Красноярскай кыраайга Эбэҥки оройуонугар бэйэбит курдук уу сахалыы саҥалаах, култууралаах Дьэһиэй сахалара 1628 сыллаахтан олороллор. Быйыл Дьэһиэй бөһүөлэгэ төрүттэммитэ 395 сылын бэлиэтиир улахан тэрээһиҥҥэ от ыйын 8-9 күннэригэр Саха сирин 20 киһилээх делегацията баран кыттыыны ылла.
Ыраах сиргэ ааттаан туран биһиги Ньурбабыт аатырбыт Мэҥэдьэк биэтин кымыһын илдьэ баран олохтоохтору күндүлээтилэр. Мэҥэдьэк сылгылара бөдөҥнөрүнэн, күүстээхтэринэн суон сураҕыраллар. Биэтин кымыһа эмиэ ураты иҥэмтиэлээҕинэн аатырар.
Билиҥҥи туругунан Бордоҥ нэһилиэгэр баар Степан Васильев аатынан Мэҥэдьэк отделениетыгар уопсайа 345 сылгы иитиллэн турар.
Лена Петрова