Комплекснай спартакиада былаана дьүүллэһилиннэ

Хорула нэһилиэгэр эһиилги комплекснай спартакиада былаанын дьүүллэһиигэ сүбэ мунньах ыытылынна.

Улуус баһылыгын солбуйааччыта Наталья Петрова, улуустааҕы спорт управление салайааччыта Роберт Алексеев, нэһилиэктэр баһылыктара, спортинструктордара кыттыылаах сүбэ мунньах буолла.

Бу комплекснай спартакиада Ньурбабыт улууһугар маассабай спорт сайдыытыгар, нэһилиэнньэ олохтоохторун спорт эйгэтигэр сыһыаран, чөл олоҕу пропагандалаан, бастыҥ көрдөрүүлээх спортсменнары сүүмэрдиир сыаллаах ыытыллар.

Биирдилээн нэһилиэктэр бэйэлэрин истэригэр сүүмэрдээһин күрэх ыытан улуустааҕы күрэххэ хамаанда талан туруоруулара биһэрэбиллээх. Уонна бу курдук нэһилиэк баһылыктара бэйэлэринэн хамаандаларын арыаллаан, ыалдьан, сорох көрүҥнэргэ бэйэлэрэ кыттан нэһилиэктэрин олохтоохторун кытта ыкса сибээһи олохтуур.

Спорт хайа баҕар түгэҥҥэ дьону түмэ тардар, эт-хаан өттүнэн киһини чөл эрэ турукка сирдиир. Бу спартакиадаҕа кытта сылдьар нэһилиэктэрбит түмсүүлээхтик, спорду доҕор оҥостон, олус үчүгэйдик кыттыыны ыла сылдьаллар. Түмүктүүр күрэхтэргэ ситиһиилэри, кыайыыны-хотууну!

Ньурбатааҕы спорт управление пресс-киинэ