Ньурбаттан төрүттээх ытык-мааны ыаллар

Билигин куоракка үөрэнэр, үлэлиир олорор оҕолоругар сиэннэригэр чугаһаан тыа оройуоннарыттан куоракка көһөн олохсуйбут, олохсуйар ыаллар ахсааннара сыллата элбии турар. Мин биир оннук Ньурба Антоновкатыттан көһөн кэлэн олорор төрөөбүт Ньурбабыт биир тарбахха баттанар ытык мааны ыалларын Яковлевтар туһунан сурукка тиһэн ааҕааччыларга билиһиннэриим.

Кэлэр 2025 сылга  Аҕа дойду улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 1418 хонук устата барбыт үгүс сиэртибэлээх алдьархайдаах сэрии саха сирин оччотооҕу хас биирдии олохтооҕун хаарыйбыта. Суруйуум геройдара сэрии саҕаланарыгар баара суоҕа алталарыгар сылдьар оҕолор. Ол курдук аҕыйах ахсааннах нэһилиэнньэлээх саха сириттэн сэрии устата барыта 62243 киһи ыҥырыллан барбытыттан 37965 киһи өлбүтэ уонна сураҕа суох сүппүтэ диэн историк В.И.Пестерев суруйар. Эмиэ кини кинигэтигэр сурулларынан саха сиригэр 1941-1945 сылларга 62105 киһи хоргуйан өлбүтүн саха өрөспүүбүлүкэтин совнаркомун бэрэсэдээтэлэ И.Е.Винокуров дакылаатыгар бэлиэтээбит.

Аҕа дойду сэриитин сылларыгар Ньурба оройуонуттан сэриигэ 2697 киһи ыҥырыллыбыт, олортон 1153 буойун сэрии хонуутугар хаалбыттар.

Билиҥҥи Чаппанда нэһилиэгин территориятыгар баар оччотооҕу колхозтартан 311 киһи сэриигэ ыҥырыллан барбыттара, олортон 152 киһи дойдуларыгар төннүбэтэхтэрэ. Олор истэригэр Ян Алексеевич аҕата Алексей Никифорович Яковлев 1942 сыллаахха Сталининградтааҕы кыргыһыыга сэриилэһэ сылдьан геройдуу охтубута. Билигин кини көмүс уҥуоҕа Мамаев Кургаан мемориальнай комплекска харалла сытар. Дьэ ити курдук баара суоҕа сэттэ саастааҕар тулаайах хаалбыт Ян сэрии ыар сылларын оҕо санныгар сүгэн, этинэн – хаанынан билэн аһарбыта.

Ньурбаҕа, Антоновкаҕа Яковлевтар диэн ыаллар элбэхтэр. Оттон сааһыра барбыт дьон Ян Алеексеевичтаах диэтэххэ, “ээ кинилэри этэҕин дуо” — диэн тута билиэхтэрэ. Ол курдук бу 90 саастарыгар чугаһаабыт, 66 сыл усталаах — туоратыгар “эн – мин” дэһэн олох дьаххааннаах суолунан илии – илиилэриттэн сиэтиһэн, бииргэ олорон кэлбит ытык-мааны ыалларбыт, бэйэлэрин олохторунан, үлэлэринэн, дьоҥҥо үтүө сыһыаннарынан, дьон–сэргэ махталын – биһирэбилин чахчы ылыан ылбыт ыаллар буолаллар диэтэхпинэ, ким да саарбахтыа суоҕа.

Быйыл Россияҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо сыла биллэриллибитинэн бэйэлэрин олохторунан, оҕолорун дьоһуннаахтык иитэн үлэһит бэрдэ оҥортоон, атыттарга холобур буолар ыалларбытын дьон билиитигэр таһаарар олус наадалаах уонна тоҕоостоох дии саныыбын.

