Күндээдэҕэ саҥа бэкээринэ аһылынна

Алтынньы 18 к. Күндээдэҕэ саҥа бэкээринэ аанын үөрүүлээхтик тэлэччи аста. Итинэн ыраахтан килиэбин таһынан олорбут, өрүс туорааһыннаах улуус биир улахан нэһилиэгин тыын кыһалҕата быһаарылынна.

Бэлиэ тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, урбаан, эргиэн уонна олохтоох оҥорон таһаарыы департаменын салайааччыта Михаил Пан, улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетын салайааччыта Ирина Находкина, нэһилиэк олохтоохторо уо.д.а. кытыннылар. Бэйэ дьарыктаах («самозанятай») Валентин Романовка, кини кэргэнигэр Акулина Николаевнаҕа уонна күтүөттэрэ, биэкэр Иннокентий Семеновка туһуламмыт истиҥ-иһирэх эҕэрдэ тыллара этилиннэ, эҕэрдэ уонна махтал суруктар туттарылыннылар.

Нэһилиэк олохтооҕо Валентин Семенович Романов биисинэс-былаан оҥорон улуустааҕы хамыыһыйаҕа көмүскээн, соцконтрагынан 350 тыһ. солк. ылан бу кэскиллээх дьыаланы олоххо киллэрдэ. Билигин кинини истиэҕиҥ: «Нэһилиэкпитигэр бэкээринэ суоҕар наһаа эрэйдэнэр этибит, ордук хаайтарыы кэмигэр уонна от саҕана кыһалҕа буолааччы. Ол иһин дьиэ кэргэммин кытта сүбэлэһэн баран, бэкээринэ аһан үлэлииргэ быһаарыммыппыт, килиэп буһарар оһох атыыласпыппыт. Дьыалабыт барыта сатанна. Салгыы маннык сатанан истэҕинэ бэрт буолуо. Биэкэринэн анал үөрэхтээх Иннокентий Алексеевич Семенов үлэлиир. Дьокуускайга биэкэрдээн сылдьыбыта. Төһө килиэп барарынан көрөн, күҥҥэ биир эбэтэр икки оборуоту буһаран таһаарабыт.
Геннадий Антонов

Читайте дальше