«Олох үөһүгэр сылдьарбыттан астынабын», — диир Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттааҕа Виталий Михайлов

Хас биирдии киһи бу орто дойдуга айар-тутар, оҕо-уруу тэнитэр, суол-иис хаалларар аналлаах олорор. Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон, улууһун, өрөспүүбүлүкэтин, ону ааһан Арассыыйа хабааныгар уопсастыбаннай үлэннэн дьарыгыран, туһалаах буолартан дьоллонон, үгүс дьоннуун билсэртэн дуоһуйан олорор  саастаах дьон араас улуустарга элбэхтэр.

«Мин, Михайлов Виталий Спиридонович, 1949 сыл муус устар 4 күнүгэр Маай учаастагар колхуостаах дьиэ кэргэҥҥэ 2-с оҕоннон төрөөбүтүм, аҕам Махатыров Спиридон Афанасьевич, ийэм Михайлова Мария Егоровна холкуос бастыҥ үлэһиттэрэ этэ. 1967-68 сылларга Чурапчыга Коркиҥҥа үөрэнэ сырыттахпына ийэм олохтон туораан, дойдубар ыҥыттаран ылбыттара. Д.П.Коркин икки төгүл ыҥыттаран табаарыс уолбун ыыта сылдьыбыта. Иккиһин ыҥырбыттарын аҕам: «Тустууттан туһа тахсыбат, хаһаайыстыбаҕа көмөлөс», — диэн ыыппатаҕа. Онон тустан бүппүтүм. Саҥа кэлбит уолаттары Бөтүрүөбүс бэйэтин үөрэнээччилэрин кытта боруобалыыр тустууну ыытара. Мин ол боруобатыгар Цыкунов Юра, Платонов Петя уонна Табунанов Петя диэн бэйэтин үөрэнээччилэрин бүдүрүтэлээн, үс уолу охторбуппар тохтоппута. «Саҥа уолаттартан Михайлов үчүгэй, атыттар ортолор», — диэн хайҕаабыта.

Дойдубар оскуола кэнниттэн Ст. Васильев сопхуоска оробуочайынан, 1969 сылтан тракторга куруусчутунан киирбитим. Сайын отчут, кыһын куруусчут үлэтин үлэлии сырыттахпына, 1970 сыллаахха субай сүөһү көрдөрө ыраах Маай учаастагар ыыппыттара. Ол кэмнэргэ эдэр ыччат фермата онно баара, кыргыттар, уолаттар элбэхтэрэ. 1971 сыллаахха бииргэ үлэлиир кыыспынаан Егорова Валентиа Яковлевналыын билсиһэн, ыал буолан сыбаайба тэрийбиппит. Маалыкайга көһөрөн киллэрэн, подсос сүөһүтэ турар хотонун старшайынан анаабыттара. 1972 сыл ыарахан кыстыгар  старшайдыыр хотонум бастыҥ көрдөрүүлээх буолан, ВДНХ путевкатынан бэлиэтээбиттэрин аккаастанан, Афанасьев Афанасий диэн кырдьаҕас үлэһиккэ салайбытым.

1974 сыл муус устар ыйтан «Мондоку» звенотугар эдэр, кыанар-хотунар үлэһит диэн сылгыһытынан үлэҕэ ылбыттара. Онтон ыла 1974-2004 сылга диэри  сылгыга үлэлээбитим. Кэлиҥҥи 2014-2016 сылларга оҕо спортивнай оскуолатыгар охранаҕа үлэлээн баран сынньалаҥҥа олоробун.

Сылгыга үлэлиир кэмнэрбэр элбэх бириэмийэлэри ылбытым, онтон улаханнара 1989 сыллаахха сылгы үлэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан, ол кэмнэргэ саҥа оҥоһуллубут “Москвич-2141 АЗЛК» массыынаннан бириэмийэлэммитим.  Сопхуоһум 2002 сыллаахха үчүгэй үлэбин бэлиэтээн, “МЦ-21-12-МР” автомат саа бэлэхтээбитэ.

