Киирии Аартык “МААР СИРЭ”


“Сири-дойдуну дьоһун дьоно сураҕырдаллар” диэн сахаҕа өбүгэ саҕаттан дириҥ ис хоһоонноох муударай өс номоҕо баар. Чахчыта даҕаны ханнык баҕарар түбэ, түөлбэ талааннаах, чулуу үлэһит дьонунан сэргэтинэн ырааҕынан чугаһынан киэҥ эйгэҕэ аата суола иһиллэр, бэлиэтэнэр. Ол быһыытынан ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут мааны Маарбыт дорҕоонноох аатын, суон сураҕын ааттаппыт үгүс талааннаах, үлэһит бастыҥа дьоннорбутунан киэн туттабыт.
Ол курдук биһиги нэһилиэкпит ытык-мааны ыала, Саха сирин көмүс кинигэтигэр киирбит10 о5олоох Дария Федоровна, Дмитрий Николаевич Яковлевтар 2 уоллара Саха Өрөспүүблүкэтин үтүөлээх тутааччыта, Дьокуускай куорат бочуоттаах тутааччыта, Түмүк нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Федор Дмитриевич Яковлев нэһилиэкпит олохтоохторо өр сылга кэтэспит баҕа санааларын толорон, төрөөбүт дойдутугар айан аартыгар баараҕай бэлиэни, киһи хараҕын үөрдэр кэрэ көстүүнү төрөөбүт дойдутугар бэлэх оҥорон, атырдьах ыйын 18 күнүгэр умнуллубат, үөрүүлээх күн буолла.


Федор Дмитриевич талааннаах дьону түмэн бу баараҕай тутууну олоххо киллэрдилэр. Стела автора-скульптор аан дойду таһымнаах выставкалар, республиканскай муус уонна хаар оҥоһуктар призердара, Л.А.Ким аатынан ДХШ педагога Анна Дмитриевна Саввина. Биир санаанан үлэлэстилэр Шардинова М.П., Птицын К.Р., Яковлев А.А., уонна керамогранит-плитатын уурда биһиги нэһилиэкпит олохтооҕо, Маар орто оскуолатын учуутала Григорьева Анетта Павловна.
Саха омук сиэринэн аал уоту оттон айах тутан үрдүк айыыларга сүгүрүйэр үтүө үгэһинэн, айан аартыгар бэлиэ сурук алгыһын түһэрдэ.
Аан дойдутааҕы ЮНЕСКО иһинээҕи норуот эмчиттэрин ассоциациятын магистра, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот эмчиттэрин ассоциациятын чилиэнэ, “Аар Айыы” итэҕэлин 11-с кэрдистээх алгысчыта, үрдүкү категориялаах норуот эмчитэ, Ньурба улууһун, Таркаайы нэһилиэгин бочуоттааъ олохтооҕо, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайына, үлэ бэтэрээнэ, алгысчыт Алиса Михайловна Иннокентьева.
Үөрүүлээх түгэммитин кэлэн тэҥҥэ үллэстэн, эҕэрдэ эйэҕэс тылларын эттилэр Ньурба оройуона Муниципальнай оройуон аҕа баһылыга Иннокентьев А.М., Народной депутат В. Прокопьев, Ил Дархан Сүбэһитэ Г. Балакшин.

Талба талааннаах ырыаһыт ымыыларбыт, киэн туттар биир дойдулаахтарбыт Илья Николаев, Дора Бурнашова төрөөбүт дойдуларын туһунан ырыа кэһиилээх кэлэн дьон-сэргэ сүргэтин көтөхтүлэр.
Төрөөбүт төрүт түөлбэбит сылын аайы тупсан, киэркэйэн, сайдан иһэриттэн биһиги олохтоохтор үөрүүбүт муҥура суох. Төрөөбүт нэһилиэкпит билиҥҥи олох тэтиминэн тэҥҥэ сайда, чэчирии турарыгар бары биир санаанан салайтаран үлэлиибит, хамсыыбыт.
Дьиэ тиэргэниттэн саҕаланар дииллэринии, аны Түмүк нэһилиэгэ ыалдьытымсах, кэрэ дууһалаах дьон олорорун туоһулуур история кэрэһитэ буолар айан аартыгын баараҕай тутуу бэлиэтиттэн саҕаланар. Үйэлээх тутуу нэһилиэк дьоно киэн тутта кэпсиир бастыҥ көстүүлээх тутуута буоллун. Төрөөбүт төрүт дойдубут үүнэ-сайда, чэчирии-чэлгийэ турдун!

«Алгыс» норуот айымньытын киинэ

Читайте дальше