Киэҥ көрүүлээх тириэньэр

Бэҕэһээ, тириэньэр күнүгэр, үлэ чааһын кэннэ олохтоох фитнес-клубка ыалдьыттаатыбыт. Икки оҕолоох ыал ийэтэ Кыталыктаах түөлбэ олохтооҕо, нэһилиэк дьокутаата Надежда Егорова 2019 сылтан «Профит-Старт» фитнес-кулуубу салайан үлэлэтэр. А.И. Пахомов аатынан Антоновка спортзалыгар дьарыктыыр. Номнуо клиеннэрин иһиттэн бэйэтэ үөрэтэн таһаарбыт үс тириэньэрдээх. 

Надежда үөрэҕинэн саха тылын учуутала. Антоновка оскуолатыгар 10 сыл үлэлээбитэ, выпусктаабыт биир кылаастаах, ыччат хамсааһыныгар улахан өҥөлөөх. Атын эйгэҕэ барарыттан өр толкуйдаабакка, баҕа санаатын толорон фитнес-кулууп аһан үлэлэтэр. Номнуо нэһилиэк иһиттэн, Ньурбаттан, Ыраах Убайаантан, Сүлэттэн  кытары бааллар,  сөбүлээн сылдьар сирдэрэ буолла. Биир кэмҥэ Надежда тоҕус бөлөҕү барытын бэйэтэ илдьэ сылдьыбыт. Онтон  кэрэ аҥардары үөрэтэн, үлэ миэстэтин таһааран кэлэктиип улаатан турар. Салайааччы быһыытынан үлэ таһымнаах буоларыгар дьарык былаанын тириэньэрдэртэн  өрүү ирдиир.

Эрдэ функциональнай, силовой дьарык этэ. Күһүҥҥүттэн сайкл эбилиннэ, өссө МФР киириэ. Сөбүлүүр дьыалатыгар бэриниилээх тириэньэр сылга үстэн кырата суох үөрэххэ үөрэнэр. Бу соторутааҕыта Санкт-Петербургтан кэлбитэ. Ону таһынан Надежда гиревой спордунан дьарыктанар.

-Кыргыттар араас сыаллаах кэлэллэр:ыйааһыннарын түһэрэ, алтыһа, санаа көтөҕө. Онон хас биирдиилэригэр туспа сыһыан наада. Дьарыкка сылдьарга диссипилиинэ, мотивация да баар буолар, тус олоххо уларыйыылар бараллар. Кэргэннэрэ, оҕолоро холобур ылан спортка, чөл олоххо чугаһыыллар», — диэн үөрэ кэпсиир Надежда. Физическэй өттүнэн сайдыбыт киһи өйө-санаата атыннык үлэлиир, ыарахаттары чэпчэкитик ылынар буолар диэн бэлиэтиир. Уонна сүрүн санаата: «Чугас дьонум, дьиэ кэргэним күүстээх өйөбүл буолар. Кинилэр баар буолан айар-тутар иэйии, кыах күүһүрэр».

Фитнес-кулуупка сааһыттан тутулуга суох баҕалаахтар бары сылдьаллар. Кулууп бастыҥ көрдөрүүтэ — сыл аҥарыгар 26 киилэни көҕүрэтии. Тириэньэрдэр клиеннэр астарын көрөллөр, өрүү консультациялыыллар. Дьарыктанааччылар үөрэ-көтө кэлэллэр, баралларыгар өссө дьоллоох көрүҥнээх буолаллар. Ити буоллаҕа сөптөөх эйгэлээх, истиҥ сыһыаннаах үлэ өссө биир түмүгэ.

Идэлээх бырааһынньыгар Надежда тириэньэр кыргыттарыгар Ингаҕа, Юлияҕа, Сардаанаҕа кыра бэлэхтэри бэлэмнээбит. Фитнес-кулуупка сылдьааччылартан бэлэхтээх кэлбиттэр эмиэ бааллар. Бу элбэҕи этэр. Өссө биири бэлиэтии  көрбүппүнэн, тириэньэрдэр өрөспүүүлүкэҕэ биллэр биир дойдулаах дизайнербыт Марфа Федорова брендыттан наскыылары кэтэллэр эбит. Килиэннэргэ да баара бэйэтэ туспа тренд.

Түмүккэ Надежда Егорова дьарыкка чугаһаабатах дьоҥҥо-сэргэҕэ үс сүбэ биэрдэ.
1. Төбөттөн атахха тиийэ биэс да мүнүүтэлээх  сарсыардааҥҥы сэрээккэ.
2. Күннээҕи рациоҥҥа иҥэмтиэлээх аһылык.
3. Элбэхтэ хаамыы. Бириэмэ, доруобуйа сатаммат буоллаҕына, дьиэҕэ биир сиргэ туран хаамыы эмиэ буолуон сөп.

Аныгы кэмҥэ тириэньэр суолтата үрдээн турар. «Профит-Старт» инникитин да сайда, чөл олоххо угуйа турдун!

 

Октябрьскай нэһилиэк пресс-киинэ