Санаа абылыыр күүһэ мэҥэ халлааны санныгар өйөөн турар таас хайалардаах, тыйыс тымныы кыһыннаах, ирбэт тоҥ муустаах, эйэҕэс, элэккэй дьоннордоох Өймөкөөн улууһугар тиһэх сылаас күннэри баттаһа айаннаан кэллим.
Туймаада хочотуттан сарсыарда 9 ч. турунан Өлүөнэ эбэни икки чаас кэриҥэ туораан Майаны ааһан Чурапчы суолун тутан чахчы даҕаны хатыҥ чараҥнаах Чурапчыга эбиэттээтибит. Таатта улууһугар тиийээппитин курулас ардах саҕаланна. Тааттаттан Улуу А.Е. Кулаковскай саха тылын төрүттээччи, култуурунай-уопсастыбаннай диэйэтэл, ырыаһыт-хоһоонньут искибиэригэр айан дьоно буоларбыт быһыытынан алгыстаах алаадьыбытын уурдубут.
Ытык Таатта… Бу айаннаан иһэр суолбутунан хаһан эрэ Өксөкүлээх, Ойуунускай, Софронов, Неустроев, Амма Аччыгыйа, Эллэй, Суорун Омоллоон хаампыттарын санаатахха киһи күүскэ долгуйар эбит.
Халыма суолугар тиийиибитигэр ардах тохтоото, халлаан хараҥарда. Тохтобулга айаммыт сирдьитэ Перевалов Василий Васильевич эдэркээн уол: «Сардана, хайаларыҥ саҕаланнылар», — диэтэ. Хараҥа быыһынан көрбүтүм, доҕоор, суол икки өттө өрө үллэн, былыт курдук өрөһөлөнөн киһи бэккиһиир көстүүтэ эбит.
Вася туһунан кыратык кэпсии-сырдата түһүүм. Кини Чурапчы төрүт оҕото. Идэтинэн история учуутала. 2019 с. Томпо, Өймөкөөн хайаларыгар ытта сылдьан баран, бэйэтэ сирдьит быһыытынан айанын саҕалаабыт. 2023 с. от ыйыгар Эльбрус хайаны дабайан тахсан анал сэртипикээттээх. Эдэр киһи бэйэтин тургутан көрөн, саха ньоҕойун дакаастаабыт. Эльбрус үрдүгэ 5642 м, санаабычча дабайыллыбат, кыаллыбат сир.
Түүннэри айаннаан хонук сирбитигэр түүн 3 ч. тиийэн хоннубут. Мин сарсыарда эрдэ туран туох дойдуга кэлбиппин билээри чинчийэн көрдүм. Базабыт аата «Хороту». Базаны Түмэн Эрилик кырыарба диэн ааттаах Өймөкөөн олохтооҕо оҕо тэрийбит. «Хороту» — эбээн тыла, хори — ухо. Хоротуну үөһэттэн көрдөххө киһи кулгааҕар майгынныыр моһуоннаах эбит.
Базабыт үрдүк сиргэ турар. Икки хонорго анаан дьиэлэрдээх, аһыыр сирдээх, баанньыктаах, душтаах, Өймөкөөнтөн төрүттээх Прокопий диэн харабынайдаах. Бу уол оҕо сылдьан ат сүүрдээччитэ эбит. Онно оһоллонон кыратык содьороҥ. Бэрт элбэх кэпсээннээх, бэһиэлэй киһи. Үлэтэ сааскыттан саҕаланар, сир тоҥуор диэри. Саас күөлгэ араас көтөр түһэн аһаан, сынньанан ааһар эбит.
Тымныы чыпчаалынан аатырбыт ытык Өймөкөөн улууһугар тиийэн киһи санаалыын ырааһырар, өйүҥ арыллар, дууһалыын чэпчиир турукка киирэҕин.
Нөҥүө күнүгэр ууллубат муус байҕал сайыннары мууһунан бүрүллэн сытар сиригэр сырыттыбыт. Көрөргө олус кэрэ. Манан Сунтаар өрүһэ диэн дьикти кэрэ айылҕалаах, ып-ыраас уулаах сир баар.
