Ахсынньы 8 күнүгэр, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибит «Педагог уонна аҕа настаабынньык» сылын чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү Исидор Барахов аатынан 1-кы №-дээх орто оскуолатыгар РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, учууталлар Учууталлара, методист, настаабынньык, Бүлүүтээҕи педагогическай училище выпускнига Николай Васильевич Егоров 120 сааһыгар аналлаах «Учуутал! Эн үрдүк ааккар сүгүрүйэн…» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи семинар буолан ааста.
Сарсыарда өттүгэр семинар Үөһээ Бүлүү оскуолаларын бастыҥ учууталларын аһаҕас уруоктарынан саҕаланна уонна маастар-кылаас көрдөрүүтүнэн түмүктэннэ. Улуус бары нэһилиэктэриттэн 70-ча учуутал киирэн маастар-настаабынньык учууталлар уопуттарын көрдүлэр, иһиттилэр. Ону таһынан учууталлар методическай пособияларын кэлбит учууталларга тарҕаттылар. Наадалаах диэбит матырыйаалларын хаартыскаҕа түһэринэн ыллылар. Ол аата, бу оскуола алын сүһүөх кылаас учууталларын үлэтэ үрдүк таһымҥа турара көстөр, таһаарыылаах үлэлэрин уопутун киэҥ араҥаҕа тарҕаттылар. Өссө сорох матырыйаалларын электроннай көрүҥүн кытта ыларга кэпсэттилэр. Ити курдук бириэмэ биллибэккэ ааста. Мин Үөрэх салаатын методиһа Наталья Иванова төгүлү ханнык ньыманан оҕолорго судургутук өйдөтөр уруогун сэҥээрдим, барытын видеоҕа уһуллум уонна оскуолам эдэр учууталларыгар тутатына ыытан истим. Үөдэй начаалынанй оскуолатын учууталлара сарсыныгар мустан Үөһээ Бүлүү учууталларын уруоктарын ырытыстылар, үлэлэригэр туһанар курдук тэриннилэр.
Маастар кылаастары көрөр баҕа баарын үрдүнэн, ыалдьыттарга туһунан тэрээһиҥҥэ – Н.В. Егоровка аналлаах быыстапканы көрдөрө музейга массыынанан илтилэр. Музей дьиэтэ төһө да эргэтин, тымныытын иһин Дьокуускай куорат Ярославскай аатынан музейтан Н.В. Егоров тутта сылдьыбыт маллара, докумуоннара, хаартыскалара дьон көрүүтүгэр ахсынньы ый 15 күнүгэр диэри туруорбуттар. Бу экспозицияттан элбэҕи биллим, суруннум.
Ол кэнниттэн салгыы Н.В. Егоров аатынан искибиэргэ сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Бу искибиэри билиилээх түөлбэ салайааччыта, учуутал Наталья Васильева ис сүрэҕиттэн кыһаллан, биир өйдөөх-санаалаах дьонун кытта сыл устата төгүрүччү көрөллөр-истэллэр эбит. Сквер тутуутугар биһиги, үөдэйдэр, эмиэ харчынан көмөлөһөн турабыт.
Эбиэт кэнниттэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга Н.В. Егоров олоҕун кэпсиир уонна Барахов аатынан оскуолаҕа методистыыр кэмигэр начаалынай кылаастары үөрэппит учууталларга аналлаах истиэндэ арыллыыта буолла.
Истиэндэни Үөһээ Бүлүүттэн Саха Сирин оскуолаларын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Николаева, Бүлүүттэн РФ оскуолаларын үтүөлээх учуутала Евгений Алексеев, Ньурбаттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Николаева арыйар чиэскэ тигистилэр. Тэрээһини алын сүһүөх кылаас оҕолоро Николай Егоров олоҕун кэпсиир литературнай-художественнай хоһооннору ааҕан, мустубут дьон сэҥээриитин ыллылар. Итини сэргэ, силигин ситэрэн 4 кылаас икки бастыҥ үөрэнээччилэригэр анал бириэмийэ туттарылынна: Айхал Егоровка, олимпиада, НПК кыттыылааҕар, Күннэй Осиповаҕа, туйгун үөрэнээччигэ.
