Кыстыкка бэлэмнэнии

Нуучча өһүн хоһоонугар этиллэринэн, «сыарҕаҕын — сайын, тэлиэгэҕин кыһын бэлэмнээ» диэн. Билигин кэлэр кыстыкка бэлэмнэнии үлэтин үгэнэ. 9 ыйдаах кыстыктаах тыйыс усулуобуйалаах дойдуга олорорбутунан, сайыҥҥы кэмҥэ хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ ититии-уу ситимнэрин, хочуолунайдарын көрүнэллэр, өрөмүөннүүллэр-оҥостоллор. Өрөспүүбүлүкэ салалтата бары муниципальнай тэриллиилэр иннилэригэр кэлэр кыстыкка бэлэмнээх киирэр инниттэн былааннаах үлэни кэмигэр бүтэрэллэригэр сыал-сорук туруорар. Оттук сезонугар бэлэмнэнии туһунан «ОДьКХ» ГУП Ньурбатааҕы филиалын кылаабынай инженерэ Антон Васильевич Костины кытта кэпсэтиибитин  таһаарабыт.

Антон Васильевич, кэлэр кыстыкка бэлэмнэнии үлэтин туһунан кэпсэтиибитин саҕалыыр буоллахпыт.

— Күн бүгүн ОДьКХ ГУП Ньурбатааҕы филиалыгар 35 хочуолунай баар. Онтон 1 хочуолунай убаҕас оттугунан – сиикэй ньиэбинэн оттуллар, уоннааҕыта барыта чоҕунан оттуллар.

Бу сезоҥҥа ититии, уу ситимнэрин уонна хочуолунайдар дьиэлэрин өрөмүөнүгэр 15900 тыһ. солк. көрүлүннэ. Ону таһынан насоснай оборудованиены уларытыыга 4930 тыһ. солк көрүлүннэ. 5 хочуолунайга насоснай оборудование уларыйар. Маны сэргэ күннээҕи өрөмүөҥҥэ матырыйаалларынан хааччыллыыга 3790 тыһ. солк. ананна.

Өрөмүөн бырагырааматын үлэтин туһунан.

— Быйыл 960-нуу миэтирдээх ититии уонна уу ситимнэрин хапытаалынай өрөмүөнүн оҥоробут. Антоновка нэһилиэгэр эбии үбүлээһин быһыытынан 600 миэтирэ ититии ситимин уларытыахтаахпыт. Туох-баар өрөмүөн үлэтин матырыйааллара бүтүннүү баар, эбии үлэ матырыйааллара эмиэ 100% кэлэн сытар. Үлэтэ оҥоһуллан түмүктэнэрэ эрэ хаалан турар.

Өрөмүөн үлэтин туһунан эбийиэктэринэн сиһилии кэпсээтэххэ хайдаҕый?

— Сиһилии билиһиннэрдэххэ, быйылгы Өрөмүөн былааныгар сөп түбэһиннэрэн, 2 эбийиэккэ — Аканаҕа «Квартальнай» хочуолунай уонна Чуукаарга «СДК» хочуолунай дьиэлэрин хапытаалынай өрөмүөнэ оҥоһуллар. Тас эркиннэрин бүтүннүү көтүрэн, саҥа технологиянан оҥоһуллубут сэндвич-панельга уларытабыт.

Ититии ситимнэрин бүрүйүүтүн туспа ыстатыйа быһыытынан көрүнэммит, Ньурбачааҥҥа, Хорулаҕа уонна Ньурба куоракка 1200 м усталаах теплотрасса бүрүөһүнүн уларытан уонна оцинкованнай лииһинэн бүрүөһүнүн бөҕөргөтөн оҥоруохтаахпыт. Итини таһынан Ньурба куоракка «Амакинка» уонна «Новая-1» хочуолунайдарга уу ситимнэригэр элбэх үлэни ыытабыт. Ноҕуруускаларбыт уларыйалларынан сибээстээн, онно сөп түбэһиннэрэн аһара улахан диаметрдаах турбалары кыччатан эбэтэр кыра диаметрдааҕы улаатыннаран, 960 м усталаах ититии ситимнэрин саҥардан уларытабыт.