Яковлевтар дьиэ кэргэннэрин аҕалаатар аҕата — Ян Алексеевич 1935 сыллаахха ыам ыйын 17 күнүгэр Саалтааныга “Төгүрүк” диэн алааска холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Баара суоҕа үс саастааҕар ийэтэ уолун аҕатыгар хаалларан, баран хаалар. Хайыай, аҕата кыра уолун кытта балтын дьиэ-кэргэнигэр дьуккаах киирэр. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланан аҕата сэриигэ ыҥырыллар уонна Сталининградка сырдык тыына быстар. Эдьиийэ кыайан көрөр кыаҕа суох буолан, тулаайах хаалбыт уолу детдомҥа ыытаары гыммыттарын кырдьаҕас эһэтэ аах иитэ ылаллар. Онон 3-с кылаастан Чаппанда 7 кылаастаах оскуолатын бүтэриэр диэри хас эмэ биэрэстэлээх сиртэн сатыы сылдьан үөрэнэр. Ньурбаҕа киирэн интернакка миэстэ аҕыйах буолан аһылыгын ылан ыалга олорон үөрэнэ сатаан баран, усулуобуйатыгар табыллыбакка уурайан 1953 с. дойдутугар Чаппандаҕа тахсыбытыгар олохтоох библиотека үлэһитинэн аныыллар. Манна 1,5 сыл үлэлээн баран Дьокуускайга кэлэн культпросветучилищеҕа үөрэнээри сырыттаҕына Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан, икки сыл Хабаровскай куоракка сулууспалыыр. Сытыы – хотуу уол сулууспатын кэмигэр отличник Советской Армии буолар, рота комсомольскай кэмитиэтигэр талыллар. Нэһилиэгин салалтата иитэр дьоно кырдьаҕстарынан, кыамматтарынан туруорсан, Ян эрдэ демобилизацияланан дойдутугар төннөн кэлэр.

Армияҕа сулууспалаабыт киһи быыһытынан оройуоннааҕы ДОСААФ (добровольное общество содействия армии, флоту диэн бүтүн союзтааҕы тэрилтэ) инструкторынан 2 сыл үлэлиир, оройуон комсомольскай тэрилтэтин үлэтигэр көхтөөхтүк кыттар. 1957 сыллаахха республикаҕа биир бастакынан «Ньурба» совхоз тэриллибитигэр, оччотооҕу райкомол бастакы секретара П.П. Никитин кинини совхозка комсомольскай, профсоюзнай тэрилтэлэри тэрийиигэ общественнай сорудах быһыытынан көмөлөһүннэрэр.

Ян Алексеевич 1958 сыллаахха, эмиэ Чаппандатыгар тахсан кулуупка үлэлиир, Дьаарханы Чаппанданы холбуу 70 чилиэннээх маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэни салайар. Бу курдук тэтимнээх үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьар, эдэр уол аны тус олоҕун оҥкулун оҥостор. Эмиэ Саалтааныттан төрүттээх Дьокуускайга орто медицинскэй үөрэҕи бүтэрэн кэлэн Чаппандаҕа үлэлии сылдьар Аннаны кытта сүрэхтэринэн сөбүлэһэн дьоллоох дьиэ кэргэни үөскэтэллэр. 1958 сыл бүтүүтэ кыыс оҕолоноллор. Оччотооҕу кулууп үлэһитин, биэлсэр хамнастара төһө бэйэлээх буолуой? Онон, эдэр ыал аҕата ДОСААФ курсугар үөрэнэн ылбыт суоппар бырааптаах буолан, 1959 сылтан «Ньурба» сопхуоска суоппарынан үлэлии киирэр. Эдэр кыанар-хотунар, сытыы-хотуу үлэһит сопхуоһун наадатыгар оройуонун эрэ иһигэр буолбакка республика араас орйуоннарынан, Дьокуускайынан, ааһа баран Улахан Невергэ тиийэн айаннаан сыыйылыннарар.

