“Саха” НКИХ өссө биир “Үҥкүүлээ” бырайыагар эмиэ биһиги биир дойдулаахпыт, Антоновка кэрэ кыыһа Снежана Николаева кыайыылааҕынан таҕыста. Ньурбалар 8 нэдиэлэ устата кыыстарыгар куоластаан, тэҥҥэ долгуйан күөх экраны манаатылар.
Снежана Николаева, «Эндорфин» фитнес-киин тренерэ:
— Бэйэм Антоновкаттан төрүттээхпин. Оскуоланы бүтэрэн баран Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар юрист идэтин кыһыл дипломунан, салгыы АГАТУ киирэн эмиэ кыһыл дипломунун бүтэрдим. Киһини өйдүөхпүттэн олоххо көхтөөх киһибин. КВН, ырыа, театральнай куруһуок буоллун, спорт буоллун, аҥаар кырыытыттан барытыттан ылсан иһэрим. Арай үҥкүүнэн эрэ дьарыктамматаҕым. Оскуоланы бүтэрэр сылбар аныгы үҥкүү хайысхата арыллыбытыгар киирэн биир эрэ сыл иһигэр “тото” дьарыктаммытым.
Устудьуоннуур сылларбар үҥкүүлүүр баҕам батарбакка, аҕыйах оҕону мунньаммын бэйэбит дьоҕус үҥкүү кэлэктиибин тэрийэн араас тэрээһиннэргэ кыттарбыт.
Уонна сайыҥҥы, кыһыҥҥы сынньалаҥмар дойдубар кэллим да, такситтан түһээт тута кулуубум диэки элээрэ турабын. Онно оҕолорго, ыччаттарга үҥкүү туруоран араас күрэхтэргэ наар миэстэҕэ тиксэрбит. Дойдубар улуу үҥкүүһүт курдук көрөллөр (күлэр).
“Үҥкүүлээ” бырайыакка кытын диэн ыҥырбыттарыгар тута сөбүлэспитим. Уопсайа 8 нэдиэлэ устата буолла. Барыта 7 үҥкүүнү туруордубут, сэрэбэй быһыытынан наһаа үчүгэй хамаандаҕа түбэһэммин кыттарбыттан бэйэм да дуоһуйууну ыллым. Уонна Ньургуйаана Владимировна, Наталья Егоровна курдук күүстээх салайааччылар оскуолаларын ааһаммын үҥкүүһүт эрэ буолбака, артыыс быһыытынан эмиэ кыһаллан түмүгэр финалга таҕыстыбыт.
Кэннибэр күүстээх өйөбүл баарын эппинэн-хааммынан биллим. Ньурбам, Антоновкам дьоно-сэргэтэ, “Куочайым ыччаттара” куоластааһын саҕаланаатын кытары социальнай ситими отой ылан кэбистилэр. Онон кинилэргэ улахан махталбын уонна тапталбын тириэрдэбин. Барыгытын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан, бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэргэ көрсүөхпүт!
Лена Петрова