🌟🌟🌟Түмүк нэһилиэгэр “ Алгыс” норуот айымньытын киинигэр кулун тутар 22-23 күннэригэр «Хотугу сулус» өрөспүүбүлүкэтээҕи тэлэбиидэнньэ куонкуруһун чэрчитинэн региональнай «Хотугу сулус-2024» күрэх быйыл 10-с сылын ыытылынна. Сылтан сылын аайы “Хотугу сулус” курэх кэнчээри ыччаты түмэр, талааннары киэҥ эйгэҕэ таһаарар. Күрэххэ кэнчээри оҕолорбут кыттыыны ылан, талба талааннарын көрдөрдүлэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ кыттааччыларга сыанабыл биэрэргэ үлэлээтилэр: СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ култууратын туйгуна, Түмүк нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, музыка, Искусство оскуолатын директора Илья Николаевич Николаев, СӨ култууратын туйгуна, Маар орто оскуолатын төрүт култуураҕа учуутала, “Дьөҥкүүдэ кыталыктара” оҕо норуодунай фольклорнай ансаамбылын салайааччыта Федорова Саргылана Петровна, СӨ култууратын туйгуна, Чаппанда нэһилиэгин “Дьоҕур” култуура киинин хореограва Давыдова Оксана Дмитриевна, Ньурба оройуонун култуураҕа департаменын специалиһа Архан Айсаара Алексеевна, «Алгыс» норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Сардана Петровна Федорова.
Түмүк бөлөхтөрүнэн араарыллан таҕыста, ансаамбылларга уонна биирдиилээн толорооччуларга дипломаннар, лауреаттар туттарылыннылар:
Гран-при үрдүк аатын Кира Иванова Акана нэһилиэгэ ( сал. Сергеева Альбина Николаевна) ылла.
«Лауреат Лауреатов» – “Сир симэхтэрэ” Ньурба к. (сал. Седалищева Анжелика Григорьевна),“Бастыҥ вокал” – Вова Гаврильев Түмүк нэһилиэгэ ( сал. Тобонова Виктория Александровна), “Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ” – Андриан Иванов Түмүк нэһилиэгэ (сал. Васильева Туяра Николаевна),»Саамай кырачаан кыттааччы» — Хаҥалас нэһилиэгиттэн 3 саастаах кырачаан Диана Доду ( сал. Герасимова Клара Артуровна),»Дьүүллүүр сүбэ биһирэбилэ» — Кэрэл Петрова Ньурба к. (сал.Оппудонова Мария Александровна), «Сыл дебюта» Киров нэһилиэгиттэн «Көмүсчээн» үҥкүү бөлөҕө, (сал. Кондратьева Анастасия Николаевна),“Бастыҥ салайааччы” – Сергеева Альбина Николаевна, Акана нэһилиэгэ
«Идэтигэр бэриниилээҕин иһин» – Тобонова Алена Валериевна Хорула нэһилиэгэ.
“Бастыҥ үҥкүү ансаамбыла” — «Түһүлгэ киэргэлэ» Октябрьскай нэһилиэк үҥкүү ансаамбыла (салайааччылара Васильева Наталья Егоровна,Чумпуров Роман Тимурович),“Бастыҥ фольклорнай ансаамбыл” – “Мэҥэдьэктэр” Хатыы нэһилиэгэ (сал. Данилова Алена Андреевна),»Бастыҥ вокальнай ансаамбыл» — Хорула нэһилиэгин “Дьүрүскэн» уолаттар ансаамбыллара (салайааччы Тобонова Алена Валериевна ).
“Нүөмэри оригинальнайдык туруоруу” – “Күнчээн” үҥкүү бөлөҕө, Түмүк нэһилиэгэ (сал. Васильева Туяра Николаевна).
“Бастыҥ байыаннай-патриотическай нүөмэр” – “Хаҥалас уоланнара” вокальнай ансаамбыл, Хаҥалас нэһилиэгэ (сал.Винокурова Венера Юрьевна, Герасимова Клара Артуровна),“Бастыҥ сценическэй уобарас” – Гордей Неустроев Түмүк нэһилиэгэ (сал. Оппудонова Мария Александровна), “Артыыстааһын иһин”- Степанов Владимир Чукаар нэһилиэгэ (сал. Попова Виолетта Егоровна),»Бастыҥ оҕо репертуарын мелодиһа» – Иванна Неустроева,
«Бастыҥ инструментальнай нүөмэр» – Александра Баснаева, Бүлүү к., (сал. Петрова Анна Эдуардовна),»Саамай актыыбынай нэһилиэк» номинация Хаҥалас нэһилиэккэ туттарылынна (нэһилиэк баһылыга Винокуров С.А.).
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Марха улууһа, тапталлаах Ньурбабыт төрүттэммитэ 200 сылыгар 10-с сылын ыытыллыбыт региональнай “Хотугу сулус-2024” күрэххэ, бу бэлиэ күнду мааны ыалдьыт буолла “Хотугу сулус” телерадиоакадемия дириэктэрэ, тэлэбиидэнньэ туйгуна, СӨ култуураатын үтүөлээх үлэһитэ Татьяна Афанасьевна Гоголева. Татьяна Гоголева истиҥ эҕэрдэтин эттэ, оҕолор талааннарыгар сүгүрүйэрин биллэрдэ. Күрэх кыайыылаахтарын 27-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Хотугу сулус-2024” тэлэбиидэнньэ ыытар куонкуруһугар сааскы уонна сайыҥҥы каникул кэмигэр саха тэлэбиидэнньэтин студиятыгар ыҥырда. Кира Иванова Акана нэһилиэгэ сал. Сергеева А. Н., Владимир Сидоров Ньурба к., сал. Семенова А. Н., Владимир Степанов Чукаар нэһилиэгэ сал. Попова В. Е., «Дьүрүскэн» вок. ансаамбыл Хорула нэһилиэгэ сал. Тобонова А В. уонна «Сир симэхтэрэ» үҥкүү бөлөҕө Ньурба к. сал. Седалищева А. Г. кыттар барар буоллулар.
Бу курдук «Хотугу сулус» күрэх түһүлгэтэ талааннаах кэнчээри ыччаттарбытыгар тирэх буолан, саҥа ааттары арыйан өрүү дьон- сэргэ, көрөөччү кутун тутан, үөрүүнү бэлэхтии турдун. Түмүккэ үбүлүөйдээх сылга кыттыбыт күндү кыттааччыларбытыгар ситиһиини, дьоллоох оҕо сааһы баҕаран “Алгыс” норуот айымньытын киинэ минньигэс тордунан күндүлээтэ.
«Алгыс» норуот айымньытын киинэ