Бу сыл кулун тутар ыйга дьоллоох Дьокуускай куорат туонатыгар “Музыка уонна фольклор” түмэлигэр норуот маастара (Угапьева) Алексеева Раиса Николаевна “Күн күлүмүн сапка тиһэбин” диэн айар үлэтин иис-уус быыстапката буолла. Кини 1946 с. Ньурба оройуонугар, Ньурбачаан нэһилиэгэр Угапьевтар диэн колхозтаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата Николай Николаевич байанайдаах булчут, үлэһит үтүөтэ буолан, дьон-сэргэ ытыктабылын ылбыта. Ийэтэ Тамара Антоновна “Наука” холхуос бастыҥ үлэһитэ, уран тарбахтаах иистэнньэҥ этэ. Угапьевтар – удьуор үлэһит, олоххо күүстээх тардыһыылаах дьон.
Рая оҕо эрдэҕиттэн ийэтэ иистэнэрин олус кэрэхсиирэ, удьуор тыына тардан, кэрэни өйдүүргэ уһуйуллубута. Кини – сайылык кыыһа, алаас оҕото. Сиэдэрэй сибэккинэн симэммит күөх хонуулаах, мүөттээх салгыннаах сайылык айылҕатын үүнэр-сайдар тэтимигэр дьүөрэлэһэн улааппыта уран тарбахтаах иистэнньэҥ буоларыгар тирэх буолбута. Сырдьыгыначчы буспут арыылаах алаадьы сытын, төрөөбүт айылҕатын ойуу-оһуор өҥүн-дьүһүнүн ис кутугар иҥэриммитэ кини үлэтигэр (ииһигэр) ырылыччы көстөр. Оһуор-ойуу суолтатын, ис хоһоонун таба туһанан уран оҥоһуктары айан, дьүһүйэн оҥоруу ураты тыыннаах, аптаах-хомуһуннаах. Ол иһин иис уустарга өбүгэ сиэрин-туомун, үөрүйэҕин, үгэһин дириҥник билэллэрэ ирдэнэр. Өбүгэлэрбит айбыт оһуордара, ойуулара элбэх өйдөбүлү, билиини (информацияны) иҥэринэ сылдьаллар. Бу өбүгэ үгэһин быстыбат ситимэ, куппут-сүрбүт сүдү баайа (духуобунаспыт) буолар.
Раиса Николаевна “Кыбытыктаах аттарыы” ньыматынан тикпит саха национальнай оҥоһуктара олус сиэдэрэйдэр, айылҕа өҥүн-дьүһүнүн таба дьүөрэлээбитэ дириҥ ис хоһоонноох. Холобур, “Бүөр ойуу”, “Ат симэҕэ”, “Бэрэмэдэй”, “Ийэ көҕүөр” ойуутугар-оһуоругар саха ис кута (дууһата) сырдыкка, кэрэҕэ тардыһыыта көстөр.
Мин Раялыын төрүт Ньурбаларбыт. Ньурба куорат биир түөлбэтэ Ыраах Убайааҥҥа бииргэ алтыһан улааппыппыт. Кини оҕо эрдэҕиттэн дьоһуннаах, оттомноох этэ. Ньурба курдук өҥ буордаах дойду күөх кырыһыгар “киинэ түһэн”, иис-уус уран көрүҥүнэн утумнаахтык дьарыктанан, дьону-сэргэни үтүө сиэргэ-майгыга уһуйар, угуйар. Раиса Николаевна айылҕаттан бэриллибит ийэ өйдөөх, күүстээх сүрдээх. Бу айылҕаттан дьоҕурун, этитиитин таба туһанан, кини айар үлэтинэн мэлдьи кэрэ эйгэтигэр сылдьар, тус бэйэтин сайыннарар, дьоҥҥо сырдык санааны, кэрэни бэлэхтиир. Раиса Николаевна үлэлэрэ айылҕаҕа, дьиҥ олоххо тирэҕирэллэр, ол иһин кини үлэлэрэ дириҥ силистээхтэр, баай мутуктаахтар, саха норуотун култууратын, өйүн-санаатын үйэтитэллэр. Кини үлэлэригэр саха омук олус сөбүлүүр сылаас, сымнаҕас “күөх өҥ” көстөрүттэн үөрдүм, сайыҥҥы мүөттээх салгын илгийэргэ дылы, киһи эрэ үөрүөх, сүргэтэ көтөҕүллүөх эйгэтэ үөскүүр, кэлэр кэскил Таптал, Махтал, Доҕордоһуу тыына биллэр.
Рая олоҕор сыал-сорук туруорунан, баҕа санаатын тус бэйэтин тулуурунан, дьулуурунан, сатабылынан ситиһиигэ тиийдэ. Норуот маастарын бочуоттаах аатын ылбытынан биһиги, биир дойдулаахтара, киэн туттабыт, ис дууһабытыттан истиҥник эҕэрдэлиибит. Раиса Николаевна алмаастаах Мииринэй оройуонугар олорор, айар-тутар. “Уран” студияҕа дьарыктанар. Студия салайааччыта норуот маастара, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Миронова Ульяна Егоровна, норуот маастара, художник новатор, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Николаевна Зверева салалталарынан, өйөбүллэринэн айымньылаахтык үлэлиир. “Күн күлүмүн сапка тиһэбин” быыстапка киэҥ эйгэҕэ таҕыста, дьон кэрэхсээтэ, ылынна. Кэрэни, үтүөнү бар-дьоҥҥо өссө да бэлэхтээн, үүммүт күҥҥүт кэскилэ кэҥээтин, күнтэн күн үүнэ-үрдүү, сайда туруҥ!
Сэмэн Акыымабыс Батаакап,
СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕин тиһигин бочуоттаах бэтэрээнэ, Ньурба улууһун бочуоттаах киһитэ,