Ньурба киэн туттар 43 мелодиһа — биир ырыанньыкка

Сэтинньи 19 күнүгэр “Кыталык” КД исписэлииһэ Римма Сидорова бырайыага “Оҕо саас оһуора, эдэр саас эрчимэ” ырыанньык сүрэхтэниитэ буолла. Барыта 3 кинигэттэн турар хомуурунньукка Ньурбаттан төрүттээх 43 ырыа айааччы 104 ырыата нотаҕа тиһиллэн киирдэ.

Манна Владимир Литвинов, Егор Поликарпов, Александр Дмитриев – Таммах, Афанасий Моргусов, Дмитрий Потапов, Владимир Васильев – Двадцатка, Никифор Семенов, Антон Иванов, онтон да атын мелодистар ырыалара киирдилэр.

Тэрээһиҥҥэ кинигэҕэ киирбит ырыалары Ньурба кэрэ куоластаах ырыаһыттара, оскуола, уһуйаан оҕолоро уонна автордар толордулар. Кэнсиэр иккис чааһыгар Кыталык КД фойетыгар “Эрчим” ВИА доҕуһуолунан тыыннаах музыка кэрэ эйгэтэ тэрилиннэ. Ыалдьыттар, көрөөччүлэр анаан тэриллибит минньигэс астаах фуршеттаах саала5а ирэ-хоро сэһэргэһэн, артыыстары кытары хаартыскаҕа түһэн бэркэ сынньаннылар.

Римма Сидорова, бырайыак автора:

— Бу ырыанньык күн сирин көрөрүгэр күүс-көмө буолбут дьоммор бастатан туран, улахан махталбын тиэрдэбин. Бу биир эрэ киһи үлэтэ буолбатах. Ол курдук, сахалыы ырыа сайдарыгар айымньылаахтык улэлээбит, элбэх ырыа ааптарыгар, «АМАКА» ВИА төрүттээччитигэр, «Мегаджек» тыаһы-ууһу уһулар студия салайааччытыгар, Мэгэдьэк нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕор, бу ырыанньык биир сурун хомуйан оҥорооччутугар, сүбэһитигэр, ырыалар аранжировкаларын оҥорбут Дмитрий Корнилович Потаповка, искусство наукатын кандидатыгар, ырыанньыкпыт хомуйан онорооччутугар Лена Руслановна Степановаҕа, Ньурбатааҕы оҕо искусство оскуолатын учууталларыгар Айыына Алексеевна Тыхееваҕа (муусука эрэдээктэрэ), Алена Андреевна Поповаҕа (муусука партитураларын техническэй эрэдээктэрэ), Прокопий Егорович Григорьевка (ырыалар аранжировкалара), Родион Владимирович Петровка (QR код сыһыарыытын техническэй эрэдээктэрэ) Анна Николаевна Васильеваҕа, Владимир Георгиевич Ивановка, Эдуард Альбертович Васильевка, тыа кулууптарын улэһиттэригэр уонна да атыттарга (ырыалар клиптарын оҥордулар).

Ньурбабыт ырыа куттаахтара оҕоҕо, ыччакка дьүөрэлээх ырыалары кыайа – хото айаллар. Хомуурунньук ырыа — муусука учууталларыгар, оҕо уһуйааннарын музыкальнай салайааччыларыгар, вокальнай, хоровой коллективтарга, биирдиилээн ырыаһыттарга үлэлэригэр төһүү көмө буоллун диэн хас биирдии ырыа ноталанан, ырыа толоруутун холобурун QR-код нөҥүө көрөр, истэр гына оҥоһулунна.

 

 Лена Петрова

Читайте дальше