Онтон Уус-Ньаараҕа тиийэн дабайыктаах «Афродита» хайатыгар айаннаатыбыт. Кумах, таас кутуулаах, түһүүлээх, тахсыылаах айан суола оллура-боллура олус элбэх. Аара суол оҥоро сылдьар техника элбэх. Үрдүк тубус-туруору, сыгынньах таас хайалары көрө иһэргэ олус кэрэ, хайа иһигэр хайа, сорох сиринэн болбукта, лабыкта өлгөмнүк көстөн ааһар. Саас манна хайа сирэйигэр рододендрон үүнэн тула барыта розовай буолан өссө кэрэ көстүүнү үөскэтэр эбит. «Афродита» хайаны геологтар арыйбыттар эбит. Үрдүгэ 2060 м. хайа анныгар хайыһар базата баар, элбэх тутуулардаах.
Хайаҕа ыттар айаммытын сарсыарда эрдэттэн саҕалаатыбыт. Хойуутук үүнэр болбукта быыһынан сымара таастар үрдүлэринэн хааман таас үрэҕи кыйа баран истэххэ, үрэх тыаһа араастаан уларыйар. Аллараа төҥкөйдөххүнэ түгэҕэ көстүбэт хаспах буолан таҥнары эриллэн, эргичийэн киирэн бара турар.
Ыра санаа кыымын саҕан, ыраахха да ыраахха угуйан «Афродита» хайабыт тэллэҕэр сынньанан олоро түһэн, айаммыт торумун, быраабылатын сирдьиппит Вася уол баһаарда.
Тулабытыгар хайалар халлааны харбыалаһаллар, хайа үөһэ былыттар бу уста сылдьаллар. Эмискэ туман курдук буолар, былыт иһинэн айаннаан иһэбит диэн буолар. Алҕаска да биир эмэ хамныыр харамайы харахтаабатыбыт, бэл диэтэр кумаар-бырдах суох.
Таастан тардыһан, таска тирэнэн, сорох сиргэ сыыллан Афродитабытыгар ыттан таҕыстыбыт. Остуол ньуурун курдук көнө, дьоҕус сиргэ тахсан сынньанныбыт. Күлүмүрдэс үрдүккэ чараас былыттар усталлар. Былыт таастан тааска охсуллан үөһэ-туора күүдэпчилэнэр. «Афродита» хайаны үөһэ көрдөххө, сыгынньах таас түөһэ өрө мөтөйөн тахса турар сымара, хара таас. Үөһэ тахсан көрдөххө «үчүгэйиэн!» диэх курдук. Оо, Саха сирэ, мааныгын, кэрэҕин даҕаны! Хайа дьэҥкир сүүрүгүнэн дьүүктэ уута дьэрэлийэр. Төннөрбүтүгэр халлаан хараҥарда. Тулабыт чыпчылыҥнаһа турар сырдык сулустарынан туолан үрдүк халлаан оройугар ойуу-бичик эгэлгэтэ айылҕа дьикти көстүүтэ буолла.
Өймөкөөн Магадан уолбалаһын кытта сэргэстэһэ сытар буолан, репрессия ыар сылларыгар хаайыы сирэ буолбута.
Нуучча суруйааччыта В.Т. Шаламов ыар дьылҕаламмыт дойдубут араас дьоно сор олохторун суруйбута баар.
Өргөстөөх хайалардыын өрө туста турар Өймөкөөн аартыгар, айар тыл аҕатын албаннаах аатыгар, өлбөт-сүппэт үйэлээх Өксөкүлээх Өлөксөй өлбөт тыыннаах өйүгэр, тоҥ-муус дойдутун тумаралаах уорҕатын уһаты-туора сыыйбахтаабыт уратылаах айанньыкка мэҥэ таас хомпоруун хотой мөһүөннээх бэлиэ сир баар эбит. Үрэх төрдө диэн сиргэ ыһыах ыспыт алааһыгар икки сэргэ бэлиэ өйдөбүнньүк буолан тураллар. Эдэр ыччат, кырдьаҕас да дьон Өймөкөөҥҥө бастакы ыһыах буолбут сирин кэриэстээн сылдьар суоллара кэҥээн иһэр.
Сорук сорунан, суолга турунан бииргэ сылдьыспыт, арыаллаабыт дьоммор, чуолаан Вася Переваловка барҕа махталбын тиэрдэбин, өссө да үрдүк чыпчааллары дабайарыгар баҕарабын.
Сардана Сабардахова