Иннэ гынан 1962 с. сопхуос эдэр ыччата кинини  элбэх чилиэннээх комсомольскай тэрилтэ босхоломмут секретарынан талан кэбиһэллэр. Үлэ күөстүү оргуйар, республика үрдүнэн «Тыа сирин ыччата бүттүүн механизатор идэтин баһылыахтаах» диэн ыҥырыы таһаараллар. Республикаҕа тахсар “Эдэр коммунист” хаһыат корреспондена Н.Аввакумов сопхуос комсомольскай тэрилтэтин үлэтин сырдатан «Секретарь Ян кэллэ» диэн төбөлөөх ыстатыйаны хаһыат үс нүөмэригэр субуруччу таһаарар. Дьаныардаах үлэ сыаналанан Ян ЫБСЛКС КК грамотатынан наҕараадаланар. Бу тухары эдэр ыал аҕата Чаппандаттан ууна сылдьан үлэлиир. Ол иһин секретарыттан уурайан сопхуоһугар үлэлии киирбитин оччотооҕу «Ньурба» сопхуос дириэктэрэ Петр Очирович Тархаев киин гараж сэбиэдиссэйинэн аныыр. Бу эппиэттээх дуоһунаска  5 сыл курдук үлэлиир, 1968 сыллаахха партком секретара Иван Нилович Иванов сүбэтинэн ССКП кэккэтигэр киирэр. Тустаах үлэтин таһынан общественнай үлэ быһыытынан рабочком солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлиир. 1969-1972 сылларга Дьокуускайга колхуостар уонна сопхуостар салайар кадрдарын бэлэмниир оскуолаларыгар үөрэнэн, агроном идэтин ылар. 90 киһиттэн алта буолан кыһыл диплому ылаллар. Салгыы үөрэн диэбиттэригэр Магадаҥҥа юрист үрдүк үөрэҕэр докумуонун ыытан ылыллан баран кыайан барбакка хаалар. Эмиэ дойдутугар кэлэн үлэлээн киирэн барар. Ол үлэлии сырыттаҕына, Новосибирскайга диспетчердар курстарыгар үөрэнэн сопхуоһугар саҥа диспетчерскэй сулууспаны тэрийэн салайар, “заместитель директора по оперативной работе” -дуоһунастанар. Сопхуос күннээҕи үлэтэ-хамнаһа барыта бу сулууспанан сүрүннэнэн барара.

Бу үлэлии олордоҕуна сопхуос дириэктэрэ А.А.Павлов, партком секретара Н.П.Павлов ыҥыран олорон, профком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээ диэбиттэрин аккаастаабытын, ыллыктаах тылларынан үлэлиир кыахтааҕын уонна наадалааҕын тоһоҕолоон тылларыгар киллэрэллэр. Ян Алексеевич салалтатынан совхоз араас салааларыгар социалистическай куоталаһыы киэҥ далааһыннанар, Советскай Союз Геройа биир дойдулаахтара Н.Н.Чусовской аатынан бириэмийэ олохтонор, ыаллыы Сунтаар оройуонун «Элгээйи» сопхуоһун кытары көхтөөх куоталаһыы, үлэ кэллэктииптэрин доҕордуу сыһыаннара, уопут атастаһыы олохтонор.

1985 сыллаахха, оччотооҕу партия райкомун бастакы секретаря Алексей Александрович Томтосов ыҥыран ылан Ньурба поссоветын бэрэссэдээтэлинэн мэктиэлиир. Оройуон биир убаастанар олохтооҕо П.В.Николаев сүбэтин ылынан сөбүлэһэр. Оччолорго улаата-кэҥии турар оройуон киинигэр уопсай олорор дьиэ тутуута улаханнык барбакка, сүрүннээн улахан тэрилтэлэр бэйэлэрин үлэһиттэригэр эрэ дьиэ тутталлара. Дьиҥэр наадыйаллар испииһэктэрэ 3 тыһыынча киьиэхэ чугаһаан турара. Ону сүбэлэһэн баран дьиэҕэ наадыйааччыларга уһаайба боппуруоһун быһаарыахха, тутуу матырыйаалларын булуналларыгар көмөлөһүөххэ диэн быһаарыы ылынан элбэх ыал дьиэлэммитэ.