Хочуолунайдарбытыгар эбийиэк эбиллэринэн сибээстээн, Аканаҕа кэлэр сылларга эмиэ ититиигэ холбонуу бырагырааматын чэрчитинэн эбийиэктэри холбуохтаахпыт. Ол быһыытынан эрдэттэн бэлэмнэнии үлэтин ыытаммыт, 2 циркуляция носуоһун уларытан кыамтатын улаатыннарабыт. Маарга эмиэ киин хочуолунайга эбии эбийиэк холбонорунан сибээстээн, циркуляция 3 насоһун уонна «подпитка» насоһын уларытан кыамтатын улаатыннарабыт. Хорулаҕа ититии ситимигэр эрдэ чааһынай ыаллары, эбии эбийиэги холбоон циркуляциятын кыайбат этэ, ону быйыл былааҥҥа киллэрэн насоснай оборудованиетын — циркуляция уонна «подпитка» насостарын уларыта сылдьабыт. Дьаархаҥҥа уонна Чуукаарга эмиэ чааһынай ыаллар холбонор буолан, циркуляционнай насостары кыамталарын улаатыннаран уларытабыт.

Итини таһынан, технологическай холбооһун быһыытынан «Саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү» тосхолунан Ньурба к. Комсомольскай уул. элбэх кыбартыыралаах 3 дьиэ уонна Кузаков уул. элбэх кыбартыыралаах 1 дьиэ быйыл үлэҕэ киирэллэригэр ититиитин холбуубут.

Ааспыт сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, хочуолунайгыт ахсаана оннунан хаалар дуо?

— Антоновка балыыһатын эргэ хочуолунайын оптимизациятын үлэтэ түмүктэннэҕинэ, хочуолунай ахсаана 1-нэн аҕыйыыр, 34 хочуолунай буолар. Бу үлэни балаҕан ыйыгар бүтэрэн, Антоновка балыыһатын саахалланар туруктаах хочуолунайа сылыта турбут эбийиэктэрин «Квартальнай» хочуолунайга холбуохпут. Сыллата буоларын курдук, балаҕан ыйын 6 к. оттук сезона саҕаланар. Хочуолунайдарбытын барытын оттоммут эбийиэктэргэ сылааһы биэриэхпит.

Оттугунан хааччыныы туһунан.

— Кэлэр кыстыкка бэлэмнэнии чэрчитинэн уу суолунан 49686 туонна таас чоҕу аҕалтарбыппыт. Ол иһигэр Дьабарыкы Хайатыттан — 16537 туонна, уоннааҕыта — Сангаар разреһыттан кэлбитэ. Маалыкайга 2500 туоннаны баарсанан тиэрдибиппит, уоннааҕыта барыта Ньурба к. ыскылааппытыгар таһыллан сытар. Онон навигация кэмигэр сөп буолар оттукпут саппааһын хааччыммыпыт.

Ньурба к. Сэбиэскэй уул. турар ууну ыраастыыр ыстаансыйа хаһан үлэтин саҕалыаҕай?

— «Бүлүү бөлөх улуустарын ыраас уунан хааччыйыы» бырагырааманан Ньурба к. Сэбиэскэй уул. ууну ыраастыыр ыстаансыйатын (ВОС) саҥардан оҥордубут. Бу үлэ СӨ Кэлэр көлүөнэлэрин фондатын нөҥүө үбүлэннэ. Улуус дьаһалтата ИСУ нөҥүө сакаасчыт буолан, бэдэрээтчит «Вариант+» ХЭТ үлэтин бэс ыйын бүтүүтэ түмүктээбитэ. Докумуоннары тутуһууну түмүктээммит бу күннэртэн ыстаансыйаны үлэлэтэн барыахтаахпыт. Ньурба к. ВОС нормативнай кыамтатыгар тиэрдиллэн, сууккаҕа 800 кубометрга диэри ууну ыраастыыр буолар. Ол эбэтэр Убайаантан ураты, Ньурба куораты бүтүннүү ыраас уунан хааччыйабыт. Бу ыстаансыйаҕа Энергетик кыбаартал дьиэлэрин аҥарын холбоотубут, хаалбыт аҥара Энергетик кыбаарталлааҕы ВОС-тан салгыы хааччыллар буолар.

Билигин Убайаан микро-оройуона эрэ ыраас уунан хабыллыбакка турар, түөлбэ олохтоохторо водовоһунан хааччыллаллар. 2024 с. сууккаҕа 1200 кубометр кыамталаах ыстаансыйа тутуута бырайыактана турар. Бу үлэҕэ киирдэҕинэ Убайаан микро-оройуона эмиэ ыраас уунан хааччыллыахтаах.

Антон Васильевич, чааһынай ыаллары кииннэммит сылааска уонна ууга холбооһун үлэтэ быйыл ыытыллар дуо?

— Манна нэһилиэктэри кытта үлэлиибит, улуустан үп көрүллэн турар. Чааһынай ыаллары холбуур курдук, Дьаархаҥҥа ититии ситимнэрин тарда сылдьабыт. 20-чэ ыал сайаапка биэрбитэ, ол эрээри холбонуута кыра буолааччы, ол эбэтэр ыаллар төһө бэлэмнээхтэриттэн көрөн 2-3 сыл устата холбонооччулар. Эмиэ маннык үлэ Чуукаар уонна Түмүк нэһилиэктэригэр барар.

Ону таһынан СВО кыттыылаахтарын дьиэлэрин кииннэммит сылааска холбооһуҥҥа «ОДьКХ» ГУП-ны уонна дьаһалтаны кытта үлэлэһэн, быйыл 2 дьиэни кииннэммит сылааска холбуохтаахпыт — Ньурба к. Убайааныгар уонна Дьаархаҥҥа.

Ньурба к. чааһынай дьиэлэлээхтэри ититии ситимигэр холбуурга тэхиниичэскэй өттүнэн кыах буоллаҕына, төһө кыалларынан холбуу сатыыбыт. «Хочуолунай көдьүүстээх үлэтин радиуһа» диэн баар. Ол быһыытынан Сылааһынан хааччыйыы схематыгар кииннэммит ититиигэ холбонор диэн ыйылла сылдьар буоллаҕына, хочуолунай уонна ититэр ситимнэр кыамталарыттан көрөн холбуубут.

— Быйыл Ньурбаҕа чааһынай секторга сайыҥҥы уу ситимигэр уу бэриллибэтэ буолбаат. Эрдэ итиннэ сыһыаннаан ититии ситимэ киртийэр диэн иһитиннэрии баар этэ.

— Ньурбатааҕы ууну ыраастыыр ыстаансыйа саҥардыллан туох-баар ситиммит барыта ыраастаммыт уу ыстаансыйатыгар холбоммут буолан, хомойуох иһин, биһиги Ньурба к. тардыллыбыт уу ситимнэрин холбооботубут. Тэхиниичэскэй өттүнэн кыаллыбат, аны биэрэр уубут сыаната даҕаны үрдээн хаалар. Нэһилиэнньэни тиһигин быспакка уунан хааччыйар сыалтан, кииннэммит уунан хааччыйыыга сайыҥҥы уу ситимнэрин төһө кыалларынан аҕыйаҕы холбуу сатыыбыт.

Инникитин Ньурба к. дьаһалтата сайыҥҥы уу ситимнэрин холбуурга туспа былааннардаах. Сайыҥҥы кэмҥэ чааһынай дьиэлээх дьону туспа насоснай ыстаансыйа туруоран, эбии турбалары тардан уунан хааччыйыахтаахтар.

— Антон Васильевич, кэпсээниҥ иһин махтал.

Геннадий АНТОНОВ.

Читайте дальше