Дьокуускайга командировкатын кэмигэр улуус баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев бэҕэһээ, алтынньы 12 күнүгэр, СӨ Ил Дархана Айсен Николаевы кытта видео-конференц-сибээһинэн Накыыннааҕы производственнай былаһааккаҕа газопровод утаҕын бастакы сиигин сыбааркалааһын үөрүүлээх тэрээһинигэр кытынна.
Бу эбийиэк тутуута Санкт-Петербурга аан дойдутааҕы экономическай форумҥа «АЛРОСА» АК уонна Саха сирин салалтатын икки ардыгар сөбүлэһиигэ илии баттаммытын кэннэ саҕаламмыта. Дойдуга элбэх алмааһы биэрэр алмаастаах Накыыҥҥа бу бырайыак олоххо киириитэ экологияҕа бөрүкүкүтэ суох сабыдыалы кыччатар уонна Мииринэйдээҕи-Ньурбатааҕы ГОК-ка электроэнергия оҥоһуллуутун ороскуотун аччатар соруктаах.
«Накыын сүүрээнэ» саҥа гаас утаҕа Орто Түҥнээҕи гаастаах сиртэн Накыыҥҥа диэри 160 км усталаах сиргэ тардыллар.
Өтөр биһиги улууспут нэһилиэнньэлээх пууннарыгар күөх төлөн эмиэ кэлиэҕэ диэн эрэнэбит. «Сахатранснефтегаз» тэрилтэни кытта маннык сыаллаах-соруктаах сөбүлэһии түһэрсэн турабыт. Онон бу дьыала син-биир олоххо киириэҕэ.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата