Ньурба куорат 3 нүөмэрдээх оскуолатыгар саахымат кылааhа арылынна

Быйылгы үөрэх дьыла Ньурба куорат 3 нүөмэрдээх оскуолаҕа үөрүүлээх үтүө дьыалаттан саҕаланна — саахымат кылааhа арылынна. Саахымат оонньуута аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт оонньуулартан биирдэстэрэ буолар. Саахымат киhи аймаҕы умсугутар оонньуулартан  былыргылара уонна мындырдара. Оҕо саахыматы кыра сааhыттан ордук ылынар. Саахымат оонньуута элбэҕи сайыннарар: оҕо болҕомтотун, олохтоох толкуйун, өйгө оҥорон көрөр дьоҕурун, тулуурун, дьулуурун, өйүн — санаатын сааhылыыр. Хас биирдии оҕоҕо бу оонньуу инникини ыраҥалаан, тэҥнээн,  туруоруммут сыалын ситиhэргэ, бэйэтин дьайыытын сыаналанарга, салайынарга үөрэтэр. Бу маннык киэҥ соруктары толорорго бэлэмнээх Геннадий Игнатьевич Иванов, кылаас салайааччыта Изамира Александровна Винокурова  уонна 1б кылаас  24 үөрэнээччилэрэ буолаллар. Геннадий Игнатьевич  үөрэппит, бэлэмнээбит оҕолоро саахымат курэҕэр элбэх  дьоhун ситиhиилээхтэр.

Балаҕан ыйын 12 күнүгэр саахымат кылааhын аhыы үөрүүлээх сиэрэ –туома үрдүк таhымнаахтык ааста. Ыҥырыллыбыт күндү ыалдьыттарбыт Ньурба оройуон аҕа баhылыгын солбуйааччыта Эдуард Николаевич Мярикянов, куораппыт аҕа баhылыга Геннадий Васильевич Игнатьев, Ньурба оройуонун Yөрэҕириитин салалтатын солбуйааччыта Елена Мартыновна Котоконова,  биhиги оскуолабыт мецената Степан Викторович Осипов истиҥ тылларынан эҕэрдэлээтилэр, дьоhун бэлэхтэрин утары ууннулар. Оҕолорго алгыс тылын анаата саахымат оонньуутун үрдүктүк баhылаабыт Валерий Федорович Семенов – куораппыт биир биллэр киhитэ.  Оскуола оҕолоро бэйэлэрин сатабылларын — кыахтарын күүстээх оонньооччулары кытары саахымакка  оонньоон холунан көрдулэр.

Саахымат кылааhа, иннин хоту баран ис, санаа хоту сайдан ис!

Игнатьева В.С., Ньурба куорат  №3

нүөмэрдээх  оскуолатын учуутала