Ньурба Малдьаҕарыгар муҥхалаатылар

Саха киһитигэр былыр былыргыттан муҥхаҕа сылдьыы бэйэтэ бырааһынньык. Малдьаҕар олохтоохторо бэҕэһээ  «Бэс Элгээнэ» (Уолба) күөлгэ муус аннынан муҥхалааһыны тэрийдилэр.

Бу күн уопсайа эр киһилиин дьахтардыын, кырдьаҕастыын оҕолуун барыта 40-ча киһи сырытта. Нэhилиэкпит аҕалара Васильев Николай, Саввинов Александр, Павел Филиппов иилээн-саҕалаан нэьилиэк дьонун-сэргэтин түмэн, муҥханы иилээн саҕалаан тэрийдилэр. Нэhилиэкпит олохтоохторун Максим Егорович Филиппов уонна Тимофеев Иван Семенович муҥхалара түстүлэр.

Муҥхаҕа кэлбит дьон ким тугу сатыырынан үөрэ-көтө, сытыытык, сылбырҕатык туттан көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Бэл диэтэр улахан дьону кытта оскуола саастах инникигэ эрэнэр ыччаттарбыт, оҕолорбут эмиэ тэбис-тэҥҥэ сылдьыстылар. Нэһилиэкпит эр дьонноро оҕолорбутун терүт үгэспитигэр үөрэтэ таарыйа бултка-алтка сыhыаран, көмүс хатырыктааҕы хайдах бултанарын үөрэттилэр.

Муҥха түспүт эбэтэ олохтоохтору боссоото, Күөх Боллох тойон “мичик” гынна, бу сырыыга бэрткэ диэн көмүс хатырыктааҕыттан күндүлээтэ. Инньэ гынан нэһилиэк бары ыала, кырдьаҕастыын — эдэрдиин балык амсайар чиэскэ тигистэ.

Маны таһынан Малдьаҕарбыт эр дьоннорун көҕүлээһиннэринэн ирээт балык Ньурба оройуонуттан анал байыаннай дьайыыга хомуурга ыҥырыллан кытта сылдьар уолаттарбытыгар ыытарга диэн этии киллэрэн Кыайыы пуондатыгар туттарыллар буолла.

«Малдьаҕар нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатын 

пресс-сулууспата