Соторутааҕыта Дьокуускайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин предпринимателлэрин Форума 1,5 тыһ. киһи кыттыылаах, 40-ча араас тэрээһиннээх үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта сүргэбитин көтөхтө.
Былаас структурата, биисинэс бэрэстэбиитэллэрэ, дьоҕус уонна орто салаа урбаанньыттара, бэйэ дьарыктаахтар би- һиэхэ 30 сыл устата туох ситиһиллибитин тула кэпсэттилэр, дискуссия былаһааккаларыгар билиҥҥи кыһалҕалары дьүүллэстилэр, экспертэртэн, биисинэс-консультаннартан туһалаах сүбэлэри-амалары ыллылар. Киин сиртэн кэлбит исписэлиистэр Саха сиригэр дьоҕус уонна орто урбаан атаҕар бигэтик турбутун уонна сыллата кини өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киллэрэр үбэ-харчыта улаатарын, өҥөлөрү оҥоруу таһыма уонна хаачыстыбата ирдэнэр стандартарга эппиэттэһэрин-чугаһыырын бэлиэтээтилэр.
Маны таһынан олохтоохтор дьоҕус уонна орто биисинэскэ интэриэстэрэ өрөспүүбүлүкэ эрэ иһинэн муҥурдамматын, аныгы технологиялары туһанан атын дойдулар биисинэс ырыынактарыгар тахсаллара кэҥиирин чопчулаатылар. Ол курдук аҕыйах нэһилиэнньэлээх Сахабыт сиригэр бүгүн 40 тыһ. тахса киһи дьоҕус урбаан эйгэтигэр үлэлиир, сылга 3,5 млрд солк. харчы хааһынаҕа киирэр. Бу үчүгэй сыыппара, сүүспүтүгэр күннээхпит диэбэппит да буоллар, сорох сорох регионнартан инники эрээккэ иһэбит.
Кэнники кэмҥэ пандемиянан, санкцияларынан тас дойдуларга туризм уота-күөһэ сөҕүрүйбүтэ, кырдьыга тутуу былдьаһык диэбиттии хас да сылларга омук сирдэринэн атахпыт тириитэ элэйиэр диэри сүүрэккэлээбиппит, мэктиэтигэр харахпыт алаара сыспыта. Глобальнай политика уларыйта, инньэ гынан «куһаҕан да үчүгэйдээх» буоллаҕа, аны бэйэлээх бэйэбит дойдубут иһинээҕи туризм далааһына кэҥээтэ. Бу олус үчүгэй — түбэҥ, түөлбэҥ, тэлгэһэҥ иһин-таһын билбэккэ сылдьан «галопом по Европам» сырыы туһата кырата чуолкай.
***
Форумҥа дойду иһинээҕи туризмҥа саҥа олохтуун тэбис-тэҥҥэ дьүөрэлии хаамсар Калининградтан ыҥырыылаах ыалдьыт, ити уобаластан делегат Наталия Валериевна Румянцевалыын үөрэ-көтө кэпсэттибит.
Биир дойдулаахпыт Россия Европата дэнэр Калининград куоракка туризм эйгэтигэр рейтинэ үрдүк уонна сүрүн уратытынан, Саха сирин орто уонна арыый да саастаах дьонун араҥатын сынньатарга национальнай, интернациональнай, патриотуу өйү-санааны күөртээн киэн туттуу санаатын өссө чиҥэтэринэн сиэрдээхтик сыаналанар.
Мантан салгыы кинилиин билиһиннэриэм, күндү ааҕааччым үчүгэй киһиттэн үөрүүтэ үрдүөҕэ.
***
Наталия Валериевна төрүт Акана, маҥнайгы идэтинэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Ийэтэ боростуой үлэһит, икки кыргыттарын соҕотоҕун достойнайдык иитэлээбит-үөрэхтээбит Анастасия Михайловна сиэннэрин көрөн тапталынан угуттанан баран орто дойдуттан барбыта, сирдээҕи аналын толорон. Наталия Аканаҕа учууталлаан, үөрэнээччилэр убаастабылларын ылыаҕын ылан баран Дьокуускайга көспүтэ. Таһымнаах учууталы Хаҥалас улууһун Төхтүр оскуолатыгар ыҥыраллар, онно сүүрбэччэ сыл үлэлиир, хайҕалга сылдьар, дириэктэр солбуйааччытынан ананар.
