«Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» тосхолунан быйыл 4 дьиэ киириэҕэ


Атырдьах ыйын 13 к. киһи-аймахха тутаах суолталаах үлэһиттэр – тутааччылар идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтииллэр. Итинэн сибээстээн, хаһыаппыт бу №-гэр тутааччылар тустарынан матырыйаалы таһаарабыт.
2018 сылтан улууспутугар “Саахалланар туруктаах уонна хаарбах дьиэттэн көһөрүү“ судаарыстыбаннай бырагыраама иккис түһүмэҕэ олоххо киллэриллэр. Ньурба куоракка иллэрээ сыл 49 кыбартыыралаах, былырыын 24 кыбартыыралаах олорор дьиэлэр үлэҕэ киирэн, элбэх киһи үөрүүлээх быһыыга-майгыга кыбартыыраларын күлүүстэрин тупппуттара. Билигин эмиэ манна күүстээх үлэ салҕана турар. 4 дьиэ үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр. Итини сэргэ быйыл саамай улахан — 82 кыбартыыралаах дьиэ тутуута саҕаланна.

Ньурба к. Комсомольскай уул. 99 №-гэр элбэх кыбартыыралаах икки дьиэ дьэндэйдэ. 58 уонна 53 кыбартыыралаах дьиэлэр сыбаайаларын “Региональнай сайдыы“ ХЭТ былырыын муус устар 27 к., ол эбэтэр Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр түһэрбитэ. Тутуу былаһааккатыгар сылдьан көрдөххө, үлэ биир кэм тохтообокко ыытыллар. «Региональнай сайдыы” ХЭТ кылаабынай инженерэ Артем Тимофеев салалтатынан 75 киһи үлэлии сылдьар.

“Быйыл сэтинньигэ бу дьиэлэри үлэҕэ киллэриэхтээхпит, — диэн кэпсиир Артем Владимирович. — Бастакы дьиэбит – 58 кыбартыыралаахпыт тутуута графиктан арыый эрдэлээн иһэр, манна 35 киһи үлэлиир. Көстөрүн курдук, холлоҕоһун бүтэрбиппит, сарайа оҥоһуллубута. Сарайа хаптаҕай буолар, уута водостогунан дьиэ подъеһынан аллара отмосткаҕа түһэр буолар. Скатнай сарайга муус чопчулара үөскээн аллараа сууллан дьон дэҥнэниитэ элбээтэ диэн, нормативы уларыпппыттара. Фасада улахан аҥара бүттэ. Түннүктэрэ олордуллубута, балконнарын ограждениета оҥоһуллан бүттэ. Кээмэйдэрин ылан витраж сакаастаабыппыт, инньэ гынан үчүгэй көстүүлээх дьиэ буоларын курдук хараҥардыллыбыт витраж оҥоһуллуохтаах. Иһигэр 5-с этээстээн саҕалаан ис отделката оҥоһуллар, үөһэттэн саҕалаан аллараа этээстэргэ түһэллэр. Ол эбэтэр плитката, санузела, шпаклевката уо.д.а.


53 кыбартыыралаах дьиэҕэ 40 киһи үлэлиир. Холлоҕоһо бүппүтэ, 1,2 уонна 3 этээстэр эркиннэрин таһаардыбыт. 1,2 этээстэр эркиннэрэ штукатуркаланар, аллараа цокольнай утеплениета бүппүтэ, үөһэ сарайын оҥоро сылдьабыт. Үлэтэ өссө да элбэх, ол эрээри болдьммут кэмигэр бүтэриэхпит. Бэйэбит оробуочай графиктаахпыт, ол быһыытынан үлэлээн иһэбит, хаалыы суох, өссө бастакы дьиэбитигэр, эппитим курдук, графиктан эрдэлээн иһэбит.


Үлэһиттэр мантан чугас уопсайга олороллор. Күн аайы 7 чааска биригэдьиирдэри кытта планеркалыыбыт, күннээҕи үлэни торумнаһабыт. Үлэһиттэргэ сорудахтарын тиэрдэн, 8 чаастан үлэлэригэр аттаран туруорабыт. 75 киһиттэн үксүлэрэ кэлии омуктар. 10-ча саха суоппардар бааллар, итиэннэ сантехникаҕа — 5, электрикаҕа эмиэ 3 саха дьоно үлэлииллэр. Матырыйаалбыт барыта баар, онон үлэ иҥнигэһэ суохтук барар.
Түгэнинэн туһанан, кэлэн иһэр идэлээх бырааһыннньыкпытынан – Тутааччы күнүнэн тутууга сыһыаннаах бары үлэһиттэри истиҥник эҕэрдэлиибин! Үлэҕитигэр-олоххутугар ситиһиилэри, дьолу-соргуну, кытаанах доруобуйаны баҕарабын. Саҥа дьиэлэргэ киириэхтээх дьону кыратык тулуйа түһэргитигэр көрдөһөбүн, сотору кэминэн бары саҥа-сырдык дьиэҕитигэр киириэххит”, — диэн Артем Тимофеев кэпсээнин түмүктээтэ.


Муома олохтооҕо Сахамин Ильин, Бүлүүтээҕи педколлежд автомеханик салаатын устудьуона, каникулугар манна кэлэн тутууга үлэлии сылдьар. Сааһа 19 эбит. “Маннык үлэлиирим олус үчүгэй, тоҕо диэтэххэ, уопут ылабын, бэйэбэр туһалаах элбэх саҥаны билэбин. Итиэннэ хамнастанабын даҕаны буоллаҕа”, — диир кини.
Кузаков уул. 40 №-дээх 4 этээстээх, 32 кыбартыыралаах дьиэ бэдэрээтчитинэн “Виком” ХЭТ буолар. Кини эмиэ бу территорияҕа 24 кыбартыыралаах дьиэни туппут тэрилтэ быһыытынан биллэр. Иккис дьиэлэрин сыбаайатын иллэрээ сыл күһүн түһэрбиттэрэ. Онон ыла элбэх үлэ баран, дьиэ бүтэрэ эмиэ чугаһаата.
Үлэ хаамыытын «Виком” ХЭТ прораба Иван Кондратьев көрөн-истэн сүрүннүүр.
«Бу 32 кыбартыыралаах дьиэ иэнэ — 32х18 м, ол эбэтэр барыта 2304 м иэннээх дьиэ буолар, — диир Иван Егорович. – Тутуу суумата — 185 мөл. солк. кэриҥэ. Кыбартыыралара 1,2 уонна 3 хостордоох. Ититиитин систиэмэтэ оҥоһуллубута. Быйыл сэтинньигэ үлэҕэ киллэриэхпит. 11 киһи үлэлии сылдьар, ол иһигэр 10 таджик уонна 1 эрмээн. Отделкатын, шпаклевкатын, плиткатын 2-с этээстэн саҕалаабыттара. Сантехниката – ванна, туалет оҥоруута, кырааска үлэтэ, линолеум тэлгэтиитэ хаалла. 6 киһилээх биригээдэ сарайын саҕалаан эрэр, 2 нэдиэлэ кэриҥинэн бүтэриэхтээхтэр”.
Бөртөлүөт пааматынньыгын уонна спорт былаһааккатын аттыгар Комсомольскай 125 №-дээх 5 этээстээх, 30 кыбартыыралаах дьиэ эмиэ бүтэр уһугар чугаһаабыт. Кыбартыыралар уопсай иэннэрэ — 1780,84 м2. 29 кыбартыыра «Переселение» бырагырааматынан барар, 1 кыбартыыра – коммерческай.
Эбийиэк бэдэрээтчитинэн Дьокуускайдааҕы «Нидстрой” ХЭТ буолар. Быйылгы үлэлэрин муус ыйыгар кэлэн саҕалаабыттара. Тэрилтэ прораба, Амматтан төрүттээх Айсен Никитин кэпсииринэн, 10 киһи Таджикистантан кэлэн үлэлии сылдьар. Итини таһынан Ньурбаттан 4 киһи – сарайын оҥорууга, 4 киһи – ититиитин систиэмэтигэр, 7 киһи эркинин тас эпсиэйигэр үлэлииллэр.
“Сарсыарда 8-тан саҕалаан киэһэ 10 ч. диэри үлэлиибит, — диир Айсен Никитин. – Графикпыт ыгым буолан, төһө кыалларынан уһуннук үлэлиибит. Сарайын бүтэрдибит, дьиэ иһинээҕи чэпчэки үлэлэрэ – отделка, кырааска хаалла. Отделката син түргэн, бу ыйга ититии систиэмэтин уонна фасадын эмиэ бүтэриэхпит. Балаҕан ыйыгар благоустройствотын үлэтэ барыаҕа. Алтынньыга диэри үлэбитин бүтэриэхтээхпит”.

