Ийэҕэ махтал

Алтынньы 19 күнүгэр Чаппанда оҕо уһуйааныгар «Чуораанчык» алын группа кырачаан иитиллээччилэрин, эдэр ийэлэригэр Саха сиригэр Ийэлэр күнүн чэрчитинэн, «Ийэҕэ махтал» бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Тэрээһини уһуйаан иитээччилэрэ :Иванова Дарья Гаврильевна, Михайлова Наталия Гаврильевна иилээн-саҕалаан тэрийэн ыыттылар.
Уһуйаан иитээччилэрэ  ийэлэргэ кыра саастаах оҕо, аан маҥнай уһуйааҥҥа кэлэригэр адаптациятын хайдах ааһарыгар, оҕолор саҥарар дьоҕурдарын сайыннарыыга, оҕону кытта дьарыктарга сүбэлэри биэрдилэр.
Эдэр төрөппүттэргэ «Особенности развития детей раннего возраста», «Возрастные особенности детей 3-4 лет» тиэмэлэргэ көмө буклеттары оҥорон, бэчээттэн тарҕаттылар.

Ийэ күнүнэн олохтоох бибилэтиэкэр Тимофеева Е. С. эдэр ийэлэргэ биктэриинэ ыытта, биктэриинэ түмүгүнэн: Лосотова Фатима Руслановна, Попова Татьяна Егоровна кыайыыны ситистилэр.
Эдэр ийэ Николаева Сияна Михайловна кэлбит эдэр ийэлэргэ оҕуруонан тиһэн баттах киэргэлин, невидимканы оҥорорго маастар-кылаас ыытта. Бары кэлбит ийэлэр көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Ийэлэр остуол тула олорон кэпсэтэн, бэйэлэрин санааларын атастастылар. Уһуйааччылар уонна  повар  Петрова Зоя Петровна кырачаан асчыттары кытта көмөлөөн астаабыт минньигэс  пиццаларын амсайан, сэргэхсийэн тарҕастылар. Бары кыттыыны ылбыт ийэлэрбитигэр махтал, чэгиэн-чэбдик, доруобай буолуҥ.
Е. С. Тимофеева, Чаппанда.

Читайте дальше