Сүрүн тэрээһин төгүрүк остуолугар истиҥ-иһирэх кэпсэтии буолла. Кэпсэтиини СӨ үтүөлээх үлэһитэ, учууталлар Учууталлара, өр кэмҥэ Н.В. Егоров салалтатынан инспектордаабыт, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, 93 саастаах Ульяна Терентьевна Тимофеева саҕалаата. Николай Васильевич туһунан киһи күнү быһа истэ олоруон курдук бииртэн биир чахчылары саас сааһынан кэпсээн сөхтөрдө. Хас биирдии алтыспыт кэмнэрин күн бэҕэһээ буолан ааспытын курдук, чулуу киһи үлэтин, олоҕун, дьоҥҥо сыһыанын бэрт налыччы куолаһынан итэҕэтиилээхтик сэһэргээтэ. Бары да астынныбыт, сэҥээрдибит.
Бүлүүтээҕи педагогическай колледж үлэһиттэрэ Евгений Романович Алексеев, Матрена Антоновна Саввинова уонна Туяна Дамдиновна Саввинова Н.В. Егоров туһунан Донской аатынан музейга харалла сытар докумуоннарга олоҕуран видеосюжет оҥорон аҕалан кэпсээтилэр, киэҥ эйгэҕэ көстө илик архыып докумуоннарын көрдөрдүлэр. Салгыы «Егоровтар учуутал династиялара» диэн дакылааты колледж бастакы кууруһун устудьуона Гаврил Егоров аахта. Бу оҕо Таймылыыртан сылдьар аймах уол эбит. Егоровтар династияларын салгыа диэн бүк эрэллээхпит.
Ол кэнниттэн үөдэйдэр уочараппыт кэлэн мин, оскуола дириэктэрэ Любовь Ли, учуутал Татьяна Васильева кэлбит дьоҥҥо нэһилиэкпит, оскуолабыт туһунан билиһиннэрдибит. Николай Егоров эдэркээн 19 эрэ сааһыгар Үөдэй нэһилиэгэр аһыллыбыт оскуола бастакы учуутала, соҕотоҕун 30 оҕону үөрэппитин, пансионаты үлэлэппитин кэпсээтибит. Бастакы учууталга аналлаах истиэндэ баар, саҥа оскуолаҕа киирдэхпитинэ өссө тупсарыахпыт, ситэриэхпит диэн эттибит.
Н.В. Егоров кинигэлэрэ, хаартыскалара урут оскуола музейа тэриллэригэр муспут экспонаттары сэргэ, кэлин архыып докумуоннарыттан көстүбүт докумуоннар ситэрэн биэрэллэр. Бүтэһигэр оскуола музейыгар Николай Егоров аан бастаан үлэлээбит оскуолатын хаартыскатын оскуола директора Любовь Ли, нэһилиэк баһылыга Мария Николаева Үөдэй нэһилиэгин туһунан саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэни бэлэх ууннулар.
Тэрээһиҥҥэ Бүлүүттэн кэлэ сылдьар аймахтара ытыктыыр киһилэрин туһунан бэрт истиҥник аҕыннылар. Ордук Н.В. Егоров дьиэтин иһэ барыта кинигэ буоларын сөҕөн ахтан-санаан аастылар. Киһи быһыытынан боростуойун, киһиэхэ киһилии сыһыаннаһарын, аймахтарын барыларын түмэр киһи этэ диэн наһаа истиҥ тыллары эттилэр. Аймахтар этиилэрин Н.В. Егоров бииргэ төрөөбүт балта Мария Васильевна Егорова аныгы үйэ хаамыытынан видеонан убайын туһунан ахтан-санаан, мустубут ыалдьыттарга, бу дьоро күнү тэрийбит дьоҥҥо махталын, кэлэн иһэр саҥа сыл үтүө буоларыгар баҕа санаатын эттэ.