Кузаков уул. 82 кыбартыыралаах диэни Дьокуускайдааҕы “Саха Билд” ХЭТ бу сааскыттан саҕалаан тута сылдьар. Үлэни-хамнаһы Ньурба Убайааныттан төрүттээх прораб Станислав Павлов иилээн-саҕалаан сүрүннүүр.
“Мин 2006 сылтан Дьокуускайга олохсуйан олоробун, — диэн кэпсиир кини. – Тэрилтэбит өрөспүүбүлүкэ бары улуустарынан үлэлиир. Элбэх эбийиэги туппуппут. Былырыын мин Нерюнгри улууһугар Иенгра бөһүөлэккэ 3 дьиэ тутуутугар үлэлээбитим. Быйыл үлэҕэ киллэрэллэр. Тэрилтэбит быйыл Ньурбаҕа киирэригэр миигин дойдуҥ диэн ыыппыттарыгар кэллим.
Аан бастаан манна 12 “монолитчик” үлэлээбитэ. 2-3 нэдиэлэ анараа өттүгэр дьиэ эркинин тутан таһаарааччылар – 12 таджик кэллилэр. Бастакы этээһин бүтэрдилэр, полублок эрэ хаалла, хосторунан үлэлииллэрин курдук. Быйыл монолитын, кладкатын түмүктээн дьиэ көҥдөйүн бүтэрэбит. Сарайбыт матырыйаала кэллэ, онон аныгыскы нэдиэлэҕэ сарайын саҕалыахпыт. Барыта 18 киһи үлэлии сылдьар. Бетоҥҥа үлэлээбит 12 узбектан аҥардара барда, номнуо бүтэрэн эрэллэр. Эркинин таһаарыыга 12 таджик үлэлиир. Олохтоохтор бетономешалканан бетону аҕалан биэрэллэр, итиэннэ 2 олохтоох киһи — крановщик уонна погрузчиктар суоппардара. Быйыл үксэ бетон уонна кладка эрэ үлэтэ, эһиил элбэх үлэ тахсыаҕа. Онно, биллэн турар, олохтоох дьону эмиэ үлэлэтэргэ былаанныыбыт. Бу дьиэни 2024 с. 4-с кыбаарталыгар бүтэрэн үлэҕэ киллэриэхтээхпит”.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата, чуолаан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев дойду салалтатын кытта күүскэ үлэлэһэн, Ньурбабыт улууһугар “Саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү” тосхолунан киэҥ далааһыннаах үлэ бара турар. Эһиил өссө 5 дьиэ тутуута саҕаланан, 2025 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри дьиэлэр үлэҕэ киирэн «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» тосхол иккис түһүмэҕэ түмүктэниэхтээх.

Геннадий АНТОНОВ.