Ньурбаҕа ытык-мааны ыаллары чиэстээтилэр

Сэтинньи 7 күнүгэр, Ньурбатааҕы ГТАС дьиэтигэр  Ньурба куорат олохтоохторо Николай Прокопьевич, Ангелина Платоновна Сектяевтар, Николай Александрович Степанов, Александра Васильевна Догуева 50 — кыһыл көмүс сыбаайбаларынан, Кыһыл көмүс кинигэҕэ киирбиттэринэн Судаарыстыбаннайа турук аактатын суруйуу Ньурба оройуонунааҕы салаатын салайааччыта Альбина Алексеева үөрүүлээх быһыыга-майгыга эҕэрдэлээтэ, «Килбиэннээх дьиэ кэргэн» бэлиэни, Ил Дархан Айсен  Николаев эҕэрдэ суругун туттартаата.

Улуус дьаһалтатын аатыттан улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Татьяна Олесова, «Ньурба куорат» МТ баһылыгын солбуйааччыта  Павел Необутов, улуустааҕы киин балыыһа кыл.медсиэстэрэтэ  Аида Федорова, «Кыталык» КД «Талба талааннаахтар» түһүлгэлэрэ норуодунай фольклорнай кэлэктиип салайааччыта Розалия Николаева, үбүлүөйдээччилэр оҕолоро эҕэрдэ тыл эттилэр, сибэкки дьөрбөтүн бэлэх ууннулар.

Кыһыл көмүс  сыбаайбалааччылар олохторуттан сэгэтэн ааһыам. Эдэркээн Николайдаах Ангелинаны Дьокуускайга социальнай хааччыйыы министиэристибэтэ  мөлтөх доруобуйалаах дьону  профтехучилищеҕа үөрэттэрэ ыыппыт кэмнэригэр  бэйэ-бэйэлэрин кытары  билсэн, сөбүлэһэллэр. 1973 сыллаахха дойдуларыгар  Ньурбаҕа кэлэн,  атырдьах ыйын 17 күнүгэр оройуон саахса дьиэтигэр олохторун холбууллар.

Ангелина «Суһал көмө» ыстаансыйатыгар диспетчеринэн үлэтин саҕалыыр, кэлин буҕаалтырынан, социальнай харалта управлениетыгар ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Үлэтэ сыаналанан социальнай сулууспа туйгуна, Дьаархан нэһилиэгин  бочуоттаах гражданина.

Ыал аҕата Николай Прокопьевич оройоуннааҕы киин балыыһа Бэс-Чагдатааҕы оройуоннар икки ардыларынааҕы сэллиги эмтиир балыыһаҕа буҕаалтырынан, кэлин киин балыыһа кииннэммит бухгалтериятыгар 1988 с.диэри кыл. буҕаалтырынан үлэлиир, кэлин доруобуйатын туругунан сынньалаҥҥа тахсар.

Николай Прокопьевич Ангелина Платоновна Сектяевтар уоллаах кыыс оҕолоохтор.Уоллара Андрей Николаевич кэргэнинээн Тиксиигэ олохсуйан олороллор. Кыыстара  Вероника Николаевна Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын Академиятын юридическэй факультетыгар  үөрэнэн идэ ылар, улуустааҕы социальнай харалта управлениетыгар үлэлээбитэ.Үс оҕолоох, улахан оҕолоро Дьокуускайга ХИФУ омук тылын салаатыгар английскай уонна кытай тылын отделениетыгар үөрэнэллэр.Улахан сиэннэрэ Кытайга ХИФУ атастаһыгынан ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар, аныгы үйэ буолан,  ийэ уолунаан, эбээлээх эһээ сиэннэринээн  видеосибээһинэн кэпсэтэллэр.  Кыра кыыһа Ньурбатааҕы техническэй лиссиэйгэ үөрэнэр. Кыыс сиэн Кытайга  үөрэнэ барарга баҕа санаалаах. Ыал ийэтэ Ангелина Платоновна: «Оҕолорбут спорка, үөрэххэ ситиһиилэринэн үйэбит уһуур. Ыал буолан олорбуппут тухары кэргэмминээн үлэҕэ, сынньалаҥҥа бииргэ сылдьан кэллибит. 50 сыл бииргэ олоруу уһун курдук саныыр этибит, онтубут олус түргэнник элэс гынан ааста. Бэйэ-бэйэни убаастаһыы, истиҥ сыһыан, олох буолан баран, уустуктардаах, үөрүү-көтүү аргыстаах буолар. Оҕолорбут, сиэннэрбит ситиһиилэрэ олохпутун уһатар»,- диэн этэр.

