Хатыытааҕы “Сарыал” уһуйааҥҥа

Дойдуга “Педагог уонна наставник”, төрөөбүт сирбитигэр “Үлэ” сыллара бэйэ-бэйэлэрин кытары дьүөрэлэһэн, ситэрсэн биэрэллэр. Педагогу хайгыы олорон, бу киһи үлэһитэ суох диэбэккин. Педагог, үөрэҕирии ханнык да этаабыгар үлэлиир буоллун, бу – дойдубут инникитин түстүүр үлэһит, киһи буолан килбэйэрбит дуу, кии буолан сүтэрбит дуу киниттэн быһаччы тутулуктаах.

“Педагог уонна наставник сылынан” үлэлээбит тэрилтэбит бэтэрээннэригэр анаан араас хабааннаах үлэни ыытта эрэ диирбит олус тутах, кэрэгэй,  ону ааһан, сымыйа буолуо. Тоҕо диэтэххэ, урут үлэлии сылдьыбыт педагогтар, уһуйаан атын да үлэһиттэрэ, төһө да уурайбыппыт иһин, уһуйааммытын кытары сибээспитин биир да сыл быспатахпыт, үлэлиир кэлэктиип болҕомтотун иһигэр мэлдьи баарбыт. Бэл, уһун кэмнээх харантыын кэмигэр атын туох эрэ киэби булан тулаайахсыппатахтара.

Уһуйааҥҥа билигин бары  эдэркээн педагогтар биһиги саҕалаабыт дьыалабытын салҕаан, өссө байытан, айымньылаахтык  үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан үөрэбит эрэ. Бэйэбит үлэбитинэн биһиги наһаа киэн туттабыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ, оройуоҥҥа (улууска), куустаҕа (уокурукка) биир бастакынан  саҥаттан саҥа  үөрэтэр үлэни киллэрэн испиппит. Ол курдук, олоҥхону оҕоҕо билиһиннэрии дириҥник,  утумнаахтык ыытыллыбыта. Бэл, оҕолор хамсатан оонньотор куукула театрдаах этибит, олоҥхону билиһиннэрэр остуол оонньууларынан, фольклорунан мэлдьи туһанарбыт. Кондаков П.П. үлэтин бастакынан иилэ хабан ылан, оҕо илиинэн быраҕыллыбыт, көмө матырыйаалынан үлэлииригэр программа оҥорон, уһуйааннар үлэлэригэр туһаммыттара. “Түмэл нөҥүө иитии” программатын түөрт салааҕа арааран (тэлгэһэ, дьыл кэмнэрэ, төрүччү, Сахам сирэ) опыппытын тарҕаппыппыт. Уһуйаан иитиллээччилэрэ оскуолаҕа да бардаллар, ахтылҕаннаах уһуйааннарын кытары сибээстэрин быспат курдук, учуталы кытары биир үлэ былаанынан үлэлиирбит.

Араас тэрээһиннэри, күрэхтэри ыытан, бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро, бастакы кылаас үөрэнээччилэрэ бииргэ алтыһан, оскуолаҕа дэбигис үөрэнэллэрэ. Бу үлэбитин барытын СӨ үөрэҕириитин туйгуннара, үлэ бэтэрээннэрэ старшай иитээччи Федотова Мария Иннокентьевна, 40 сыл сэбиэдиссэйдээбит Дмитриева Аграфена Даниловна  сүрүннээбиттэрэ. Иитээччилэр, үлэни өрө туппут сэбиэскэй кэм оҕолоро буолан, үлэ бэтэрээннэрэ,  “Оскуола иннинээҕи иитиигэ кылаатын иһин” бэлиэлээх Анисимова Матрена Григорьевна, Семенова Дария Гаврильевна, Алексеева Мария Степановна, “За преданность идеалам детства” бэлиэ хаһаайката Иванова Мирослава Николаевна, эдэркээн иитээччи Иванова Екатерина Васильевна, РФ үөрэҕэриитин уонна иитиитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, 2005 сылтан кэлэктииби салайбыт сэбиэдиссэй Ксенофонтова Тамара Васильевна, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, оройуон бастыҥ музыкальнай салайааччыта, оройуон баһылыгын гранын стипендиата Саввинова Зинаида Акимовна олус айымньылааахтык, ис сүрэхпититтэн кыһаллан туран үлэлээбиппит. Манна даҕатан этэн аастахха, иитээччи Матрена Григорьевна үлэтин киниискэтигэр икки эрэ суруйуулаах: ылылынна, уурайда диэн. Кини, ийэтэ, сиэн кыыстара – үһүөн бу уһуйааҥҥа үлэлээн тураллар. Хас биирдии бэтэрээн педагогка анаан, матырыйаал-ахтыы хомуллан, уһуйаан иһинэн эссе хомуурунньуга суруллубута.