1988 сыллаахха дойдутугар Чаппандаҕа “Ньурба” сопхуостан арахсан туспа “Чаппанда” сопхуос тэриллибитэ. Дириэктэринэн анаммыт, урут сопхуоска өр сылларга бииргэ үлэлээбит киһитэ, Иванов Николай Петрович дойдугар кэлэн бииргэ үлэлиэх диэбитигэр сөбүлэһэн 2  сыл рабочком бэрэссэдээтилинэн үлэлээбитэ.

Бу кэмҥэ дойду укулаатыгар улахан уларыйыылар киирэннэр, оччотооҕу дойду салалтата сыыһа-халты салайыытынан тыа хаһаайыстыбата улахан охсууну ылбыта, үгүс дьон үйэлээх саастарыгар олохторун анаабыт үлэлэриттэн көрө маппыттара.

Ян Алексеевич төһө да пенсияҕа таҕыстар бу сылларга таах олорботоҕо. Эдэриттэн олоххо активнай позициялаах да буолан, 4 оҕото Антоновка орто оскуолатын туйгун үөрэнээччилэрэ, общественниктара этилэр. Ян Алексеевич үлэлээбит үлэтинэн да, төрөппүт да быһыытынан оскуолаҕа чугас сибээстээх этэ. 1993 сыллаахха Ньурбаҕа техническай лицей аһыллыбытыгар дириэктэр, оҕолорун коллегата, учуутала Светлана Нестеровна Федорова үлэҕэ ыҥырбытыгар сөбүлэһэн дириэктэри хаһаайыстыбаннай боппуруостарга солбуйаачынан киирбитэ. Бэйэтэ туспа дьиэтэ суох буолан лицей араас дьиэнэн көһөн үлэлииргэ тиийбитэ. Онон кэккэ сылларга лицей 9-11 эрэ кылаастардаах этэ, ол педколлектив  айымньылаах үлэтигэр мэһэйдэри, ыарахаттары үөскэтэрэ. Улуус бастакы баһылыга В.И.Никифоров, солбуйаачыта Р.И.Федоров көмөлөрүнэн лицейга райсоюз хонтуората бэриллибитэ. Бу дьиэни оҕолор үөрэнэллэригэр сөп түбэһэр гына оҥорууга Ян Алексеевич олоххо уопута, оройуон дьонун-сэргэтин, тэрилтэ салайааччыларын билэрэ улахан төһүү буолбута. Ол иһин дириэктэр, кэлин РУНО начальнигынан үлэлээбит Светлана Нестеровна, Ян Алексеевичтаах куоракка көһөн олохсуйбуттарын да иһин, сибээһин быспакка куоракка үөрэҕирии управлениетын бэрэстэбиитэлинэн анаан үлэлэппитэ. Ньурба оройуонун норуотун  үөрэҕириитигэр киллэрбит кылаатын иһин Ян Алексеевич “Саха Республикатын үөрэҕин туйгуна” бэлиэтинэн наҕараадаламмыта.

Онон Ян Алексеевич 79 сааһыгар диэри 59 сыллаах сэмэй үлэтэ араас хайҕабылларынан элбэхтик бэлиэтэннэ: кини үлэ-тыыл бэтэрээнэ, Октябрьскай нэһилиэк уонна Ньурба оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын Ытык кырдьаҕаһа, Гражданскай килбиэн уонна да атын бэлиэлэр, мэтээллэр хаһаайыннара.