Сектяевтар дьиэ кэргэннэрэ оҕуруот аһын арааһын олордуунан дьарыктаналлар, дьиэ кэргэннэрин бэтэмииннээх аһынан хааччыйаллар. Ыал ийэтэ, эбээтэ Ангелина Платоновна асчыт буолан, бурдук ас арааһын астаан  сиэннэрин күндүлүүр. Иллэҥ кэмнэригэр Ангелиналаах Николай  урут уус-уран кинигэни сөбүлээн ааҕар буоллахтарына, билигин үтүө дьоннор тустарынан, документальнай кинигэлэри ааҕалларын ордороллорун туһунан ыал ийэтэ этэр.

Төрөөбүт Дьаарханын нэһилиэгин устуоруйатын кэлэр көлүөнэ ыччакка хааларын курдук видеоҕа устан нэһилиэгэр бэлэх оҥорбут. Телеграм-каналга 1000 курдук сурутааччылардаах.

Иккиэн айылҕаҕа сылдьалларын, сынньаналларын ордороллор, сир аһын арааһын хомуйалларын сөбүлүүллэр. Ыал аҕа баһылыга  Николай Прокопьевич  доҕотторун кытары  саас, күһүн булт сезонугар бултуурун, балыктыырын сөбүлүүр, кыыстара Вероника кинини батан балыктыырын сөбүлүүр.

«Долгутуулаах түгэни бэлэхтээбт, сүүрбүт-көппүт дьоммутугар, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр, эҕэрдэ эгэлгэтин эппит дьоммутугар-сэргэбитигэр махталбытын тиэрдэбит», -диэн Ангелина Платоновна махталын тиэрдэр.

Николай Александрович, Александра Васильевна Догуева ыал буолан олорбуттара 50 сылларын бэлиэтиир үөрүүлээх күҥҥэ оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн киэргэттилэр.

Ыал аҕата Степанов Николай Александрович  Үөһээ Бүлүү I Үөдүгэй нэһилиэгиттэн төрүттээх.  Үөһээ Бүлүү сопхуоска тутууга, племенной сүөһү көрүүтүгэр үлэлиир. Ыал аҕата маһынан үчүгэйдик уһанар буолан, дьиэ тутуутугар прорабтыыр. Дьиэ кэргэн  кэтэх хаһаайыстыба тэринэн сүөһү,  сибиинньэ, куурусса иитэн, 12 га оттонор ходуһалаах ньир бааччы олордохторуна, Александра Васильевна  бииргэ төрөөбүт убайдаах быраата олохтон туораннар, 1999 с.Ньурбаҕа көһөн кэлэллэр.

Ыал ийэтэ Догуева Александра Васильевна Үөһээ Бүлүү Оҥхойуттан төрүттээх. Сэттэ оҕо күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн эбээтэ. Сиэннэрэ уол ХИФУ, кыыс сиэннэрэ АГИКИ устудьуона.

Александра Васильевна 1964 с. оҕо уһуйааныгар ньээнэнэн, иитээччинэн,  Бүлүү куоратыгар Далыр сельпотугар, балыыһаҕа  поварынан үлэлиир. 1990 сылтан доруобуйатынан дьиэҕэ олорор.

Дьиэ кэргэн айылҕаҕа сылдьалларын, эмтээх оту хомуйар үгэстээхтэр. Сибэккиттэн саҕалаан хатыҥ  чаагатын, уутун, кунааҕын хомунан эмп оҥостоллор.

2018 сыллаахха Александра Васильевнаҕа  ‘Бастыҥ уһуйааччы», «Ийэҕэ албан аат»  I-II-III  истиэпэннээх уордьан хайааката, оройуон, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах, оһуокай күрэхтэрин хас да төгүллээх кыайыылааҕа,  норуот ырыаһыта, тойуксута.

Элбэх оҕолоох ыал ийэтэ  Александра Васильевна эдэрдэргэ туһаайан:

-Эдэр көлүөнэ дьон үөрэхтээх дьон, хоһуун дьон буолалларыгар баҕарыам этэ. Хоһуун киһи олоҕу уһанар, — диэн эттэ.

Аҕам саастаах дьиэ кэргэннэр үтүө холобур буолан, өссө да уһуннук дьоллоохтук олороллоругар баҕара хаалабын.

Антонина Семенова