Үөдэйдэр, бу тэрээһини тэрийбит Исидор Бараахап аатынан оскуола кэлэктиибигэр, Н.В. Егоров аатын үйэтитэргэ үлэлээбит бары дьоҥҥо, чуолаан Бүлүү училищетыгар биир кэмҥэ үөрэммит дьүөгэбитигэр Наталья Васильеваҕа дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Бүлүү колледжын учуутала Евгений Романович эппит этиилэригэр толору сөбүлэһэбит, чуолаан:
— Н.В. Егоровка аналлаах региональнай педагогическай ааҕыылары биэс сылга биирдэ ыытары сөргүтэргэ;
— Егоровскай педагогическай ааҕыылар балаһыанньатын оҥорорго;
— Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар сэминээрдэр матырыйаалларынан анал брошюралары бэчээттииргэ.
Итини ситэрэн биһиги, үөдэйдэр, маннык этии киллэрэбит:
— Үөрэммит, үлэлээбит сирдэринэн педагогическай туризмы тэрийэргэ. (Үөдэй-ҮөһээБүлүү-Бүлүү-Дьокуускай-Игидэй-Хаптаҕай).
Манан сиэттэрэн, Н.В. Егоровка сыһыаннаах араас экспонаттары хайдах хомуйбуппут туһунан ахтан ааһыам. 1997 сыллаахха Үөдэй начаалынай оскуолата 75 сыллаах үбүлүөйүн көрсө оскуола музейын тэрийэр үлэни күүскэ ыыппыппыт. Салайааччынан бэйэм, музей активтарынан Татьяна Васильева, Сергей Корнилов үлэлээбиттэрэ. Ол саҕана Сергей Корнилов көмөтүнэн элбэх истиэндэ оҥоһуллубута. Оччотооҕу бириэмэҕэ дириҥ ис хоһоонноох истиэндэлэр оҥоһуллубуттара. Элбэх ахтыы, хаартыскалар, докумуоннар хомуллубуттара. Н.В. Егоров мэтириэтин улахан гынан уруһуйдатан, бастакы учуутал диэн истиэндэ оҥоһуллубута. Н.В. Егоров автордаах 5, бэйэтин тус бибилэтиэкэтиттэн 4, араас сылларга кини туһунан 7 бэчээттэммит кинигэлэри, 5 устуука диапозитивы аймахтара бэлэхтээбиттэрэ. Дьокуускай куораттан Александра Гаврильева 2№-дээх оскуола музейыттан Вячеслав Федорович Афанасьевтан Николай Васильевич хаартыскаларын ылан кэлбитэ. Бүлүүттэн Антонина Михайлова педагогическай музей дириэктэриттэн Геннадий Семенович Донскойтан Н.В. Егоров туһунан араас ыстатыйалары тэтэрээккэ суруйан ыыппыта, билигин да нэһилиэк музейыгар харалла сытар. Итини таһынан хаһыаттан вырезкалар, «Начальная школа», «Народное образование» сурунаалларга бэчээттэммит ыстатыйалар экспонаттары ситэрэн биэрэллэр.
Онон саҥа таас оскуола-уһуйааҥҥа киирэрбитинэн сибээстээн, аныгылыы оҥоһуулаах истиэндэ бэлэмнэнэ сылдьар. Оскуолабыт бастакы учууталларыттан биирдэстэрэ үөрэҕирии эйгэтигэр олоҕун анаабыт үлэтин дьон билиитигэр хаалларарга кыһаллабыт.
Николай Васильевич аата үйэлэргэ дуорааннаахтык ааттана турарыгар икки ардыбытыгар сибээһи олохтуохха, уопут атастаһыахха, эдэр учууталлар, кэнчээри ыччаттар кини олоҕун, үлэтин салгыылларын курдук үлэни ыытыахха.
Бу үтүө киһи, уһулуччулаах учуутал аата үйэттэн үйэлэргэ ааттана турдун!
Мария Николаева,
Үөдэй нэһилиэгин баһылыга, Ньурба