Саха ыалын аҕата дьиэ тутаах өһүөтэ буолар буоллаҕына, ыал ийэтэ кини сылаас холумтана буолар. Яковлевтар кун-кубэй ийэлэрэ Анна Афанасьевна Григорьева Саалтааны нэһилиэгэр төрөөбүтэ, тыыл-улэ бэтэрээнэ, 90-нус хаарын уулларбыт Саха Республикатын Ытык кырдьаҕаһа. 3 кыыс, 1 уол амарах ийэтэ, сиэннэр, хос сиэннэр тапталлаах эбээлэрэ. Сэрии сылларыгар тыылга кыракый кыысчаан сэриигэ барбыт дьоннорун солбуйан оҕонньоттору, дьахталлары, улахан оҕолору кытта үлэ бөҕөну дьарамай санныгар сүгэн үлэлээн аастаҕа. Сэттис кылаас кэнниттэн Дьокуускайга фельдшерскай- акушерскай оскуолаҕа үөрэнэ киирэр уонна 1956 сылга ситиһиилээхтик бүтэрэр. Дьэ уонна 30 сыл усталаах-туоратыгар бокуойа суох төрөөбүт оруйуонугар бастаан трахома эмтиир биэлсэринэн, кэлин акушерканан, участковай биэлсэринэн үлэлээн сынньалаҥҥа тахсыбыта. Оччолорго трахома, түбүркүлүөс, тирии ыарыылара нэһилиэнньэ үгүс араҥатын хабаллара. Колхуостар учаастактара, фермалара, сайылыктара киэҥ сиринэн тарҕанан сыталлара, суол-иис диэн суоҕун кэриэтэ этэ, эгэ транспорт кэлиэ дуо. Ыарыһахтарга кыһыҥҥы тымныыга, сайыҥҥы куйааска эт атахтарынан тиийэн көрөллөрө, эмтииллэрэ, эмп-том даҕаны бэрт кэмчи буолара. Онно эбии кыһын тибиитэ, сайын бадараана, кумаара, бырдаҕа сыттаҕа дии.

Хас биирдии ыал кэнчээри ыччаттарын туһугар олорор. Хас бирдии ийэ, аҕа оҕолорун оҕо сааһа дьоллоох, бары үөрэхтээх, таптыыр идэлээх, ситиһиилээх үлэлээх, таптыыр кэргэннээх, доҕоттордоох, көмүс ньээкэ уйалаах-дьиэлээх, нус-хас олохтоох буолуохтарын баҕарар.

Яковлевтар дьиэ кэргэттэрэ бэйэлэрин тус холобурдарынан, оҕолоругар, чугас дьонноругар сыһыаннарынан иитэн таһаарбыт оҕолоро билигин дьоннорун аатын дорҕоонноохтук ааттатар, республика биллэр-көстөр үтүө үлэһит дьоно буолан дьоннорун үөрдэллэр, үйэлэрин уһаталлар.

Оҕолор олоххо активнай позициялаах, идэлэригэр бастыҥ специалист, дьоҥҥо истиҥ сыһыаннаах буола улааталларыгар, дьоннорун сэргэ үөрэммит Антоновка орто оскуолатын коллективын, учууталларын, бииргэ үөрэммит оҕолорун сабыдыалын улаханын бэлиэтииллэр. Кинилэр бары оскуолаҕа туйгуннук үөрэммиттэрэ, алын кылаастан оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри оскуола бастыҥ активистара этилэр.

Ол курдук, ыал улахан оҕото Елизавета Яновна, бастыҥ үөрэҕин уонна Советскай Союз Геройа Н.А.Чусовской аатынан пионерскай дружинаҕа активнай үлэтин иһин, 1970 с. бүтүн союзтааҕы «Артек» пионерскай лааҕырга сынньаммыта. Кини ийэтин курдук дьон доруобуйатын харыстыыр идэни талбыта. Саха государственнай университетын медицинскэй факультетын бүтэрбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн өр сылларга Дьокуускай куорат 2 №-дээх поликлиникатыгар акушер-гинекологынан, 4 №-дээх поликлиникаҕа дьахтар консультациятын сэбиэдиссэйинэн, Национальнай медицина киинин Перинатальнай киинигэр отделение сэбиэдиссэйинэн үлэлээн, ыарыһахтар махталларын ылбыта. Ситиһиилээх, айымньылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, киниэхэ Саха Республикатын уонна Россия доруобуйа харыстабылын туйгуна, Саха Республикатын үтүөлээх бырааһа ааттар иҥэриллибиттэрэ. Билигин Елизавета Яновна «Яннамед» диэн дьиэ-кэргэн медицинскэй клиникатын тэрийсэн үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар.

