Муус устар 20 күнүгэр күлүм-чаҕыл күннээх-ыйдаах, ача тардар алаастардаах, Таркаайы нэһилиэгин хайҕаллаах Хатыҥ-Сыһыы сэлиэнньэтигэр, биир умнуллубат үтүѳ күн буолла. Ол курдук ССРС културатын туйгуна, СР култууратын уонна искусствотын бочуоттаах үлэһитэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, СР ырыа айааччыларын Союһун уонна СР композитордарын Союһун чилиэнэ, Барҕарыы фонда лауреата, СР Ытык сүбэтин Бочуоттаах кырдьаҕаһа, Ньурба улууһун уонна Таркаайы нэһилиэгин Бочуотаах олохтооҕо, Гражданскай килбиэн бэлиэ кавалера, Ньурба оройуонугар социальнай=экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин бочуотунай бэлиэ хаһаайына Афанасий Александрович Моргусов айымньыларынан «Истиий дуу, дууһам иэйиитин» улуустааҕы үҥкүү күрэҕэ өрө көтөҕүүлээхтик буолан ааста.
Барыта 7 нэһилиэктэн 9 үҥкүү ансаамбыллара- Күндээдэ нэһилиэгэ “Кэскил”оҕо үҥкүү ансаамбыла, салайааччы Степанова Галина Прокопьевна; Үөдэй нэһилиэгэ, “Кэнчээри” оҕо үҥкүү ансаамбыла, салайааччы Федорова Марфа Самуиловна; Хатыы нэһилиэгэ “Далбар”үҥкүү ансаамбыла салайааччы Сивцева Туйаара Васильевна, Сүлэ нэһилиэгэ “Айылгы”үҥкүү ансамбыла салайааччы Алексеева Татьяна Николаевна; Таркаайы нэһилиэгэ “Хотууна” үҥкүү ансамбыла салайааччы Алексеева Ольга Владимировна; Малыкай нэһилиэгэ “Ситим” үҥкүү ансаамбыла салайааччылар Болтунова Пелагея Егоровна, Ушканова Сандаара Иннокентьевна; Ньурба куораттан “Ситим” үҥкүү ансамбыла, салайааччылар Петрова Зинаида Тарасовна, Седалищева Анжелика Григорьевна; Таркаайы нэһилиэгэ «Нүһүлгэн” үҥкүү ансаамбыла салайааччы Алексеева Ольга Владимировна; Хатыы нэһилиэгэ “Күндүмэн”салайааччы Сивцева Туйаара Васильевна күөн көрсөн, күрэс былдьастылар. Күрэҕи сыаналыыр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр Саха республикатын култууратын туйгуна, Ньурбатааҕы “Кыталык” култуура киинин түмсүүлэрин салайааччыта Плотникова Варвара Георгиевна, Ньурба улууһун култууратын департаменын исписэлииһэ Архан Айсаара Алексеевна уонна Афанасий Александрович Моргусов аатынан норуот айымньытын дьиэтин директора Петрова Валентина Степановна.
Сыанаҕа бииртэн биир дьэрэкээн көстүүмнээх үҥкүүһүттэр тахсан, араас матыыптаах музыкаҕа үҥкүү арааһын кэрэ муусука доҕуһуолунан толордулар. Киһи эрэ кэрэхсиир кэрэ туруоруулаах үҥкүүлэри Таркаайы олохтоохторо үс чаас устата тыыммакка олорон көрдүлэр. Бары үҥкүүһүттэр үчүгэйдэрэ, таҥастара сиэдэрэйэ сөхтөрдө.
Күрэх түмүгүнэн кылаан чыпчаал аатын сүгэн Афанасий Моргусов дьиэ кэргэнэ туруорбут 50 000,00 харчытынан наҕарадаланна Күндээдэ нэһилиэгин “Кэскил” оҕо үҥкүү ансаамбыла — салайааччы Степанова Галина Прокопьевна «Бастыҥ салайааччы» аатын ылла, Таркаайы нэһилиэгиттэн “Хотууна”, “Нүһүлгэн” үҥкүү ансаамбылларын салайааччыта Алексеева Ольга Владимировна «Көрөөччү биһирэбилэ» ааты ылла Ньурбаттан “Ситим” үҥкүү бөлөҕүн салайааччыта Петрова Зинаида Тарасовна. Саамай кыра кыттааччынан Сүлэ нэһилиэгиттэн 3 саастаах Андреева Алисия буолла, саастаах үҥкүүһүт аатын ылла Таркаайыттан 73 саастаах Николавеа Елена Никлаевна. Маны таһынан араас саастарынан арахсан лауреат, дипломан ааттара уонна анал ааттар ананнылар.
Хаһан баҕарар хайа баҕарар тэрээһин өйүүр, көмөлөһөр дьоннордоох буоллаҕына үрдүк таһымҥа тахсар. Итини этэн туран бүгүҥҥү күрэхпитигэр күүс-көмө буолбут спонсордарбытыгар Улуустааҕы култуура департаменыгар,Таркаайы нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар, К.Д Уткин аатынан Марха орто оскуолатын коллективыгар, урбаанньыттарга Маяровская Мария Семеновнаҕа, Никонов Прокопий Прокопьевичка, кэрэни кэрэхсиир, өйүүр эдэр ыччаттарбытыгар Сардаана уонна Николай Михайловтарга, Маргарита Ивановна уонна Ариан Александрович Моргусовтарга, Кировтан Афанасьева Маргарита Игнатьевнаҕа барҕа махтал тылларын этэбит уонна бары кэрэни,үтүөнү баҕарабыт.
Суол куһаҕанын аахсыбакка, ыраах диэбэккэ кэлэн кыттыбыт бары үҥкүүһүттэргэ, кинилэр салйааччыларыгар иинникитин ситиһиилэри, таһаарыылаах үлэни баҕаран туран махтанабыт.
А.А. Моргусов аатынан “Талба” Норуот айымньытын дьиэтэ