Сайын аайы дьиэ кэргэн илии звенотун тэринэн кэргэмминээн, оҕолорбунаан 5 буолан от оттоон 100-137 тонна оту сопхуоспар туттарар этибит.  Оройуоҥҥа 137 тонна бастыҥ хаачыстыбалаах оту туттарбыппар, бастыҥ көрдөрүүлээх диэн, коляскалаах “ИЖ –Планета” мотоцикл, хары чаһыыта бириэмийэ биэрбиттэрэ. Уопсайынан сайын аайы от хомууругар бастааммын телевизордарынан, «Восход» мотоциклларынан, дьиэ тэриллэринэн, о.д.а. сыаналаах бириэмийэлэринэн элбэх төгүл наҕараадаламмытым.

Бэйэм эдэр сааспар от охсуутугар “Күүлэйдэргэ” кыттан, инники миэстэлэртэн түспэт этим. Олортон үрдүк көрдөрүүм 6 чаастаах күрэххэ 5 чаас 30 м 1 га 37 суотайы охсон, абсолютнай чемпион буолан сыаналаах бирииһинэн бэлиэтэммитим. Охсор сирбин эрдэ бүтэрэн, сирэ суох буолан тохтоппуттара. Чаас аҥаара эбии охсубутум буоллар 1,5 ганы охсубут буолуохтаах этим дии саныыбын.  Эдэр сылдьан элбэхтик ыраах дистанцияларга сүүрэрим. Ол курдук Нюрба-Накын пробегка кыттан оройуон баһылыга Петрова Варвара Андреевнаттан хары чаһыыта, Почетнай грамота ылбытым. Сыл көтө-көтө Хатыыга ыытыллар «Буулдьа Баһылай» бирииһигэр саастаах сүүрүктэргэ 250 км. хаста да бастаан, бириис, грамота ылаттаабытым.

1999 сыл муус устар 4 күнүгэр Степан Васильев сылгытын бырааһынньыгар сопхуос дириэктэрэ Антонов Нестор Климович «4 көскө сыарҕаннан сүүрэр аттары сырсан, сылгыһыттар атахтарынан сылгыны кытта сырсар кыахтаахтарын көрдөр» диэн эппитигэр: «Сүүрүк сылгы киһини тулуппат буоллаҕа дии, ол эрэн көргө сүүрүөххэ сөп»,- диэн сөбүлэһэн, 2 көскө аттар барар буоллулар диэн, аттар ибили тэпсибит куһаҕан суолларыгар 1 чаас 27 мүнүүтэннэн кэлбитим. Биир ат, аттар түһүүлэрин уйбакка, эрдэ туораан хаалбыта. Үс нэһилиэк сүүрүк аттара мустубуттара уонна өссө атын сирдэртэн эмиэ бааллара. Сүүрдүү өрүскэ буолбута. Аттар мууска халтарыйбатыннар диэн «СОТ»-каннан 10-ча сантиметр халыҥнаах хаары хаалларан үөһэннэн астарбыттарын, аттар үлтү тэпсэн кэбиспиттэрэ сүүрэр киһиэхэ ыарахан этэ. Чигди суола буоллар, көрдөрүүбүн лаппа тупсарыам эбитэ буолуо. Ол эрэн, биир ат быстаран кэннибэр хаалбыта.

Үлэм тас өттүгэр бултуурбун сөбүлүүрүм, сүрүннээн кииһи бултаан туттарар этим. Анал бултуур сир ылан «Байар»  тэрилтэтин кытта дуогабардаһан билигин да бултуу сылдьабын. Сезон кэмигэр 70-ча түүлээҕи күтүөппүнээн «Буран” көлөннөн сылдьан бултаан туттарабыт. Бултуур сирбит дэриэбинэттэн 200-чэ килэмиэтир ыраах баар. Онно бултуур дьиэлээхпит, «Бураным» бэйэм курдук кырдьаҕас, сопхуоһум урут бириэмийэҕэ биэрбитэ, билигин да бэркэ сылдьар.

Кэргэним 2014 сы бэс ыйын 21 күнүгэр суох буолбута.  Алта оҕобут, 30-тан тахса сиэннэрбит, хос сиэннэрбит үөрдэллэр, онон син кэннибэр хаалар ыччаттардаахпын дэнэбин. Арыгыны, куһаҕан дьаллыктары кытта доҕордоспотох, чэгиэн олоҕу тутуһар буолан билигин да сүүрэ-көтө сылдьабын. Ыллыыбын, үҥкүүлүүбүн, хоһоон суруйан биир кыра кинигэни дьон билиитигэр таһааттарбытым. КПРФ чилиэнэбин, Уопсастыбаннай үлэлэргэ кыаҕым баарынан кыттыһабын. Иккис ыҥырыылаах сэбиэт депутатынан нэһилиэкпэр талыллан үлэлээбитим, быйыл Бордоҥ нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым.

Нэһилиэк иһинэн тэриллибит кырдьаҕастар «Иэйиэхсит» түмсүүлэрин, «Иэйии» үҥкүү-ырыа ансамбылын чилиэннэрэбин, нэһилиэк иһинэн тэриллибит «Аартык», оройуон иһинэн тэриллибит «Ньурба уоттара», өрөспүүбүлүкэ иһинэн үлэлиир «Кэрэ эйгэ» литературнай түмсүүлэр чилиэннэрэбин. Арассыыйа өрөспүүбүлүкэтээҕи эрэгийиэнин «Дууһабытынан эдэрбит»добровольческай хамсааһынын үрүҥ көмүс волонтерабын.

Сыралаах үлэм сыаналанан, Саха өрөспүүбүлүкэтин уонна Ст. Васильев сопхуос бочуоттаах бэтэрээнэбин, Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕобун, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Лига Отцов», “Народное признание” уопсастыбаннай хамсааһыннар бэлиэлэрин хаһаайыннарабын. Сыл аайы ыытыллар Бүлүү бөлөх оройуоннарын бэтэрээннэрин спартакиадатыгар бальнай үҥкүү күрэҕэр быйыл 2 миэстэҕэ таҕыстыбыт. Сунтаарга буолбут спартакиадаҕа 3-с миэстэннэн дуоһуйбуппут. Эһиил Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар спартакиадаҕа кыттыахпыт.

Олох үөһүгэр сылдьарбыттан астынабын. Кырдьыыга бэринэн сытан-олорон хаалыаҕы баҕарыллыбат. Сааһырдыбыт диэн олорон хаалымаҥ, уопсастыбаҕа туһалаах дьон буоларбытын умнумуоҕуҥ. Кырдьаҕаһы хааһахха илдьэ сылдьан сүбэтин-аматын ылыҥ диэн норуот мээнэҕэ өс хоһооно оҥорботоҕо. Ону хамсыырбыт тухары тутуһуоҕуҥ», — диэн бэйэтин туһунан кэпсээнин түмүктүүр биир санаалааҕым, уопсастыбаннай хамсааһын көхтөөх кыттааччыта Виталий Спиридонович.

«Ньурба оройуонун Маалыкай нэһилиэгэр “Иэйиэхсит»түмсүү тэриллибитэ 1995 сылтан, быйыл 28 сылбыт буолла. Михайлов Виталий Спиридонович туһунан кэпсиир буоллахха, биһиэхэ 2014 сылга киирбитэ, онтон ыла тохтоло суох бэриниилээх уопсастыбаннай үлэҕэ биир саамай көхтөөх киһибит буолар. Кинини кытта сэргэ өссө биэс эһээлэр биһиги түмсүүгэ киирбиттэрэ. Буолар тэрээһиннэрбитигэр бастакыннан кыттан, сүбэлэһэн, салайсан  тэбис тэҥҥэ сылдьар киһибит. Мин салайааччы киһиэхэ «уҥа илиим” диэтэххэ сыыспатым буолуо.

