Дойдубут киин куоратыгар — Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы «Юнкор» медиафорум үрдүк таһымңа ыытылынна. От ыйын 28 күнүттэн атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри ЦСКА футбольнай комплексын базатыгар ыытыллыбыт форумңа Саха сириттэн сүүмэрдэнэн барбыт 3 эдэр кэрэспэндиэн ортотугар биһиги биир дойдулаахпыт, Ньурба оройуонун Хаҥалас орто оскуолатын 11 кылааһын туйгун үөрэнээччитэ, 1-Хаҥалас «Ыллык» эдкорпост уонна «Кэскил» хаһыат биир бастыҥ кэрэспэдьиэнэ Олег Адамов кыттыыны ылла. Форум Арассыыйа 29 регионуттан 140-ча эдэр кэрэспэдьиэни бииргэ түмтэ.
«Бастакы күммүт сэрээккэттэн саҕаламмыта. Ол кэнниттэн улахан, бэһиэлэй билсиһии оонньуутун оонньоон, форумңа кытта кэлбит оҕолору кытары билистибит. Юнармия штабын сүрүн начальнига, Олимпийскай чөмпүйүөн Никита Нагорный кэлэн ыалдьыттаан, «Стратегия Юнармии», « Роль юнкора в Движении» тиэмэлэргэ дискуссия ыыппыта. Ол кэннэ «Встреча с Героем» буолбута, Владислав «Гусар» Ефремов — СВО бэтэрээннэрин ассоциациятын сүбэһитэ, СВО бэтэрээнэ, блогер, военкор кэлэн ыалдьыттаан барда.
«Моя малая Родина» диэн киэһээҥи тэрээһиммитигэр бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит туһунан билиһиннэрбиппит. Ол кэннэ күммутун түмүктүүр «Вечерняя свечка» буолбута», — диэн Олег улахан тэрээһиңңэ кыттыбытын кэпсээтэ. Кэскиллээх уолбутугар айар дьо5ургун салгыы сайыннаран, ситиһиилэргэ кынаттанан ис диэн ба5а санаабытын тиэрдэбит!
Лина Семенова