Күндээдэҕэ дэриэбинэттэн 12 км-даах Арыы диэн сиргэ 200 туонна оту харайар сарай (сеновал) тутуллан бүттэ. Эбийиэк кормопроизводство бырагырааматынан үбүлэннэ. «Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата» тэрилтэ сакааһынан Алексей Герасимов 6 киһилээх биригээдэ үлэлээн тутта.
Сеновалга хараллар от ардахха-силбиккэ хаачыстыбатын сүтэрбэтинэн биллэр. Күһүн күндээдэлэр оттуур ходуһаларыттан отторун дэриэбинэ таһыгар таһыахтарын суол-иис мөлтүүр эбит, ол иһин отторун манна мунньан баран, кыһын таһар буолуохтара. Уопсай сүбэнэн миэстэтин итиннэ талбыттар.
Геннадий Антонов