Күүтүүлээх кэм

Саха сирин аам-даам тымныылаах, туман аргыстаах аргыардаах кыһынын ахсынньы 3 күнэ – Аан дойду үрдүнэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьон күннэрэ. Биллэн турар, инбэлиит дьон бу күнү күүтэрбит баа буолбат. Тоҕо? Бу күҥҥэ анаан инбэлииттэргэ болҕомто ордук сытыытык ууруллар уонча хонуга хас биирдии инбэлиит сүрэҕин үөрүүнэн толорор, сылга биирдэ ыытыллар спортивнай, култуурунай күрэххэ улуус бары көхтөөх инбэлииттэрэ мустан, кыахпытын, дьоҕурбутун көрдөрөбүт, бу күн кыраттан оҕолуу күлэн чачыгырыыбыт, күрэхтэһэн омуннуран ылабыт, өр көрсүбэтэхтэр көрсөн – ол үөрүүтэ буолар.

Биһиги улууска, хомойуох иһин, 1971 инбэлиит баара биллэр. Үгэс курдук декадабыт ахсынньы 1 күнүттэн онлайн эҕэрдэттэн, ыйытыктарга хардаттан саҕаламмыта. Хомойуох иһин, кыттааччы-истээччи аҕыйаҕа. Хата, тэрийээччилэргэ махтал, бу күн икки куустаҕа спартакиада ыытыллар буолан, Маалыкайга уонна Күндээдэҕэ быһа холбонууну тэрээһиннээхтик улахан экраҥҥа көрбүттэрэ, кыттыспыттара.

Декаданы ыытарга, дьаһалтаттан баһылык солбуйааччыта, мэлдьи инбэлииттэри өйүүр-өйдүүр, адаптивнай спорт куратора Петрова Наталья Семеновна салайааччылаах анал хамыыһыйа үлэлээтэ. Бу хамыыһыйа чилиэннэринэн улуус дьаһалтатыттан, социальнай харалтаттан, үлэлээх буолуу кииниттэн, доруобуйа харыстабылыттан, спорткэмитиэттэн, бэйэбит тэрилтэбититтэн бааллар.

Декада устата инбэлиит “Юнион” киинэтыйаатыра “Хоккейные папы” киинэҕэ, Ньурбатааҕы драмтыйаатыр “Саха абааһы буолбута” испэктээгэр босхо сырытыннартаабыта, үлэлээх буолуу киинэ “Ярмарка вакансий” оҥорбута. Улуустааҕы поликлиникаҕа “Аһаҕас аан” тэриллэн, быраастарга көрдөрүү, сытар ыарыһахтарга сылдьыы, куоракка ыытыллар араас маастар-кылаастар, хаартыска ательетын чэпчэтиилээх өҥөтө, оҕолорго уруһуй күрэхтэрэ, декада устата нэһилиэктэринэн инбэлииттэргэ үлэнэн көмөлөһүү былааҥҥа көрүллүбүттэрэ.

Бастаан улуус бары 18 нэһилиэктэрин, Ньурба куораты түмэр түөрт куустаҕа спартакиада ыытыллан, кууста сүүмэрдэммит хамаандалара улууска киирэн, “Олимпик” спортзал, “Кыталык” КД уораҕайдарыгар күөн көрүстүлэр. Инньэ гынан, аһара бэлэмнээх Дьаархан (Ньурба-1) хамаандата саппай уопсан иһэр утарылаһааччытын түөрт очконан хотон, эрэллээхтик бастаата. II, III, IV миэстэ буолбуттар биирдии очконан араастаһаллар. Туһааннааҕынан Күндээдэ (Ньурба – 2), Маалыкай (Маалыкай), Хаҥалас (Марха) куустанан хамаандалара буоллулар. Алта көрүҥҥэ: олорон эрэ волейболга, дартска, дуобакка, пневматическай саанан ытыыга, хаамыскаҕа, хабылыкка биирдиилээн миэстэлэспиттэр грамота туттулар, мэтээл иилиннилэр. Ырыа күрэҕин, илиинэн оҥоһук быыстапкатын бары кыайыылаахтарын эмиэ чиэстээтилэр.

Өр сылларга инбэлииттэри кытары үлэлэспит көхтөөх чилиэннэрин, бастыҥ спортсменнары Дьокуускайтан, Москваттан наҕараадалаатылар.

Сорох наҕараадалааһын итии чэйдээх, минньигэс астаах сандалы тула олордоххо ыытыллан, ордук иһирэх буолла. Бэйэ-бэйэни эҕэрдэлэһии, булсан хаартыскаҕа түһүү, тэтимнээх эҕэрдэ ырыаҕа, эти-хааны хамнатан үҥкүүлээһин – бу барыта уопсай өрө көтөҕүллүүнү таһаарда.

Аналлаах күммүт ааспытын кэннэ ватсап бөлөҕүн көрдөххө, кыттааччылар бу декаданы тэрийбиттэргэ махталлара улахан, дириҥ.

 

Мирослава Иванова,

Мэҥэдьэк-Ньурба

Читайте дальше