Ньурба Үөдэйин олохтоохторо Кыһыл көмүс кинигэҕэ киирдилэр

Арассыыйа президенэ Владимир Путин  2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ.Биһиги бэрэсидьиэммит дьиэ кэргэн сыаннастарын уонна дьиэ кэргэни көмүскүүр судаарыстыбаннай бэлиитикэни күүһүрдэр, тарҕатар туһуттан маннык ыйааҕы ылыммыта инники өттүгэр суолтата өссө күүһүрүө. Хас биирдии  дьиэ кэргэн олоҕуттан бүтүн Арассыыйа дьылҕата тутулуктаах.

👨‍👨‍👦‍👦 Быйыл,  тохсунньу 13 күнүгэр Ньурба оройуонун Кыһыл көмүс кинигэтигэр киирбит ыал ахсааныгар  175 №-нэн өссө биир дьоллоох ыал эбилиннэ. Олор кимнээхтэрий? Үөдэй нэһилиэгэр саҥа сылга үктэнээт Дьиэ кэргэн сылыгар сөп түбэһиннэрэн Прокопий уонна Таисия Григорьевтар дьиэ кэргэннэрэ бииргэ олорбуттара 45 сылын үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтибит.

Бу күн «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр Григорьевтар дьиэ кэргэннэрин ааттарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга улуустааҕы Кыһыл көмүс бочуоттаах кинигэтигэр үйэ саас тухары Үөдэй нэһилиэгин ГТАС  үлэһитэ Дмитрий Федоров киллэрдэ.

💐💐💐Үбүлүөйдээхтэри Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Николаева истиҥ-иһирэх тыллардаах бэйэтин  эҕэрдэтин, “Ньурба оройуона” МО  баһылыгын уонна улуус дьокутааттарын сүбэтин аатыттан, баайга дуолга сыһыаннаһыыларга уонна муниципальнай атыылаһыыларга кэмитиэтин аатыттан эҕэрдэ суруктары уонна бэлэхтэри туттарда.

Григорьевтар дьиэ кэргэн үөрүүлэрин үллэстэн уонна бары үтүөнү баҕаран туран эҕэрдэ тыллары Варвара Петрова аатынан оскуола-уһуйаан дириэктэрэ Любовь Ли, Прокопий Семенович уонна Таисия Семеновна бииргэ төрөөбүттэрэ Марина Корнилова, Ирина Татаринова, Анастасия Григорьева, Анна Михайлова, аныгы үйэ сиэринэн видео нөҥүө оҕолоро, сиэннэрэ, кийииттэрэ эҕэрдэлээтилэр.
45 сыл анараа өттүгэр Прокопий уонна Таисия Григорьевтар 1978 сыллаахха ахсынньы 22 күнүгэр Саха АССР Ленинскэй оройуон Хаҥалас сэбиэтигэр эдэркээн уоллаах кыыс сиэтиһэн киирэн, сокуоннай кэргэннии буолуу докумуонугар илии баттаан, ыал буолбуттарын кэрэһэлиир докумуону илиилэригэр тутан, үөрэн-көтөн тахсыбыттара. Ол кэмтэн ыла номнуо 45 сыл ааста. Ыал тутула бигэ-таҕа буолара кэргэннии буолбут дьонтон улахан тутулуктаах. Прокопий Семенович эдэриттэн булт-алт абылаҥар, сылгыһыт идэтин баһылаан туспа эйгэлээх үлэттэн кэлин дьаһалтаҕа, сир салаатыгар землеустроителинэн, суол тэрилтэтигэр үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Ыал ийэтэ Таисия Семеновна детсадка ас астааччынан үлэлээн баран билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр коллекционер. Олорор дьиэлэрин тэлгэһэтигэр сахалыы балаҕан туттан сайын ыалдьыттары көрсөр идэлээхтэр. Иккиэн даҕаны нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар ыаллар. Бэйэлэрин үтүө холобурдарынан оҕолоругар тирэх буолаллар. Прокопий Семенович уонна Таисия Семеновна бу орто дойдуга кэлбит сирдээҕи аналларын толорон үс уол оҕону төрөтөн, кинилэри иитэн-улаатыннаран, күн бүгүн алта сиэн  эһээтэ, эбээтэ буолан ийэ-аҕа дьолун билэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар, дьоһун-мааны ыаллар.

Уолаттара бары Үөдэй оскуолатыгар араас сылларга үөрэнэн бүтэрээт атын нэһилиэк оскуолалаларыгар үөрэнэн баран, бары тус-туспа олохторун оҥостон хас биирдиилэрэ ыаллар. Улахан уол Александр СВО кыттыылааҕа, этэҥҥэ эргиллэн кэлэн Дьокуускай куоракка үлэлиир-хамсыыр, кэргэннээх, оҕолоох. Бойобуой дьайыы бэтэрээнэ. Хорсунун иһин мэтээллэрдээх. Иккис уол Семен Чечня сэриитин кыттыылааҕа, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, кэргэннээх оҕолоох. Алмаас хостуур Накыыҥҥа улахан массыынаҕа суоппардыыр. Кыра уол Станислав Дьокуускай куоракка олорор, суоппар идэлээх, кэргэннээх, үс уоллаах. Үһүөн төрөөбүт Үөдэйдэрин кытта сибээстэрин быспаттар. Ийэлээх аҕаларыгар кэлэн көмөлөһөн, ыраахтарын чугаһатан, кыайбаттарын кыайан, үлэлээн-хамсаан, саас, күһүн бултаан-алтаан бараллар. Онон ытык иэстэрин төрөппүттэрин иннигэр толороллор, куруук билсэ-көрсө сылдьаллар. Сиэннэр сайын аайы Үөдэйгэ кэлэн эбээлээх эһэлэрин күннэрэ-ыйдара буолан тыа сирин сибиэһэй аһынан аһаан, ыраас ууга сөтүөлээн, сир астаан, оонньоон-көрүлээн дуоһуйаллар. Бу буолар чөл олохтоох ыаллар үтүө дьоннорун аатын ааттатан көнө суол устун оҕолорун, сиэннэрин, аҕыйах сылынан хос сиэннэрин олох киэҥ аартыгар сирдииллэр уонна сирдиэхтэрэ да турдаҕа.

«Олох олоруу сибэккилээх хонууну туорааһын буолбатах» диэн өбүгэлэрбит этэллэрэ оруннаах. Ыал буолан,  дьоллоох дьон уһун сылларга бииргэ олороллор, сиэн, хос сиэн минньигэс сытын билэллэр.
Мааны ыалбытыгар өссө төгүл эҕэрдэ буоллун, үтүө дьоҥҥо, уҕараабат уйгулаах, быстыбат быйаҥнаах, кэхтибэт кэскиллээх, дьоһун-мааны ыал аатын уһун кэмҥэ ааттата туруҥ!

 Мария Николаева, Үөдэй нэһилиэгэ

 

Читайте дальше