Бу ый 12 күнүгэр, субуотаҕа Физкультурник күнүн көрсө Ньурба5а С.Васильев аатынан сынньалаҥ пааркатыгар улахан тэрээһин былааннанар.
Амма5а ыытыллыбыт республикатааҕы адаптивнай спорт көрүҥнэригэр “Дьулуур” XIV Спартакиада кыайыылаахтарын чиэстээһин сиэрэ-туома ыытыллыа.
Маны тэҥэ волейболга, мини-футболга күрэхтэр, остуол оонньууларыгар маастар-кылаастар ыытыллыахтара.
Күндү Ньурба улууһун олохтоохторун бу күн биһиги киэн туттар, улууспутугар кыайыыны аҕалбыт, спорт бырааһынньыгын бэлэхтээбит спортсменнарбытын кэлэн өйүүргүтүгэр ыҥырабыт!