Саҥа күн чаҕылыйа үүннэ, онуоха эбии сырдыктан сырдык ып-ыраас сонун ымыы чыычаах буолан көтөн кэлэн дууһабын хамсатта, үөрүүнэн толордо. Ол курдук олохтоохтор хас да сыл устата ааспыт үйэҕэ 1929 сыллаахха тутуллубут Марха оскуолатын дьиэтин Арассыыйа норуоттарын историятын уонна култууратын эбийиэктэрин реестригэр киллэрэргэ баҕа санааны иитийэхтии сылдьыбыттара. Кэм-кэрдии хаһыҥнара хаарыйбаттар, төттөрүтүн өссө сүдүтйэ турар. Ити да буоллар орто туруу бараан дойдуга бүппэккэ сүппэккэ тоһоҕолонон хаалбыт диэн суохха дылы.
Онон хаһан эрэ судаарыс тыба тутуутун уонна норуот архи тектуратын холобурунан буолбут оскуола дьиэтэ харахпыт далыт тан симэлийиэн сөптөөҕө. Билэр бит курдук, дойдубутугар сыллата 200 история уонна култуура паа матынньыктара сүтэллэр көтүмэх сыһыантан уонна эргэрэн.
Хомойон да хоргутан да олору төннөрбөккүн, арай курус тыын кууспатын туһугар кэнчээри ыччаппытын санаан ураты сирдэр битигэр, тутууларбытыгар ураты болҕомтону ууруохтаахпытын суруллубатах сокуонунан ааҕыахха дуу.
Бу чааһыгар Таркаайылары хайгыахха эрэ сөп: дирээлэһэн туруорсаннар, кэпсэтии бөҕөнү ыытаннар, суруктары тиһэннэр сыалларын ситтилэр. От ыйын 15 кўнўгэр СӨ култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыс тыыр департамент олохтоохторго кэтэһиилээх үтүө сонуну иһитин нэрдэ: Марха оскуолатын дьиэтэ, историческай култуурунай суол талаах эбийиэк быһыытынан би линиллэн Арассыыйатааҕы реестргэ киирдэ!
Маннык үөрүүлээх түгэн үрүҥ айыылардыын быстыспат ситим нээх аатырбыт алгысчыт Алиса Михайловна кэрэкээн тылларынан эбии киэркэйдэ, кырдьаҕас оскуола тэлгэһэтигэр айбыт туппут өбүгэлэр барахсаттар куттара билиннэ, ураты сылаас илгийдэ, сырдык сыдьаайа сандаарда…
Матрена Тимофеева, Пантелеймон Петров ааттарыгар бараммат барҕа махтал тыллара этил лиэхтэрин этилиннилэр. Саас сааһынан кылгастык кэпсээтэххэ, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР социальнай хааччыйыы тын туйгуна, үлэ уонна социальнай сайдыы бочуоттаах бэтэрээнэ, саха маанылаах Далбар Хотуна, Марха оскуолатын попечителэ Матрена Тимофеевна Тимофеева киинэ түспүт Хатыҥ Сыһыытын күннэтэ ахтар саныыр төлөннөөх хоммуньуус, чаҕылхай советскай партийнай үлэһит оччоттон баччаҕа диэри төрөөбүт түөлбэтигэр көмөтө-кыһамньыта ааһан ситиллибэт.
Билигин 80нун аастар да общественнай үлэтин өрө тутар. Дьокуускай буоллун, Таркаайы, Хорула да буоллуннар. Хатыҥ Сыһыы Өтөөкүтүгэр аҕата Тимофей Антонович, дьоно Боһууттар, Алабыайалар ааттарын кэриэс тээн кэм кэрэһитэ буолбут ытык сэргэни сакральнай өйдөбүнньүк оҥорон нэһилиэк кэрэхсэбиллээх сирин (достопримечательность) ахсааныгар киллэрбитэ.
