⭐️«Муус устар» бэстибээл чэрчитинэн «Расскажи о главном!» диэн хайысхаҕа оскуолалар медиа-кииннэрин оҕолоро «Бэс Чагдаҕа» сынньана-үөрэнэ сылдьаллар.
Республика үрдүнэн 120 оҕо сүүмэрдэнэн тиийбитэ. Кинилэр кэккэлэригэр Ньурба улууһуттан Маар орто оскуолатын «Юла» медиа-киин 5 оҕото баар (сал. Туяра Никитина): Неустроев Авдей 8 кыл Яковлева Камелия 6 кыл Афанасьева Уйгууна 6 кыл Тобонова Сайыына 10 кыл Моисеев Серёжа 11 кыл.
📸🎞️📑 Оҕолор олус эппиэттээх сүүмэрдиир түһүмэҕи ааһан, олунньу 9 — 21 күннэригэр араас таһымнаах маастар-кылаастары ааһыахтара, суруналыыстыка эйгэтин идэлээхтэрин кытары көрсүөхтэрэ, элбэҕи бэйэлэригэр иҥэриниэхтэрэ.Маны тэҥэ «Муус устар» Саха сирин саамай улахан бэстибээлигэр кыттыахтара.
✍🏻 «Ньурба» хаһыат