Ити кэмҥэ кини өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан маҥнайгынан кэриэтэ инклюзивнай үөрэхтээһини киллэрэр, доруобуйаларынан хааччахтаах-уратылаах оҕолор, бэл диэтэр, региональнай ааҕыыларга, конференцияларга кыт- таллар, биһирэнэллэр. Завуһу аны дириэктэринэн аныыллар, үлэ-хамнас өссө үрүлүйэр, тыа сирин оскуолаларыгар бастыҥнар ахсааннарыгар Төхтүрдэр киирэллэр.
Ити сылдьан кини оҕолонор уонна сынньана диэн ааттаан кэргэнэ Николай Николаевичтыын Калининград туһаайыытын туталлар, айар уоппуска кэмигэр. Даҕатан эттэххэ, дьиэ кэргэн суон дурдата, халыҥ хаххата Төхтүргэ икки болдьоххо баһылыктаабыт, эппиэтинэс, билии-көрүү муҥура биллибэт киһитэ. Наталия да, Николай да сынньалаҥ диэни быар куустан олоруу курдук көрбөт дьон. Онон Калининград култуурунай-историческай, интеллектуальнай-духуобунай олоҕун үөһүгэр түһэллэр, экскурсиялар-быыстпкалар тиһиктэрэ быстыбат, онуоха эбии «Интернет в помощь».
Дьиэ кэргэн Калининград дьонун-сэргэтин, климата сымнаҕаһын, муораҕа пляжка сыламныыры, инфраструктура сайдыылааҕын о.д.а. сэргииллэр уонна олохсуйарга быһаарыналлар. Тута Николай маршруткаҕа суоппарынан киирэр, бастайааннай пассажирдар мэктиэтигэр, сахалыы эрэ саҥарбаттар. Наталия Калининградка биһиги сахаларбыт күүлэйдии кэлэллэригэр анал бырагыраама-тур наада эбит диир уонна уһаппакка ити хайысхаҕа киирсэр, Питергэ олорон үлэлиир дьүөгэтинээн. Өскө урут тэрээһинэ суох кэлбит сынньанааччылар маны Таҥара бэлэҕин курдук ылыналлар.
Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиттии «СахаТурКалининград» имиджэ күннэтэ үчүгэйэ үрдүүр. Билиҥҥитэ 300-тэн тахса биһиги дьоммут сынньаннылар. Ити 2-3 сыл иһигэр. Тур сыаната хармаан хайдар харчытын ирдээбэт, оттон Калининград уобалаһын кытта билсиһии бырагыраамата салгыы кэҥиир, туристар баҕа санаалара маҥнайгы уочарат турар.
***
Калининградка аэропортан Наталия, Николай бэйэлэрин «Мерседестэринэн» киирэн кэтэһэллэр. Түһэр сиргин буллараллар, күннээҕи бырагырааманы кэпсииллэр, түүн буоллун, күнүс буоллун кыра да ыйытыктарга бастайааннай сибээскэ олороллор. Кинилэр булгуччулаах бырагыраамаларыгар Аҕа дойду сэриитин туһунан экскурсиялар бааллар, үгүстэргэ «Кенигсберг-45» панорамаҕа, фортка, бункерга сырыы кэнниттэн дууһаларыгар сэрии алдьархайа аны хатыламматын диэн санаа сөҥөн хаалар.
Готическай истиллээх замоктар, дыбарыастар болҕомтону күүскэ тардаллар, мировой акыйаан музейын ким да
тумнубат, Иммануил Кант аатынан Балтикатааҕы госуниверситет аудиториялара, соборга органнай музыка кэнсиэрэ, араас пааматынньыктар-мемориаллар о.д.а. туристары өссө кэлээриҥ диэбиттии ыҥыра тураллар. Эбэн эттэххэ, Наталия Валериевна Калининградтааҕы техническэй университет профориентацияҕа отделын салайааччыта М.А.Тихоновалыын сибээстээх, өрөспүүбүлүкэ устудьуоннарыгар сыһыаннаах.
Калининградтааҕы «Якутское землячество» сэкирэтээрэ Наталия Валериевна үлэтэ дойдумсах буолууга туһаайыллара өйдөнөр. Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ «Волонтеры Калининграда», «Боевые шелкопряды» түмсүүлэрдиин эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар араас көмөлөрү билиҥҥэ диэри оҥоро сылдьаллар. Саха саллааттара сытар братскай могилаларыгар, мемориалларга ыллык оспот, аалай гвоздикалар кыыһа оонньууллар.
