Ньурба куорат  сайда, чэчирии турдун

Балаҕан ыйын 23 күнүгэр, Ньурба куорат төрөөбүт күнүгэр анаабыт курдук күһүҥҥүлүү кураан, күннээх күн буолбута.

Быйыл Ньурба куорат 26-с төгүлүн төрөөбүт күнүн бэлиэтиир. Манна аналлаах тэрээһин пааркаҕа, хорчуоппа  ыытыллар сиригэр «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» атыы-эргиэн  дьаарбаҥкаттан саҕаланна.

Бырааһынньык кэмигэр куорат баһылыга Геннадий Игнатьев быйылгы үлэ былаанан билиһиннэрбитэ:

-Быйылгы сыл Ньурба куоратыгар бэйэни салайыныы сылынан биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн түөлбэлэринэн бэстибээллэр буола тураллар. Куорат бырааһынньыгар спортивнай күрэхтэр, маастар-кылаастар, Педагог уонна уһуйааччы  сылынан үөрэҕириигэ сыһыаннаан тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Сарсыарда «Бүлүү» уопсастыбаннай экологическай  кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, эколог  Петр Николаевич Мартынов аатынан уулуссаҕа  оскуола үөрэнээччилэрэ  чыычаах уйалара тутуурдаах кэлэн кыттыыны ыллылар. Искибиэр өрөмүөннэнэн, эбии беседка тутулунна. Ньурба куорат Сэбиэскэй түөлбэтин актыбыыстара түмсүүлээхтэрин көрдөрөн, куорат дьаһалтата күүс-көмө буолан, «Алмазкредитсервис» тэрилтэ ыытар граныгар кыттан үп көрүллэн, үлэ ыытылынна.

«Ньурба куорат» МТ дьаһалтата олохтоох көҕүлээһиннэри  өйөөһүн (ППМИ) бырагыраамаҕа олоҕуран, 2022 сыллаахха үс бырайыагы:Ыраах Убайааҥҥа сайыҥҥы уу ситимин тардыы, Степан Васильев аатынан уулуссаҕа тротуар тэлгээһин, Сергей Васильев аатынан сынньалаҥ пааркатыгар тренажердары туруоруу ыытылынна. Маны сэргэ хорчуоппа, атыы-күтүү ыытыллар сир таһыгар  массыыналар тохтуур сирдэрин  оҥоруу уонна Ньурбалар биллиилээх ырыаһыппыт Никииппэр Сэмиэнэпкэ аналлаах боруонсаттан пааматынньыгын эһиил Ньурба улууһун  200 сылыгар үлэҕэ киллэрэргэ  үлэ барар, — диэн билиһиннэрдэ.

Куорат бырааһынньыгын үөрүүлээх аһыллыытыгар улуус баһылыгын солбуйааччыта Семенов В.Н. кыттыыны ылла. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ньурба куорат сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит бочуоттаах гражданнар  ааттара ааттанна. Ол курдук куорат түөлбэлэрэ үлэлэрэ саҕаланыаҕыттан үлэлиир, икки төгүл куорат сэбиэт дьокутаатынан  ананан үлэлээн кэлбит Саргылана Николаевна Калинина, 2020-2023 үөрэх дьылыгар  А.Н.Чусовской  аатынан Ньурбатааҕы техническэй лиссиэй дириэктэринэн  үтүө суобастаахтык үлэлээн кэлбит Аркадий Юрьевич Фёдоров, култуура уобалаһыгар үтүөтүн иһин Александра Константиновна  Кривогорницына чиэстэннилэр.

«Ньурба куорат» МТ территориальнай-уопсастыбаннай бэйэни салайыныы сылыгар  куораты тупсаран оҥорууга, ситэрэн тэрийиигэ, уопсастыбаннай бэрээдэги көрүүгэ уһун кэмҥэ үтүө суобастаах үлэтин иһин  Плотникова Надежда Иннокентьевна Бочуотунай грамотанан бэлиэтэннэ.

Куорат түөлбэлэригэр  анаан ыытыллыбыт «Таптаа олорор сиргин» кэнсиэр-көрүү күрэх түмүгүнэн 1 миэстэ — Лермонтовскай, 2-с миэстэ -Убайаан 1, 3-с — Партизанскай, 4-с – Убайаан 2, 5-с  — Советскай , 6-с – Киин, 7-с миэстэ Портовской  түөлбэлэр буоллулар.

Дьэ, ити курдук куорат бырааһынньыга дьону түмтэ, биир сомоҕо буолан биир тыынынан тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Антонина Семенова.

 

 

 

 

Читайте дальше