Бүгүн Малдьаҕар нэһилиэгин историятыгар хаһан да буолбатах түгэн быһыытынан, бырааттыы Донскойдар пааматынньыктарын аһыллыытыгар кыттыбыт СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕө толору састаабынан отчуоттаата.
Вице-премьер Георгий Степанов дакылаатын кэнниттэн, нэһилиэнньэ мунньахха отчуоту дьүүллэһиигэ көхтөөхтүк кытынна. «Сунтаар-Ньурба» үрдүк күүрүүлээх уот линиятын, Куоначчаан муостатын, Ньурба куоракка спорт эбийиэктэрин тутуу, «Хампах» линия өрөмүөнүн, суол оҥоруутун, 3 нэһилиэк дьонун көрөр-истэр Маалыкай балыыһатын быраастарынан хааччыйыы, эминэн хааччыйыы, туйахтаах кыыллары бултуурга лицензия, тыа хаһаайыстыбатын, мелиорация, дулҕа-талах буолбут сирдэри ыраастааһын, оҕолор үөрэххэ киириилэрин уо.д.а. боппуруостар киирэн хоруйданнылар.
Түмүккэ малдьаҕардар өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс үлэ ыытылларын, ол иһигэр нэһилиэнньэ көмүскэлигэр улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын ааспыт сыллааҕы үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.
Геннадий Антонов