Өссө 2017 сыллаахтан куорсун анньынан кынатын үүннэрэн үүммүт сайдыбыт оскуолатын Арассыыйатааҕы реестрга киллэттэрэр туһугар туох баар кыһамньытын уурта, институттар исписэлиистэрин тўмэ тарпыта. Ураты ытык тутуу, норуот үөрэҕириитигэр сүрүн аналын чиэстээхтик толорбут оскуола испиэһэккэ киирэригэр учуонай П.П. Петров үгүс сыратын ууран, докумуоннары хомуйан дакаастаан история култуура экспертизатын оҥорон туох да мөккүөрэ суох статус ылылынна.
Эдьиийбин Матрена Тимофеевнаны эҕэрдэлиирбэр кини оскуола дириэктэрдэригэр И.Н. Иннокентьевка, В.Н. Иннокентьевка, учуонай Пантелеймон Петровка, Таркаайы олохтоохторугар махтала муҥура суох улахан, биир миссиябын толордум, салгыы үллэһиэм, суруккар миигин ахтыма диэбитин ончу ылымматым. Үтүө дьыаланы оҥорбуттары өрүүтүн алгыс алыптаах тыллара арыал лаатыннар, харысхал куттаах тыл лар хахха дурда буоллуннар!
Ааспыт кэм ааспат амтана буолбут оскуолабыт аны судаарыстыба харыстабылыгар киирдэ, онон федеральнай со куонунан сүрүннэнэр. Санаттахха, Саха сиригэр тыһыынчаттан арыый тахса култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрэ булуллан тураллар, о.и. Марха оскуолата.
Өбүгэлэр үлэлэрэ ситиһиилэрэ өлбөөдүйүө суохтаах оскуоланы кимнээх туппуттарын билээри токоолостум да элбэҕи билбэтим. Өрүү буоларын курдук киэҥ куоҥ билиилээх, былыргыны сыыска-буорга түһэрбэккэ харыстыыр, дьиҥ чахчы дойдумсах киэнэ бастыҥа Марианна Семеновна Маяровскаяҕа тиийдим, урут да көмөлөспүтэ халлаан сулуһунуу элбэҕиттэн.
Урутаан эттэххэ, кини көҕүлээһининэн 30 ус сыллардааҕы табаарыстыба икки этээстээх ыскылаата былырыын сарайдаммыта. Өссө да үйэлэргэ туруоҕа. Кини нэһилиэстибэ пааматынньыга буолбат, «достопримечательность наслега» дэнэр, бу үчүгэй. Марианна Семеновна кинигэ уларыста, онно Марха оскуолатын тутуутун туһунан Чаппанда олохтооҕо 79 саастаах Дмитрий Алексеевич Яковлев 2004 с. суруйбут ахтыыта маннык эбит: «Марха оскуолатын маҥнайгы дьиэтин С.П. Алексеев- Боһуут уонна быыбарынай кулуба Кривогорницын тэрийиилэринэн Чаппанда дьоно: («Кыым» холкуос территориятыгар) Таккыаччы Иннокентий, Герасим Яковлев, кэлин оскуолаҕа ўлэ уруогун уһуннук үөрэппит С.С. Никифоров Дырбыкы прорабтаабыта, төрдүстэрэ Халанников буолан туппуттара. Барахсаттар уус да дьоннор быһыылаахтара. Модьу баҕайы бэрэбинэни төрдүн төбө түн биир тэҥ гына суораллара. Мин уончалаах уол сылдьан туталларын көрөр этим…». Ааҕааччы тиэкискэ «маҥнайгы дьиэтин» диэҥҥэ хараҕын хатыыра наада. Оттон реестргэ киирбит оскуола дьиэтэ иккис буолар. Ол курдук 1914 с. аһыллыбыт оскуола үс кылаастааҕа, оттон 1931 с. оскуола «школа крестьянской молодежи» диэн ааттаммыта, 1943 сылтан сэттэ кылаастаммыта.
Хомойуох иһин 1929 с. норуот күүһүнэн тутуллубут оскуолаҕа кимнээх үлэлээн хамсаан аас пыттара хаһан эрэ баар курдук үһү да… Баҕар, ханна эрэ хараллан сытара буолуо, оччотугар сибээстэһэрбит хайаан да наада, улаханнык эрэнэбит уонна урутаан махтанабыт.
Афанасий Иванов