Хас да сыллааҕыта куйаар ситимигэр бэрт интэриэһинэй ыстатыйаны булан аахпытым. Ааҕааччыларга ити туһунан тиэрдиэхпин баҕарабын. Урукку өттүгэр Кытайга сахалар (кэлиҥҥи кэмҥэ көспүттэри аахсыбакка) түөлбэлээн олороллорун билбэт этим.
Оттон эбээннэр олороллорун, өрөспүүбүлүкэбитигэр олорор ити норуот бэрэстэбиитэллэрэ кинилэри кытта сибээһи тутуһалларын үгүстэр билэллэр.
«Народный Китай» сурунаалга
Ол курдук, 1956 сыл бүтэһигэр «Народный Китай» сурунаал 21 №-гэр Кытай Наукаларын Академиятын иһинэн аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын чинчийэр институту тэрийиигэ бэлэмнэнии кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Фу Мао-цзи «О письменности национальных меньшинств» диэн ыстатыйата бэчээттэммит.
Бу ыстатыйаҕа ааптар Кытай сиригэр-уотугар түөлбэлээн олорор сахалар тустарынан ахтан аһарбыт. Фу Мао-цзи кинилэр төрөөбүт тылларын умнубакка, илдьэ сылдьалларын туһунан бэлиэтээбит.
Оччолорго Е. Ярославскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл салалтата маннык интэриэһинэй иһитиннэриини билэн баран, кытай-сэбиэскэй доҕордоһуу уопсастыба бырабылыанньатыгар сурук ыыппыт. Музей үлэһиттэрэ ол сурукка Кытайга олорор сахалар ахсааннарын, дьарыктарын, ханна олороллорун, төрүттэрин, уопсастыбаннай тутулларын туоһуласпыттар уонна хаартыскаларын ыытталларыгар көрдөспүттэр. Ити суруктарыгар Кытай-Сэбиэскэй Союз доҕордоһууларын бырабылыанньатыттан маннык ис хоһоонноох харданы туппуттар:
«Директору Якутского республиканского краеведческого музея им. Ем. Ярославского т. Местниковой М.В., зам. директора т. Новгородову И.Д.
Уважаемые товарищи!
На Ваше письмо № 204 от 11 декабря 1956 г.
С Вашей просьбой мы обратились в Институт филологии национальных меньшинств при Академии Наук Китая, в ответ которой получили следующую краткую справку о китайских якутах: «Китайские якуты живут разбросанно в горах Хингана в северной части аймака Оргуна сейма Хулунбера во Внутренней Монголии. Говорят, что они переселились сюда более 90 лет тому назад из Сибири, не вынеся угнетения и рабства. Они говорят по-якутски, некоторые из них владеют русским языком. Фамилии их, как у русских. Численность якутов около 200 человек, ведут охотничью жизнь. И бывают такие случаи, когда содержат оленей. Якуты — хорошие стрелки.
Наряду с этим посылаем Вам 6 фотоснимков, знакомящих с жизнью китайских якутов.
Зам. Генерального секретаря Общества Китайско-Советской дружбы Гэ Бао-цюань».
Бөһүөлэк дьоно бүтүннүү
Бу сурукка харда түмэл дирекциятын интэриэһин күүскэ тарпыт. Кинилэр тутатына өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһыгар ити туһунан иһитиннэрбиттэр. Онон миигиттэн аҕа көлүөнэ дьонтон Кытайга олорор сахалар тустарынан ыйыталаспыппар билэллэр-көрөллөр эбит.
1957 сыллаахха Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин туһунан хаартысканан быыстапка тэриллибит. Онно «Кытай сахалара» диэн салааны киллэрбиттэр. Ити быыстапка туһунан аҕыйах ахсааннаах комментарийдарга Кытай салалтата аҕыйах ахсааннаах норуот бэрэстэбиитэллэригэр сиэрдээхтик сыһыаннарын туһунан суруйуулар бааллар эбит. Музей дирекцията туспа сиргэ-уокка тиийэн хаалбыт биир хааннаахтарын, дойдулаахтарын кытта культурнай сибээһи олохтуур, историяларын үөрэтии наадатын туһунан бэлиэтээбиттэр.
Иван Винокуров-Нуолур бэлиэтээбитинэн, ити сылларга Кытай сахаларын уонна эбээннэрин кытта суруйсуу саҕаламмыт. Кини 1958 сыллаахха КНР ис Монголия Хулунбурскай аймагын Аргунь хошунун Иван Дмитриевич Сологонов диэн олохтооҕуттан, эбээн киһититтэн сурук туппут. Иван Дмитриевич суругар булдунан, таба иитиитинэн дьарыктаналларын, эбээннии, нууччалыы уонна кытайдыы билэллэрин туһунан суруйбут. Сурук ааптара өбүгэлэрэ Амуртан төрүттээх буолуохтарын сөптөөҕүн туһунан ыйбыт.