Ыал иккис оҕото Эльза Яновна эмиэ оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан 1974 с.Орленок диэн бүтүн Союзтааҕы пионерскай лааҕырга путевканан наҕараадаламмыта. Антоновка орто оскуолатын Н.Н.Чусовскай аатын сүгэр пионерскай дружина бэрэссэдээтэлэ этэ. Оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы государственнай университеты биология, химия учуутала идэлээх бүтэрбитэ. Общественнай үлэҕэ дьоҕурдаах буолан Ньурбаҕа Комсомуол оройуоннаҕы комитетыгар инструкторынан, оскуолаларга секретарынан талыллан үлэлээбитэ. Кэлин үөрэммит Антоновка орто оскуолатыгар химия учууталынан, дириэктэри солбуйааччынан үлэлээбитэ. 1993 сыллаахха Уһук Илиннээҕи салайыы институтун бүтэрэн социолог идэтин ылан Саха республикатын Президенин иһинэн тэриллибит Аналитическай кииҥҥэ, Саха Республикатын Президенын/Баһылыгын уонна Правительствотын Администрациятыгар  кылаабынай специалиһынан, старшай референынан, «Никколо М-Саха» политическай консалтинг киинин дириэктэрин солбуйаачынан, ЯНИИСХ секторын салайаачытынан, Саха Республикатын Президенин иһинэн информационнай киин генеральнай дириэктэрин солбуйаачытынан үлэлээбитэ. Билигин Россия Социальнай фондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир. Эльза Яновна өр сыллаах үлэтэ Саха Республикатын Баһылыгын Бочуотунай грамотатынан, «Саха Республикатын эдэр ыччат политикатын туйгуна», «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэнэн бэлиэтэммитэ.

Яковлевтар дьиэ кэргэттэрин соҕотох уоллара Артур Янович 1963 с. Чаппанда нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1980 с. Антоновка орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, тута СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар киирэр уонна 1985 с. зоотехник идэтин ылар. Мин 1984-1987 с.с. «Ньурба» совхоз парткомун секретарынан үлэлии сырыттахпына, эдэр специалист биһиги совхозпутугар кэлэн Дьиикимдэ отделениетыгар сүөһү биригэдьииринэн, кэлин зоотехнигынан үлэлээн тыа хаһаайыстыбатыгар буһуу-хатыы оскуолатын барбыта. Салгыы уопуттаах специалист Ньурба совхозка саҥа тутуллубут «Крахмал» комплекс начальнигынан, кылаабынай зоотехнигынан, совхоз дириэктэрин сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ солбуйааччытынан, «Сүлэ» совхоз кылаабынай зоотехнигынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. 1994 с. Дьокуускайга көһөн «Сахабилиибанк» специалиһынан үлэлиир. 1997 с. Тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар саҥа тэриллибит Инновационнай-аналитическай киинигэр сүрүн специалиһынан үлэлии киирэр. Производстваҕа быһаччы үлэлээбит специалист салгыы Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын чинчийэр институтугар (ЯНИИСХ) дириэктэри экономикаҕа солбуйааччынан, Саха сиригэр кооперативнай аудиторскай союз филиалын тэрийэр, онтон Саха сиринээҕи региональнай кооперативнай ревизионнай союз тэрийэн салайар. Онон Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын кооперацията сайдарыгар быһаччы кылаатын киллэрбитэ. 2011-2014 с.с. Нам оройуонугар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччынан үлэлиир. Оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбата , предпринимательство, спорт сайдыытыгар кэккэ ситииһилэр баар буолбуттара. 2017 сылтан Алексей Михайлович Иннокентьев ыҥырыытынан Артур Янович төрөөбүт оройуонугар төннөн улуус баһылыгын бастакы солбуйааччытынан үлэлиир. Бу сылларга «Ньурбинская кормовая компания» тэриллэн  1500 га быраҕыллыбыт бааһына иккис тыыны ылан оройуоҥҥа сүөһү аһылыгын базатын бөҕөргөтүүгэ улахан олук ууруллар. «Күндээдэ», «МТС-агро», С.Васильев аатынан сылгы собуота курдук тэриллиилээх хаһаайыстыбалар бигэтик үлэлиир усулуобуйалара тэриллэр. Предпринимательство, спорт уо.д.а.салааларга үлэлэһэр. Артур Яновичка өр сылларга ситиһиилээх үлэтин иһин Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ аат иҥэриллибитэ, Республика тыатын хаһаайыстыбатын ветерана бэлиэтинэн, РФ ТХМ Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.