Виталий Спиридонович чахчы көлүөнэ ыччакка үтүө холобур буолар киһи. Эдэр сылдьан спордунан утумнаахтык дьарыктаммыта, арыгы, табаах диэни билбэтэх киһи. Сылын аайы түмсүүбүт дьонун мотуордаах тыыннан, айылҕалыын алтыһыннаран, үөһэ Марха өрүс устун лууктуу, балыктыы илдьэ баран сынньатан кэлэр үтүө үгэстээх.  Сайын аайы бэйэтин техникатынан  отоннотор.

Кини дэгиттэр талааннаах киһи диэхпин баҕарабын, ол курдук хоһооннору, кэпсээннэри суруйар, ыллыыр, түмсүүбүт иһинэн баар үҥкүү ансаамбылын чилиэнэ. “Эбээ, эһээ үөрэҕэ” диэн оҕо сынньалаҥ лааҕыра тэрийбиппит, онно бастакыннан суруйтаран баһаатай буолан элбэх үлэни ыыппыта. Сиэри-туому тутуһуу, айылҕаны кытта хайдах алтыһары, туһах, хапкаан хайдах уонна ханнык кыылларга иитэри, эт-хаан өттүнэн эрчиллиилэри. Виталий Спиридонович элбэх сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх буолан, сайыҥҥы кэмҥэ оттуур, билиҥҥэ диэри токур хотуурунан охсор, «киһи этэ-сиинэ ордук эрчиллэр” — диир, сааһын мас мастыырын сөбүлүүр. Кини салайыытынан сыл аайы соҕотох, элбэх оҕолоох  ийэлэргэ, кырдьаҕас дьоҥҥо  кыстыыр мастарын бэлэмнээн көмөлөһөбүт.

Виталий Спиридонович түмсүүбүтүгэр саамай тутаах киһибит буолар. Билиҥҥэ диэри бураанынан сылдьан, 200 км. өбүгэлэрин сирдэриттэн бултаан кэлэр, чахчы үлэһит  киһи. Урут сопхуоска, сылгы собуотугар, билигин хаһаайыстыбатын көрөрүн быыһыгар уопсастыбаннай үлэннэн нэһилиэгин, оройуонун иһигэр эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымыгар тиийэ үлэлэһэр, чахчы дьон туһугар сүүрэ-көтө сылдьар. Түмсүүгэ Виталий Спиридонович курдук киһи баарынан киэн туттабыт.  Өр сылларга доруобай сырыттын диэн баҕа санаалаахпыт. Быйылгыттан нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн буолла, онон үлэтэ өссө элбээтэ», — диэн кэпсиир Саха сирин эригийиэнин “Дууһабытынан эдэрбит” киин үрүҥ көмүс волонтера, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар «Тыа ыала» бырайыак ааптара,“Иэйиэхсит” түмсүү салайааччыта Елизавета Егорова.

Ити курдук, дьоһуннаах сааска сылдьар дьоммут олорон хаалбакка, олохпут сайдарын туһугар сэмэй кылааттарын киллэрсэн, ыччакка үтүө холобур буолан, үөрэ-көтө бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, бииргэ сынньаналларыттан астынан, араас улуустартан түмсэн, үгүс дьоннуун билсиһэн доҕордоһоллоруттан ама ордук туох кэлиэй?!

Сылаас сыһыан дьиэҕитин сылыттын, кэрэ дьикти түгэннэр кэккэлэһэн киирдиннэр, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ ситиһиилэрэ өрүү үөрдэ турдуннар диэн баҕа санаабын тиэрдэн, бэчээккэ бэлэмнээтим биир санаалааҕа

Валентина Сартаева-Васильева, Дьокуускай.