Антоновка Чусовской түөлбэтигэр атырдьах ыйын 23 күнүгэр дьоро түгэн тосхойдо. Малдьаҕар сириттэн төрүттээх Антоновканы дойду оҥостубут, оҕо сылдьан сэрии ыар сылларын билбит, булчут идэлээх, тутааччы аналлаах, айар-тутар дьоҕурдаах, үлэһит үтүөтэ, общественник бастыҥа Андрей Тимофеев аатынан сквер арылынна.
Андрей Григорьевич улахан сиэнэ Светлана Владимировна Тимофеева олоххо киллэрбит баҕа санаата буолар. Киэҥ-куоҥ сквер кыһыл лентата быһыллар долгутуулаах түгэнигэр нэһилиэк баһылыга Семен Александрович Корякин, түөлбэ дьоно, олохтоохтор кыттыыны ыллылар, тэрээһини А.Я. Овчинникова аатынан «Түһүлгэ» норуот айымньытын дьиэтэ ыытта.
Андрей Григорьевич Тимофеев «Ньурба» совхоз тутуу биригээдэтигэр таһаарыылаахтык үлэлээн үгүс наҕараадалаах. Бу күн кинини үөлээннээхтэрэ, доҕотторо, аатырбыт сопхуос бэтэрээннэрэ ыалдьыт буолан ахтан аастылар. Кэргэнинээн Мария Николаевналыын сэттэ оҕолоохтор, бииргэ 34 сыл олорбуттара. Андрей Григорьевич 58 эрэ сааһыгар эмискэ ыалдьан суох буолбута. Дьиэ кэргэнэ түмсэн эмиэ кэпсээн аастылар. Сиэнэ Светлана Владимировна олохтоох дьаһалтаны кытары үлэлэһэн, сүбэлэһэн бу курдук эһэтин аатын үйэтиппитэ олус кэрэхсэбиллээх. Элбэх эҕэрдэ, махтал тыллар этилиннилэр.
Тимофеевтар ыалдьыттары айах тутан күндүлээтилэр, өйдөбүнньүккэ диэн хаартыскаҕа түһүү буолла. Манна мөссүөннээх бюст эҥин суох. Истиҥ суруктаах билиитэ эрэ. Андрей Григорьевич сэмэйин бэлиэтэ буоллаҕа. Ити курдук Үлэ сылыгар үлэ киһитин уруйдаан Антоновкаҕа олоро түһэн ааһарга, иллэҥ кэмҥэ сылдьарга кэрэ көстүүлээх, уоттаах-күөстээх, эйгэни тупсарар эбии сир баар буолла.
Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтатын пресс-сулууспата.