Үлэлээбит уһуйааммыт бу сыллааҕы үлэтин  педагог уонна наставник (бэтэрээн үлэһит) сыһыаннаһыыларыгар туһаайда. Урут ыытыллар тэрээһиннэр байытыллан, арыый атын киэптэнэн, ыытылыннылар. Биллэрин курдук, Педагог уонна наставник сыла үөрүүлээх быһыһыыга – майгыга арыллыһыыга-майгыга арыллыбыта. Быйылгы тэрээһиннэргэ видеоны үгүстүк туттубуттара сонун буолла. Бу кэлбит эппиэттээх сылынан, Билии, баспытаатал күннэринэн  видеонан эҕэрдэлэстибит. Дьахтар күнүгэр бэтэрээннэригэр дьиэлэригэр сылдьан бэлэх туттардылар. Үгэскэ кубулуйбут субуотунньуктар ыытыллыбыттара — бэтэрээннэргэ көмө оҥоһуллубута: мас хайытааһыҥҥа, саһаан туруорааһыҥҥа, хаар түһэриитигэр, тиэргэн хаарын таһыыга, пиломатырыйаал сүөкээн сааһылааһыҥҥа. Кыайыы күнүгэр торжественнй парадка үс көлүөнэ кыттыбыта, иитиллээччилэр илиилэрин сылааһынан оҥорбут открыткаларын  бэтэрээннэргэ бэлэхтээбиттэрэ.

Бүгүһүҥҥүттэн Иванова Екатерина Васильевна    сэбиэдиссэйдээх, сайын  үтүөтүгэр  күүс – күдэх мунньуммут  кэлэктиип үлэтигэр өссө айымньылаахтык түһүммүтэ. Балаҕан ыйыгар баспытаатал күнүгэр анаан бүтүн биир декаданы  анаабыттара. Бу уон күҥҥэ туох буолбатаҕай. «Уран тарбахтар» быыстапкалара, үс көлүөнэ кыттыылаах бэһиэлэй стартар, “Оонньуурда бэлэхтээ” акция. Бэтэрээн үлэһит Александра Васильевна биир солуур отону кырачааннарыгар  бэлэх ууммута. Үтүө дьыала салҕааччылаах буолуо диэн бигэ эрэллээхпит. Декаданы “Сүрэхпитигэр өрүү — уһуйааммыт” бэтэрээннэргэ аналлаах литературнай-музыкалнай киэһэ  түмүктээтэ. Кырдьаҕастар күннэригэр бэтэрээн үлэһиттэр кыттыылаах нэһилиэнньэҕэ “Күһүҥҥү серенада” диэн кэнсиэр уһуйаан үлэһиттэринэн көрдөрүлүннэ. Остуоруйа ыйыгар бэтэрээннэр оҕолорго остуоруйа кэпсээн, аралдьытыы ыытыахтара. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга сылы  сабыы буолуо.

Хайа да тэрилтэ тус-туһунан хайысхалаах үлэһиттэрдээх да буоллар, биир сыалынан үлэлиир буоллаҕына, ол сыалын ситиһээри сомоҕолоһуулаах буолар. Сомоҕолоһуулаах – ситиһиилээх. Ол курдук, биһиги педкэлэктиип сиэстэрэбит Макарова Ольга Ефимовналыын иҥнэлээх сап курдук бииргэ сылдьыбыппыт. Ольга Ефимовна наһаа үлэһит. Кини уһуйааҥҥа үлэлии  киириэҕиттэн, хара ааныттан оҕолор эттэрин-сииннэрин хатарыыга, ыарыыны сэрэтиигэ үлэлэспитэ. Күнү быһа, уһуйааныгар киириэҕиттэн кини солото суох барар. Араас дорожкалары оҥорторон, контрастнай соттордорунан оҕолору хаамтарара, контрастнай уунан оҕолор атахтарын сууннартарара. Маны толорорбутун, хостору салгылатарбытын, оонньууру сууйарбытын, күөмэйдэрин сайҕатарбытын, тиистэрин сууналларын, аһыах иннинэ илиилэрин сууннарарбытын иитээччилэртэн кытаанахтык ирдиирэ.  Саамай сөҕөрүм, үлэлиирин тухары массажист үлэтин үлэлээн кэллэ. Хроническай бронхалаах оҕолору кур массажтаан тахсара. Атын үлэтин ааҕан да сиппэккин: төрөппүттүүн бэсиэдэ, сарсыардааҥы фильтр, күнүн аайы оҕолорго битэмиин сиэтии, астарын битэмииннээһин, повардар үлэлэрин көрүү,  дьарыктарга сылдьыы, күннээҕи менюну граамыгар тиийэ калорийын ааҕыы о.д.а. күннээҕи түбүктэр. Кини наһаа дьаныардаах. Аҥардас ол дьаныарынан, үөрэнэн, компьютерга көҥүл суруйар буолбута. Онто үлэтигэр олус туһалаабыта. Ольга Ефимовна кэлиҥҥи сылларга утумнаахтык “Төрүт ас” проегынан үлэлээбитэ.

Олохторун төрөөбүт нэһилиэктэрин кырачааннарын иитиигэ-үөрэтиигэ, доруобуйаларын харыстааһыҥҥа анаабыт сиэстэрэ Ольга Ефимовна, сэбиэдиссэй Тамара Васильевна, иитээччилэр  Матрена Григорьевна, Мирослава Николаевна Мэҥэдьэк нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо.

Талан ылбыт идэбитин олус сөбүлүүбүт. Оройуон 8 нүөмэрдээх, онтон ”Сарыал” диэн  ааттаммыт уһуйааҥҥа үлэлээбиппитинэн киэн туттабыт.

 

Мирослава Иванова, Мэҥэдьэк