Ыал мурун бүөтэ оҕото, кыра кыыстара Светлана Яновна Антоновка орто оскуолатын 1985 сыллаахха кыһыл көмүс мэтээллээх бүтэрбитэ. Оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ, эмиэ бастыҥ общественницата этэ. Совхозка үлэлии сылдьан оскуолаларга чаастатык сылдьааччыбын. Кыра уҥуохтаах саҥарбыт-иҥэрбит, дьаһайбыт кыысчаан оскуола, совхоз, оройуон иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттара. 1982-1985 оскуола комсомольскай тэрилтэтин салайар. Аны саҥа сүүрээн киирэн оскуола президенэ диэн дуоһунастанар. Үөрэнэ сылдьан бүтүн союзтааҕы «Орленок» уонна  бүтүн Россиятааҕы «Океан» диэн лааҕырдарга сынньанар. Оскуола кэнниттэн ийэтин үтүө сабыдыалынан тута үөрэххэ киирэр уонна 1991 с. СГУ медико-лечебнай факультетын ситиһиилээхтик бүтэрэр. Университетка үөрэнэр кэмигэр курс старостатынан, факультет комсомольскай тэрилтэтин секретарынан талыллар. Үөрэҕин бүтэрбит эдэр врач төрөөбүт оройуонугар ананан кэлэн Ньурбачааҥҥа үлэлиир, онтон Антоновкаҕа кэлэн педиатардыыр. 1998 сылтан Дьокуускайга Медицина национальнай киинигэр Педиатрическай кииҥҥэ айымньылаахтык үлэлиир, медицинскай наука кандидата буолар. Билигин «Яннамед» медицинскай клиникатын тэрийэн генеральнай дириэктэринэн үлэлии сылдьар.

Дьэ ити курдук үлэһит үтүөтэ, ыал мааныта Яковлевтар оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин тапталларыгар, көрүүлэригэр-истиилэригэр уйдаран ытык саастарыгар Саха сирин биир кырдьаҕас ыала буолан этэҥҥэ олороллор. Оҕолор дьоннорун утумнаан үлэлии-хамныы, төрөөбүт дойдуларыгар Ньурбаҕа, Саха сиригэр бэйэлэрин таһаарыылаах үлэлэринэн, үтүө майгыларынан дьоннорун аатын ааттата турдуннар.

Саха сиригэр биир дьиэ-кэргэҥҥэ 3 үтүөлээх үлэһит, 1 Россия, 2 Саха сирин доруобуйатын харыстабылын, 1 үөрэҕирии, 1 ыччат политикатын туйгуна, 2 Саха Республикатын Ытык кырдьаҕаһа, 1 нэһилиэк, 1 оройуон Бочуоттаах олохтооҕо, аҕыйах буолуо диэн туран бу суруйуубун түмүктүүбүн.

Юрий Наумович Иванов, үлэ бэтэрээнэ,  Хорула нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо