🐟🐟🐟Хас биирдии саха киһитэ оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр уһулуччулаах судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи П.А.Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» кэпсээнин уонна суруйааччы Күндэ айымньыларын кэрэхсии аахпыттара буолуохтаах. Собо — сут-кураан дьылларга саха норуотун аччыктааһынтан быыһаабыт, үрүҥ тыынын өллөйдөөбүт төрүт аспыт. Куйуур – өбүгэ саҕаттан күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэлбит саха төрүт дьарыга.
Билигин даҕаны элбэх киһи куйуурдуур. Саас аайы күн уһаан, сылыйан куйуур айдаана саҕаланар. Ханнык эбэттэн ким төһө балыгы таһаарбытын сураһыы, кэпсэтии буолар. Ватсап сайдыбыт үйэтигэр ким ханна төһөнү бултуйбута биллэн иһэр. Кэнники кэмҥэ курааҥҥа сир-дойду уута уолан, төһө даҕаны балыктаах күөл аҕыйыы быһыытыйбытын да иһин, баартаах дьон син-биир түбэһэн бултуйаллар. Саалтааныга, Күндээдэҕэ дьон собоҕо тиксибит сураҕа иһиллэр.
Геннадий Антонов
Хаартыскалар социальнай ситимнэн ылылыннылар