Арҕаа дойдулар сааҥсыйаларынан уонна аан дойдуга күүскэ тыҥаан турар балаһыанньанан сибээстээн, дойдуга аһынан-үөлүнэн хааччыйыы куттала суох буолуутун ситиһии – судаарыстыбаҕа тыын суолталаах сорук. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2023 сыл түмүктэрин туһунан быһа эфиринэн пресс-кэмпириэнсийэтигэр дойду сорох эрэгийиэннэригэр сымыыт кыһалҕата сытыытык турарын, сыаната наһаа үрдээбитин туһунан эппиттэрин өйдүүбүт. Кэлин тас дойдулартан сымыыты атыыга киллэрэллэрин, сыаната түһэн эрэрин суруйаллар.
Саха сиригэр сымыыт кыһалҕатын уустук суоллаах-иистээх, ыраах хоту улуустар олохтоохторо билэллэр. Дэлэҕэ хоту дойду дьоно төннөллөрүгэр сөмөлүөккэ хастыы даҕаны ячейка сымыыттаах буолуохтара дуо. Ньурбалар манна үрдүттэн көтөр фабрикалаахпыт олус бэрт, ону ааһан таһынааҕы улуустарга тиийэ атыыланар. Дьон даҕаны бу кэм устата сымыыты сииргэ үөрэннэ, үгүс киһиэхэ үөрүйэх курдук сарсыардааҥҥы мааны аһылыкпыт буолла.
Быйыл Ньурбатааҕы көтөр фабриката тэриллибитэ 35 сылын туолар. Тэрилтэ бэтэрээнэ Осип Акимович Акимович ахтарынан, 1989 с. муус устар 17 күнүгэр туспа расчетнай счеттаах Көтөр фабрикатын тэрийэр туһунан райсовет исполкомун 6 №-дээх дьаһала тахсыбыт. Тэрилтэ бастакы салайааччытынан 1990 с. муус устар 9 к. Павлов Николай Николаевич анаммыт, онтон кини ыҥырыытынан Григорий Григорьевич Кириллин кэлэн дириэктэрдээбит. Бастакы кууруссалар 1990 с. ыам ыйыгар кэлиэхтээхтэрин, производственнай сыах үрдэ сууллан арыый хойутуу аҕалыллыбыт. Уустук уларыйыы-тэлэрийии сылларыгар тэрилтэ быстан, олох тоҥоруллан хаалбакка 64 куурусса хаалыар диэри үлэлээбит.
В.А.Штыров 2002 с. кэлэн Көтөр фабрикатын сыаҕын сыаҕын кэрийэн көрбүтүн уонна «АЛРОСА»-ны саҥа оборудование аҕалаҕыт, туруортараҕыт диэн модьуйбутун кэннэ тэрилтэ өрүттэр суолга үктэммитэ. Оборудование талан сакаастаан, 2003 с. алтынньы ыйтан германскай «Биг Дачмен» фирма оборудование аҕалан ахсынньыга таҥан бүтэрбиттэр. Тэрилтэ 35 сыл устата элбэхтэ уларыйыыны-тэлэрийии көрсөн, ол быыһыгар холдинг тэриллэр диир кэмнэригэр «Сахазернопродукт» тэрилтэҕэ «доверительнай салайыыга» бэриллэ сылдьыбыт кэмнээҕэ, күн бүгүҥҥэ диэри этэҥҥэ үлэлээн кэллэ.
Араас кэмҥэ Ньурбатааҕы көтөр фабрикатын салайааччытынан Григорий Григорьевич Кириллин (1990-1991 сс. уонна 2011-2014 сс.), Владимир Герасимович Семенов (1991-1993 сс.), Анатолий Михайлович Осипов (1993-1997 сс.), Иван Васильевич Афанасьев (1997-1999 сс.), Виктор Николаевич Давыдов (1999-2001 сс.), Сергей Иванович Евсеев (2002-2008 сс.), Василий Иванович Евсеев (2008-2011 сс.), Алексей Дмитриевич Ноттосов (2014-2015 сс.), Семен Александрович Корякин (2015-2017 сс.) үлэлээн ааспыттара.
Оччотооҕу кэми санаан, Көтөр фабрикатын үлэһитэ Осип Акимов киэһэ ватсапка суруйан миэхэ ити бэлиэ кэм буолбута 20 сылын туолбутун санатан эҕэрдэлээтэ. «20 сыл анараа өттүгэр, тохсунньу 8 күнүнээҕи тоһуттар тымныыга Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыттан 46 тыһ. куурусса кэлиэхтээҕиттэн бастакы массыынанан кууруссалар саҥардыллыбыт сыахха, «Биг Дачмен» оборудованиетыгар кэлэн олорбут үөрүүлээх күнэ этэ. Бастакы кууруссалар түүн 12 чаас кэнниттэн кэлбиттэрэ, дьон кэтэhэ сатаан утуйан эҥин», — диэн санаатын үллэһиннэ.
Ньурбатааҕы көтөр фабриката Бүлүү сүнньүгэр, өссө ону ааһан өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥ тэрилтэтин быһыытынан билиннэ. Генеральнай дириэктэр Петр Иннокентьевич Гаврильев 2017 сылтан кэлэктиип үлэтин сатабыллаахтык салайар. Сыллата былаан аһара толоруллар. 2023 түмүгүнэн 48 760 кууруссалаахтар. Сыл устата 12 410 931 устуука сымыыты ылан (биирдии кууруссаттан — 257 сымыыт), былааннарын 121,98% толордулар. Кууруссаны тыыннаахтыы тутуу 98,15%-ҥа тэҥнэстэ. Онон тэрилтэ инники кэскилэ сырдык.
Геннадий Антонов