Ким күүстээх, кыахтаах — ол кыайдын

Кулун тутар 19 күнүгэр «Кэскил» оҕо уһуйааныгар «Национальный чемпионат по робототехнике — Красноярск 5,0» робототехникаҕа чөмпүйэнээккэ бэлэмнэниигэ анаан, Ньурбаҕа Бүлүү бөлөх оҕо уһуйааннара  сүүмэрдээһин этабын аастылар. Чөмпүйэнээт оҕо научнай- техническэй өттүнэн сайдарыгар тэриллэн ыытылынна.Ньурба улууһунааҕы үөрэҕирии салаата, 4 №-дээх «Кыталык» СӨ региональнай ресурснай киинэ тэрийэн ыыттылар.

«Smart Edication» хампаанньа дириэктэрэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Октябрина Семеновна Петрова кыттыыны ылла.
V региональнай робототехникаҕа чөмпүйэнээтигэр Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн , Сунтаартан барыта 17 хамаандалар кытыннылар, 15 экспердэр талыллан үлэлээтилэр. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор «Сокровища недр» ханнык сиргэ  сир баайа баарын оҕолор  үөрэппиттэрин  көмүскээтилэр.
Санатар буоллахха, бастакы чемпионат 2017 сыллаахха Ньурбаҕа, 2020 с. пандемия кэмигэр куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар буолта. Ол саҕана кыттыбыт оҕолор Новосибирск, Екатеринбург, Нижнэй Новгород, Москуба куораттар чөмпүйэнээттэргэ кыттыбыттара. Быйыл Арассыыйа таһымнаах норуоттар икки ардыларынааҕы чөмпүйэнээт Красноярскай куоракка буолуоҕа.
Сарсыарда спортивнай саалаҕа тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытын кэнниттэн, хосторунан бырайыактары көмүскээһин буолла.
Улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор отделын салайааччыта Евдокия Васильевна Кириллина:
— Бүгүҥҥү тэрээһини тэрийсибит оҕо уһуйааннарыгар, чуолаан «Кэскил» салайааччытыгар Анна Николаевнаҕа, «Кыталык» салайыыччытыгар, робототехника ресурснай киин салайааччытыгар Майя Олеговнаҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит.
«Кыталык» оҕо уһуйаанын салайааччыта Майя Николаева: Быйыл СӨ Оҕо саас, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыллара биллэриллибитэ. Онон сиэттэрэн үлэ, былаан элбэх. Оҕолорбут төрөппүттэрэ биһиэхэ төһүү күүс буолаллар, дьиэ кэргэннэри кытары бииргэ араас тэрээһиннэри тэрийэбит.
«Кыталык» оҕо уһуйаана 2019 с. оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго тиэхиньиичэскэй өттүнэн оҕо дьоҕурун сайыннарыыга бырайыагынан оҕолорго чөмпүйэнээт тэрийэн ыытабыт. Оҕо кыра сааһыттан бырамыысыланнас туһунан өйдөбүллээх буоларын туһугар үлэ ыытабыт. Сыл саҕаланыаҕыттан чөмпүйэнээккэ бэлэмнэнэбит.
Биһиги оройуоммут инники кэскилэ сайдыылаах, үтүө-мааны дьон буолан тахсалларын туһугар үлэ барар. Бүгүҥҥү региональнай чөмпүйэнээт «Ким күүстээх, кыахтаах — ол кыайдын» диэн девиһинэн барда.
«Smart Edication” хампаанньа дириэктэрэ Октябрина Петрова:

— Бастакы чөмпүйэнээт 2017 сыллаахха Ньурбаҕа, 2020 с. пандемия кэмигэр куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар буолта. Ол саҕана кыттыбыт оҕолор Новосибирск, Екатеринбург, Нижнэй Новгород, Москуба куораттарга чөмпүйэнээккэ кыттыбыттара. Быйыл Арассыыйа таһымнаах норуоттар икки ардыларынааҕы чөмпүйэнээт Красноярскай куоракка буолуоҕа.РФ үөрэх министиэристибэтэ «Лига открытий» уһуйаан, оскуола саастаах оҕолорго ананан дьоҕурдарын, компетенцияларын, научнай-техническэй сайдыыга саҥа технологияларга бастакы хардыы оҥорорго туһуланар бырайыак буолар.

Быйылгы чөмпүйэнээт темата «Остров сокровищ». Арассыыйаҕа туһалаах хостонор сир баайдарын оҕолор сылы быһа чинчийэн үөрэтэн, конструкторынан хамсыыр модель оҥорон бырайыактарын көмүскээтилэр.
Саха сиригэр бу бырайыагынан үлэлээбиппит төрдүс сыла буолар. Федеральнай таһымҥа Саха сириттэн 10-нуу хамаанда, сылын аайы Бүлүү бөлөх оройуоннара ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Федеральнай экспертэр Саха сирин хамаандаларын атын регионнары кытта тэҥнээтэххэ, иллээхтэрин, эйэлээхтэрин, хамаанданан түмсүүлээхтэрин, үрдүк таһымнаахтарын бэлиэтииллэр.
Муус устар 5-6 күннэригэр Саха сириттэн Красноярскай куоракка 10 хамаанда  күрэх түмүгүнэн кыттыыны ылыахтара, кылгастык билиһиннэрдэ.
Күрэх кэмигэр Бүлүү улууһун Дьөккөн нэһилиэгиттэн «Работяги» хамаанда тренерэ Дмитриева Марианна Петровна «Да будет газ» тиэмэнэн, Антоновкатааҕы «Биһик» оҕо уһуйаана «Сокровище недр» уопсай тиэмэҕэ «Туһалаах с иртэн хостонор баай» туһунан кылгастык билиһиннэрдилэр.
Кырачаан оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ оҥорбут лего конструктордарын дьүүллүүр сүбэ иннигэр дуоспуруннаахтык көмүскээтилэр, эбиитин билиилэрин хаҥаттылар.

Антонина Семенова