Атырдьах ыйын 6 к. улуус баһылыга Алексей Иннокентьев Куочайга «Ньурба-Агро МТС» АО отчуттарыгар саҥа 2 «МТЗ» тырааахтыр күлүүстэрин тылын туттарда.
Баһылык эҕэрдэ тылыгар өрөспүүбүлүкэлиин кыттыгас «Кормопроизводство» бырагыраама үлэлээн, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар матырыйаалынай-тэхиниичэскэй базалара тупсан иһэрин бэлиэтээтэ. Кэнники хас да сыл устата маннык бырагырааманан «Ньурбатааҕы кормовой хампаанньа» тэрилтэҕэ сөптөөх тиэхиньикэ, оборудование ылыллан, тэрилтэ атаҕар бигэтик туран сир үлэтигэр күүскэ үлэлии сылдьар.
Улууска биир улахан тэриллиилээх хаһаайыстыба быһыытынан биллэр «Ньурба-Агро МТС» АО үлэтэ эмиэ бигэ туруктаах. Хаһаайыстыба отчуттара үчүгэй күннэри баттаһа, күүскэ оттуу сылдьаллар. Хаһаайыстыба салайааччыта Семен Николаев отторун былаанын номнуо 70% толорбуттарын иһитиннэрдэ. Кини улуус салалтата тэрилтэҕэ улахан болҕомтотун уурарын, көмө-өйөбүл оҥоһулларын тоһоҕолоото. Үп көрүллэн, Куочайга хаһаайыстыбаҕа 7 км күрүө, 400 т от киирэр сеновал уонна 1000 туонна сиилэс киирэр траншеята тутуллуохтааҕын эттэ.
Геннадий АНТОНОВ