Оҕоҕо аналлаах тэрээһин сэргэхтик барда

Сэтинньи 20 күнэ — норуоттар икки ардыларынааҕы Оҕо быраабын көмүскүүр күн. Бу күн улуустааҕы Дьарыктаах буолуу киин (Столярова С.М.) «Юнион» киинэ тыйаатырыгар 14 саастарын туолбут уонна онтон үөһээ саастаах оҕолорго анаан «Үлэнэн адаптация» семинары  тэрийэн ыытта.

Ааптарынан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үрдүк категориялаах психолог Ирина Николаевна Пахомова буолар. Оҕолорго аналлаах тэрээһин быйыл 9-сылын ыытыллар.

Семинарга улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Петрова кыттыыны ылла. Маны таһынан үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылыттан, налоговай сулууспаттан,  эппиэкэ уонна   быраабы көмүскүүр уорганнартан  прокуратура, ИДьМ, УФСИН-тан, Антоновка,  Ньурба  2-с, Убайаан оскуолалара, Ст.Васильев аатынан элбэх хайысхалаах гимназия, техническэй лиссиэй үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар.

Ирина Николаевна мустубут оҕолортон эппиэтинэс уонна быраап туһунан төһө билэллэрин туһунан ыйытыытыттан тэрээһин саҕаланна.

Наталья Семёновна Петрова саалаҕа мустубут оҕолору норуоттар икки ардыларынааҕы Оҕо быраабын көмүскүүр күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Кэнники кэмҥэ дойду үрдүнэн быһыы-майгы уларыйа турарынан, урукку курдук олоххо ээл-дээл сыһыаннаһыы кэмэ буолбатаҕын оҕолорго туһаайан бэлиэтээн эттэ. Оскуолаларга  патриотическай тыыҥҥа иитии, билиҥҥи оҕолор быраабы уонна сокуону үчүгэйдик билэр, эбээһинэстэрин өйдүүр гына иитии үлэтэ  барыахтааҕын туһунан кылгастык билиһиннэрдэ.

Дьарыктаах буолуу киин сүрүннүүр исписэлииһэ Надежда Тихонова:

— Урукку өттүгэр сокуоннай саастарын туола илик оҕолору хаҕыс сыһыантан уонна буруйу оҥорууттан харыстааһыҥҥа аналлаах семинардар ыытыллар буоллахтарына, быйылгы тэрээһин уратытык, оҕону үлэҕэ сыһыарар сыалтан  ананан ыытыллар. 14 саастарын туолбут пааспар ылбыт гражданнар үлэ миэстэтинэн хааччыллар бырааптаахтар.

Быйыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 958230,  улуустан эбии 250  тыһ. солк., Дьарыктаах буолуу киинэ оҕоҕо ыйга эбии 5915 солк. материальнай көмө көрөр. Ыйдааҕы хамнаһы  дуогабардаспыт тэрилтэ оҕо хас чаас үлэлээбититтэн көрөн төлүүр. Барыта 162 оҕо үлэ миэстэтинэн хабылынна. Үлэ көрдөөччү оҕо элбэх эрээри, үлэ миэстэтинэн хааччыйар тэрилтэ аҕыйах.

Улуустааҕы үөрэҕирии управлениетын салайааччытын 1-кы  солбуйааччыта Лена Мартыновна Котоконова быйыл  24 сайыҥҥы стационарнай уонна палаточнай лааҕырдар үлэлээбиттэрин, оҕону үлэҕэ сыһыарар сыалтан үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырдар тэриллэллэрин туһунан эттэ.

Арассыыйаҕа оскуолаларга сотовай телефону сөптөөхтүк туһаныы туһунан Судаарыстыбаннай Дума мунньаҕар сокуон ылыллан эрэрин туһунан иһитиннэрдэ.

Салгыы семинар кыттыылаахтара оҕолор буруйу оҥоруу холуобунай кодексатын төһө билэллэрин тургутан көрдүлэр. Оҕолор эппиэттэригэр туох итэҕэстэр баалларын ыйан-кэрдэн  биэрдилэр.

Тэрээһин ааптара Ирина Николаевна Пахомова:

— Билиҥҥи оскуола оҕото бэйэтин быраабын билэр эрээри, эбээһинэһин, эппиэтинэһин ситэри билбэт, ол иһин маннык хабааннаах тэрээһиннэр  буолаллара олох ирдэбилэ буолла. Оҕолор доруобуйаларыгар сыһыаннаан сылтан сыл аайы Сардана Геннадьевна Самиева оҕолору кытары тэҥҥэ үлэлэһэн, оҕо доруобуйатыгар  сөптөөх үөрэтиини ыытан, элбэх оҕо туһанан кэллэ.

Тэрээһиҥҥэ кыттыбыттар оҕолорго кэлэн сүбэ-ама биэрбиттэригэр махталбын тиэрдэбин, — диэн түмүктээтэ.

Аныгы ыччат ортотугар туох куһаҕан дьаллыктар баалларын оҕолор оскуолаларынан арахсан сыанаҕа итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр. Үөрэҕирии, доруобуйа, быраабы харыстыыр уорганнартан  кэлбит ыалдьыттар оҕолорго туһалаах иһитиннэриилэри оҥордулар, Оҕо күнүгэр аналлаах тэрээһин сэргэхтик барда.

Антонина Семенова