Маны таһынан Сологонов Аргунь хошунугар барыта 140 эбээн, 33 дьиэ кэргэн олорорун, кини Уус-Уравой бөһүөлэк народнай бэрэстэбиитэллэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэллэрэ буоларын туһунан суругар ахтыбыт. Кини олоҕун аргыһа Татьяна балыыһаҕа сиэстэрэнэн үлэлиирин, Володя уонна Витя диэн уол оҕолоохторун туһунан суруйбут. Иван Дмитриевич сэттэ бырааттааҕын туһунан суругар бэлиэтээбит. Кини нууччалыы мөлтөхтүк билэрин туһунан суруйбут. Сологонов Саха сириттэн туппут суруктарын бөһүөлэк дьоно бүтүннүү аахпыттарын, олус үөрбүттэрин бэлиэтээбит. Кини Саха сиригэр олорор эбээннэр тустарынан, кинилэр төрөөбүт тылларын төһө билэллэрин, холкуостар, сопхуостар үлэлэрин туһунан туоһуласпыт. Интэриэһинэйэ баар, Иван Сологонов кытайдыы аата Күндэ диэн эбит.
Хайлара куорат аттыгар эбээннэри кытайдар тоҥустар диэн ааттыыллар эбит. Кинилэр сүөһү иитиитинэн, сир оҥоруутунан дьарыктаналларын туһунан бэлиэтээбиттэр.
Уйбаан Нуолур итиннэ баар икки киһини кытта суруйсубут. Биирдэрэ Хухэ-Хото куоракка университекка үөрэнэр, монгол тылын үөрэтэр эбит.
Батталтан күрээбит буолуохтарын сөптөөх
1950 сыллар бүтүүлэригэр, 1960 сыллар саҕаланыыларыгар Сэбиэскэй Союз уонна КНР икки ардыларыгар сыһыан мөлтөөн, Кытай сахаларын кытта культурнай сибээс кыайан олохтоммотох. Кытай Наукаларын Академиятын иһинэн үлэлиир аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын чинчийэр институт бэлиэтээбитинэн, сахалар Кытайга Сибииртэн 90-тан сыл аннараа өттүгэр кэлэн олохсуйбуттар.
Маны таһынан тустаах институт саха дьахталларын ортолоругар Шура, Лена нууччалыы ааттар баалларын бэлиэтээбиттэр.
Кытайга сахалар дьаһаах төлөөһүнүттэн, батталтан күрээн тиийэннэр Улахан Хинган хайаны кыйа олохсуйбуттарын туһунан сабаҕалааһын баар. Ол курдук, ХVIII үйэҕэ Саха сиригэр ыраахтааҕы былааһыгар дьаһааҕы хомуйуу кытааппыта. Дьон-сэргэ кыайан олорбот усулуобуйата олохтоммута. Сахаларга хараҥа баттал баара. Дьаһааҕы таһынан ис уонна тас түһээн тардыы диэн үөдүйэ сылдьыбыта. Саамай улахан түһээнинэн таһаҕас таһыытыгар (ындыы көтөҕүүтүгэр) сылгыны уонна эр дьону хомуйуу буолара. Таһаҕас таһыытыгар саха сылгыта эстибитэ диэн үгүстэр билинэллэр. Бу кэмҥэ саха ахсаана аччаабыта эмиэ бэлиэтэнэр. Сахалар, эбээннэр ыһыллыыларыгар ити төрүөт буолбут буолуохтаах дии саныыбын. Итинтэн дьон бастыҥнара күрээн барбыт буолуохтарын сөптөөх. Ол курдук, сахалар Красноярскайга, Иркутскайга, о.д.а сирдэргэ олороллорун билэбит.
Кытай сахалара нууччалыы ааттаахтара эмиэ кинилэр итиннэ ХVIII-ХIХ үйэлэргэ тиийбиттэрин туоһулуур.
Кыраайы үөрэтээччи И.Г. Березкин ХIХ үйэ 40-с сылларыгар Боотурускай улууһун (билиҥҥинэн Чурапчы) олохтооҕо чугас аймахтарын кытта Амуру туорааннар, Кытай диэки көһөн барбыттарын туһунан бэлиэтиир. Поэт, кыраайы үөрэтээччи Иван Федосеев-Доосо гражданскай сэрии кэнниттэн 100-тэн тахса саха Кытайга Харбин куоракка көһөн олохсойбуттарын, олортон сорохторо төрөөбүт-үөскээбит дойдуларыгар эргийбэтэхтэрин туһунан суруйбута баар.
1979 сыллаахха Нью-Йорка «Китай сегодня» (China Today) диэн үс американскай ааптар аныгы Кытай национальнай састаабын ырыппыттара баар эбит. Онно 800 «сагджа» (саха) олороллоро ыйыллыбыт. Бу үлэҕэ сахалар Хинган хайатыгар олороллоро, түүр тыллаахтара, булдунан дьарыктаналлара ыйыллыбыт.
* * *
Кытайга олорор сахалар ахсааннара төһөҕө тиийбитэ, төрөөбүт тылларын, төрүт үгэстэрин төһө билэллэрэ буолуой диэн үгүс ыйытыы киһини үүйэ-хаайа тутар. Билигин Кытайга аан аһаҕас кэмигэр кыраайы үөрэтээччилэр, чинчийээччилэр бу боппуруоһу интэриэһиргээннэр, кытай сахаларын кистэлэҥнэрин арыйыахтарын сөптөөх этэ. Итиннэ олорор эбээннэри кытта сибээс баар, оттон сахалары кытта суох.
Людмила НОГОВИЦЫНА