Сэкирэтээр Наталия Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн төрүттээх, Кенигсберы штурмалааһыҥҥа тыынын толук уурбут Семенов Роман Терентьевич туһунан хараастан кэпсээтэ, аймахтарын уонна билэр дьонун көрдөөһүн салҕанарын эттэ. Землячество норуот маастара, РСФСР үтүөлээх учуутала Мария Николаевна Петухова (Уус-Алдан, Кали- нинградка оҕолоругар олорон лаппа сааһыран баран олохтон туораабыта) сахалыы оҥоһуктарын быыстапкатын тэрийэргэ былааннаах, тору номнуо оҥоһуллубута.
Саха түмсүүтэ национальнай бырааһынньыктара пандемия кэмиттэн ураты, үөрүү кынаттаах бэлиэтииллэр, НВК «Саха» биэриилэрин көтүппэккэ көрөннөр хата бэйэҕэр кэпсиэх курдуктар. Дьиҥэр землячество үлэтэ киэҥ ыырдааҕынан туспа матырыйаалга сөп, онуоха-маныаха диэри манан тохтуом, бырастыы гыныҥ.
***
«Учуутал мэлдьи учуутал» дииллэрэ сөптөөх. Наталия Валериевна элбэх эбии үөрэхтэри ааһан дойдум учууталларыгар көмөлөһүөхтээхпин диэн толкуйтан «Региональнай үөрэхтээһин киинигэр» преподавателлиир. Бу киин үлэтин СӨ Үөрэҕин министиэристибэтэ биһириир, тоҕо диэтэххэ бу тэтимнээх, күрэстэһилээх олоххо педагогикаҕа инновация сүүрээннэрэ, сокуоннар уонна нуорма-быраап аакталара уларыйыылара дохсун өрүс сүүрүгэр тэҥнээх. Наталия Валериевна Калининградтан вебинардара (онлайн үөрэтии) олус туһалаахтарынан өрөспүүбүлүкэ педагогическэй сообществотыттан сайаапкалар киирэ тураллар.
Кэнники кэмҥэ хоту улуустар интэриэстэрэ улаатан вебинар бастайааннай кыттааччылара буолтар. Биири эбэн суруйуом. Преподаватель вебинарынан эрэ бүппэт, кини үөрэхтээһин турдарын эмиэ ыытар. Соторутааҕыта 12 учуутал кэлэннэр куорат оскуолаларын, лицейдэрин, чааһынай оскуолаларын, уһуйааннарын илэ харахтарынан көрдүлэр, үөрэххэ саҥалыы сүүрээннэри киллэрэр толкуйдаах төнүннүлэр. Былааҥҥа дойдуга Педагог сылынан конференция турар, наставничествоҕа ураты болҕомто ууруллар, идэ таһыма үрдээбитин туоһулуур сэртипикээт бэлэмнэнэр.
***
Бэһис сылын Калининградка олорор дьиэ кэргэн айар-тутар потенциаллара өссө да улаатара чуолкай. Санаттахха, Николай маҥнай тиийээт эрэ суоппардаабыта, билигин атын үлэлээх. Мин Наталияттан ыйыттым: «Миграция аан дойдуга улаата турар, биһиги дьоммут онтон эмиэ хаалбаттар. Кырдьаҕаһым быһыытынан «утечка мозгов» буолаары гынар быһыылаах диэн утуйар уум айманар, мэктиэтигэр сирдэригэр-уоттарыгар олорон тоҕо үлэлээбэттэр диэн буугунаан ылабын. Төһө сөпкө кыыһырыахча буолар эбиппиний?»
Хоруйу ааҕыҥ эрэ: «Ким ханна да олороро-үлэлиирэ билигин көҥүл. Манна сыччах бииринэн салайтарар наада:
ханна да тиийтим иһин сахабын өрө тутуохтаахпын, биһикпин ыйаабыт сирбэр туох баар кыаллар-сатанар үчүгэйи оҥоруохтаахпын, ахтылҕан ыалдьыттаатаҕына хайаан да кииним түспүт сиригэр, дьоммор-сэргэбэр үөрүү аргыстаах кэлиэхтээхпин, салгыы дойдум бэлэхтээбит ураты сылаас-сырдык тыыныттан күүс-уох ылан үтүөнү, үйэлээҕи үксэтиэхтээхпин».
Олус үчүгэйи истэммин сөрүөстүгэс санаабын кыйдаатым, мэктиэтигэр кынаттааҕым буоллар үөһэнэн дайыах эбиппин.
Наталиялаах Николай аартыктара өссө арыллан-кэҥээн иһиэҕэ, үс көмүскэ тэҥнээх оҕолоро дьон чулуута буолуохтара, биһиги сырдык санааларбыт күлүмнүүр күн утахтара буоланнар эһигини куустуннар, салгыы сайдыҥ, чэчирээҥ, сириэдийиҥ — барыта дьон туһугар.
Афанасий Иванов.