Олунньу 19-22 кк. өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуота ыытыллыаҕа. Бырабыыталыстыба улахан оробуочай бөлөҕүн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов баһылыыр-көһүлүүр. 3 бөлөх тэриллэн нэһилиэктэргэ барыларыгар сылдьан отчуоттуоҕа. Бастакы бөлөҕү – Георгий Степанов бэйэтэ, иккиһи – тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэ миниистирэ Артем Александров, үсүһү – үөрэх уонна наука миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова салайаллар.
Бырабыыталыстыба оробуочай бөлөҕөр физическэй култуура уонна спорт миниистирин бастакы солбуйааччыта Александр Бугаев, үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччыта Иннокентий Коротких, доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччыта Любовь Бурнашева, министиэристибэлэр департаменнарын уонна отделларын, өрөспүүбүлүкэ биэдэмистибэлэрин салайааччылара уо.д.а. киирэллэр. Итини сэргэ биир дойдулаахтарбыт, Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ Владимир Прокопьев уонна Георгий Балакшин эмиэ кытталлар.
19.02.2024 с. маҥнайгы бөлөх– Күндээдэҕэ, Чаппандаҕа уонна Антоновкаҕа, 2-с бөлөх – Дьаархаҥҥа, Хаҥаласка уонна Аканаҕа, 3-с бөлөх –Ньурбачааҥҥа, Сүлэҕэ уонна Дьиикимдэҕэ үлэлиэхтэрэ.
20.02.2024 с. – Малдьаҕарга биллиилээх судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэллэр, бырааттыы Семен-1 уонна Семен-2 Донскойдарга аналлаах пааматынньык аһыллар, оробуочай бөлөхтөр бары манна кытталлар. Салгыы Георгий Степанов уонна Артем Александров оробуочай бөлөхтөрө — Малдьаҕарга, Хатыыга уонна Маалыкайга, Алевтина Аргунова салайааччылаах бөлөх Өҥөлдьөҕө отчуоттууллар.
Олунньу 21 к. маҥнайгы бөлөх – Чукаарга уонна Маарга, 2-с бөлөх – Хорулаҕа уонна Хатыҥ Сыһыыга үлэлиэхтэрэ. 3-с бөлөх Үөдэйгэ отчуоттаан икки аҥы арахсан, Маарга уонна Хатыҥ Сыһыыга үлэлиэхтэрэ. Бу киэһэ бырабыыталыстыба отчуоттуур бөлөҕө толору састаабынан Ньурба к. олохтоохторун иннигэр отчуоту туруоруоҕа. Ханна даҕаны отчуот иннинэ дьону тус боппуруостарынан приемнааһын буолуоҕа.
Олунньу 22 к. Марха улууһа (Ньурба улууһа) тэриллибитэ 200 сылын тэрийэн ыытар хамыыһыйа сүбэ мунньаҕа; улууспут тэриллибитэ үбүлүөйдээх 200 сылыгар аналлаах сыл үөрүүлээхтик аһыллыыта, Үөдэй 10/25 миэстэлээх оскуола-саадын саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирэр кэрэ-бэлиэ тэрээһинэ ыытыллыахтара.
Улууспут олохтоохторун өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуотугар көхтөөхтүк кыттаргытыгар, санааларгытын, туруорсууларгытын этэргитигэр ыҥырабыт.
Геннадий Антонов
Хаартыска фотоархивтан туһанылынна.