степановналыын
оҥордубут. Грант сүүйэн быйылгы күһүҥҥү сырыыбытыгар улахан көмөлөөх
буолла. Проектнай отдел үлэһиттэригэр Лена Валентиновнаҕа, Снежана Степановнаҕа,

Татьяна Александровнаҕа махталбын хаһыатынан тиэрдэбин.
Бу куннэргэ бырайыакпыт чэрчитинэн Маар орто оскуолатын оҕолоруттан
тэриллибит «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» оҕо фольклорнай норуодунай ансаамбылыттан

4 оҕолоох бөлөх (салайааччы Федорова Саргылана Петровна) Ильмеҥҥэ барарга

бэлэмнэнэ сылдьабыт. Баран иһэн Москваҕа «Бэс Чагда» санаторийга эмтэнэ сытар

бааһырбыт СВО буойуттарын, «Сахаволонтер» Москватааҕы салаатын үлэһиттэрин

кытта көрсүһүү тэрийиэхтээхпит, кыра кэнсиэр көрдөрүөхтээхпит. Киэһэ тимир

суолунан Старай Русса куоратыгар айаннаан тиийэн үргүлдьү Ретле дэриэбинэбитигэр

тиийиэхтээхпит. Биһиэхэ утары Санкт Петербурунан айаннаан Сунтаардааҕы

«Сонор» этэрээппит кэлиэхтээхтэр. Кинилэри сампай уопсан, Дьокуускай

23 №-дээх оскуолатыгар үөрэнэр сиэн уолум Марк Томскай ийэтин
уонна аҕатын кытта тиийэн кэлиэхтэрэ. Бу Старай Руссаҕа күһүҥҥү сырыыны,
олохпутун-дьаһахпытын кэпсэтээччи, хааччыйааччы кинилэр, Томскайдар,
буоллулар. Дьокуускайынан быһаарыллар бары боппуруостарбытын барытын
уруккута кадровай байыаннай Матвей Владимирович Томскай дьарыгырда.
Кэпсэтэр дьонун кытта «вроде как зам по тылу» дьарыгыра сылдьар киһибин диэн
билсиһитэлиир. Испэр күлэ саныыбын.
Быйыл саас булбут көмүүбүтүн хостоон баран, тулатын шурф хаһаттаан
чинчийэр баҕалаахпыт. Онтон салгыы Ильмень күөл сиҥнибит биэрэгин

чинчийиэхтээхпит, Псижа үрэх кытылыгар көрдөөн баран Залог түбэтигэр,

Балагиж ойуурун окуопаларын тулатыгар разведка-экскурсия хабааннаах үлэни ыытарга
былаанныыбыт. Шефтэһэр оскуолаларбытын кытары көрсүһэн «Доҕордоһуу
киэһэтин» тэрийиэхтээхпит, Борисово дэриэбинэ олохтоохторугар кыттыгас
кэнсиэр көрдөрөр санаалаахпыт.
Чурапчытааҕы «Бэдэр» этэрээппит Старай Руссаҕа хойутуу тиийиэхтээх
уонна былырыын күһүн сылдьыбыт Новые Дегтяри түбэтигэр салгыы үлэлиэхтээхтэр.

Кыттыгастарбыт олохтоох «Медведь» көрдүүр этэрээт Ретлега сырыыбытын хааччыйсан,

тэҥҥэ сылдьан баран үргүлдьү чурапчылары кытта Дегтярига барарга былааннанан

биһигини кэтэһэн сылдьаллар.
Быйыл күһүҥҥү «Саха сирэ – Ильмень» холбоһуктаах көрдүүр этэрээппит
Старай Руссаҕа сырыытын былааннарын кылгастык билиһиннэрдэххэ итинник.
Бу баҕа санаабыт туоларыгар, таһаарыылаах, түмүктээх буоларыгар баҕарыаҕыҥ.

Ксенофонт ВАСИЛЬЕВ, Маар

Хаартыскаҕа: К.В.Васильев «Тумэр түгэн» ыччат бэстибээлигэр туруорбут быыстапкатын көрдөрөр.