Кэлэр сыл бүтүүтэ Бүлүү — Дьокуускай маршрутунан автобустар сырыылара олохтонуон сөп

 

2024 сыл бүтүүтэ Бүлүү — Дьокуускай маршрутунан пассажирдары таһар автобустар сырыыларын олохтооһун былааҥҥа киирэн, тиэйиини-таһыыны тэрийэр туһааннаах тэрилтэлэр кэпсэтиилэрэ, дьүүллэһиилэрэ саҕаланна. «Олох суола» хаһыат ааҕааччылара, ол иһигэр Дмитрий Яковлев редакцияҕа ыытар суруктарыгар «Бүлүү» федеральнай суол тупсубутунан — аспаалынан бүрүллүбүтүнэн сибээстээн Бүлүү — Дьокуускай маршрутунан удамыр сыаналаах билиэттээх автобустар сырыыларын олохтуурга туруорсаллар. Саха сирин киин куоратыгар диэри Бүлүүттэн автобустар хаһан тэриллиэн сөбүй? Биһиги ити ыйытыгы улуус дьаһалтатын бырамыысаланнаска, ОДьКХ-ҕа уонна тутууга управлениетын салайаачыта Иннокентий Петровка биэрбиппитигэр, кини бу курдук быһааран биэрдэ.

— Ити туһунан кэпсэтии бара турар. Ааспыт нэдиэлэҕэ Бүлүү улууһугар Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суолга куттала суох буолуу судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин управлениетын, «Бүлүү» федеральнай суолу көрөр Упрдор уонна «Дьокуускайдааҕы пассажирскай автотранспортнай предприятие» бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн, Бүлүү — Дьокуускай маршрутунан пассажирдары таһыыны олохтуур сыаллаах суолу-ииһи чинчийэн көрдүлэр, куоракка үлэлиэхтээх, база тэрийэр усулуобуйаларын билистилэр.

Улуус дьаһалтатыгар тэриллибит сүбэ-мунньахха Бүлүү — Дьокуускай маршрутунан автобустарынан пассажирдары таһыы, Бүлүү куоратыгар «ЯПАП» МУТ автотранспортнай пааркатын тэрийии, «Бүлүү» федеральнай суолга куттала суох буолууну хааччыйыы боппуруостара дьүүллэһилиннэ.

Олунньу ыйга федеральнай бырагырааманан Саха сиригэр аныгы, пассажирдарга табыгастаах комфортабельнай автобустар кэлиэхтээхтэр, итинтэн биһиги маршруппутугар элбэх пассажирдары ылар 5 автобуһу туруорар былаан баар.

2024 сыл бүтүүтэ Бүлүү — Дьокуускай маршрутунан пассажирдары автобуһунан таһыы олохтоноро былааҥҥа киирдэ.

Ити курдук, Саха сирин киин куоратыгар диэри Бүлүүттэн пассажирдары аныгы автобустарынан таһыы былааҥҥа киирбитэ үөрдэр, Дьокуускайга диэри сыана түһэрэ күүтүллэр. Билиҥҥитэ киин улуустарга сылдьар ЯПАП автобустарыгар билиэт сыаната чэпчэкитэ биллэр.

2024 сыл бүтүүтүгэр диэри туһааннаах тэрилтэлэри элбэх үлэ күүтэр, Бүлүү куоратыгар ЯПАП МУТ сир ылан, бэйэтин базатын тэриниэхтээх, оҥостуохтаах.

Николай Куприянов